ДЬИКТИ УОЛ ЭТЭ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Дьикти уол этэ», — диэн Семен Трофимович Николаев өлүөр диэри умнубакка уос номоҕо оҥосторо. Ол төрдө маннык.

Саһар үрэҕэр Ынах Бастаах диэн балачча улахан күөл баар. Ол арҕаа баһыгар Ымыы Көрдүгэнэ диэн күөнэх уонна мунду балык бэркэ тохтоон сайылыыр даҕаны, кыстыыр даҕаны уута баар. Манна Ымыы оҕонньор сайынын туулаан, кыһынын куйуурдаан күөнэх, мунду бөҕөтүн хостуур. Мундутун мас үтэһэҕэ үөлэн, сылдьар ыалдьыттарын күндүлүүр. Ордук кыра оҕолору элбэхтик маанылыыр.

Ымыы оҕонньор бараммат-хороммот сэһэнин, остуоруйатын истэн, үөлүллүбүт мундутун тото-хана сиэн, күн арҕаалыы илигинэ дьиэтиттэн тахсыллыбат этэ. Төрөппүт үс оҕото, обургу буолаат, өлөн хаалаахтааннар, оҕонньор эрэйдээх олус оҕомсоҕо бэрт буолан, ким да кэлбэтэҕинэ тэһийбэккэ, элбэх оҕолоох Сааба диэн ыалга тахсан сэһэннээн, остуоруйалаан күнүн моҥуура. Ымыы оҕонньору оҕо эрэ барыта таптыыра. Ардыгар оҕолору Көрдүгэнигэр илдьэ киирэн туутуттан күөнэх, мунду бөҕөтүн хостуура. Ону астааннар, тото-хана сиэннэр, күн уһунун-кылгаһын билбэккэ аһараллара.

Ымыы оҕонньор быраатын уолун Тулаайах Хоноһо диэни иитэн, Ынах Бастаах күөл хоту кэриитигэр биэс-алта сүөһү киирэр холбуу хотонноох балаҕан дьиэни тутан биэрбитэ. Тулаайах Хоноһо Сэмэн уонна Өксүүнньэ диэн уоллаах кыыс оҕолоох. Кинилэр олорор сирдэриттэн чугас Батыгыраан өтөҕүн хоту кэриитигэр отучча киһи уҥуоҕа баар. Сорохторо лаппа эргэрбиттэр, кириэстэрэ охтубуттар, сорохторуттан харыйа, талах үүммүт. Маны «эҥээр киһитин уҥуоҕа» диэн ааттыыллара. Олор билигин даҕаны тураллар.

Алта-сэттэ саастаах Сэмэн диэн уолчаан бу киһи уҥуохтарыгар кэлэн соҕотоҕун оонньуур идэлэммитэ. Дьиэтиттэн көстө соҕус турар уонна ото-маһа олус үчүгэй буолан, онно түөрт-биэс сааһыттан сылдьара. Сэмэн оонньуура — сүөһү сыҕайын (бэрбээкэйин) уҥуохтара уонна бөдөҥ муостара. Киһи уҥуохтарын үрдүгэр сыҕай уҥуохтарын туруортаан баран муоһунан туура быраҕан оонньуур. Ардыгар бүтүн турар киһи уҥуохтарын ыал гынан, оонньуурдарын онно ууран, ыалга сылдьар киһи быһыытынан киһилии кэпсэтэн айаҕа хам буолбат. Ийэтэ Мааппа: «Киһи уҥуоҕар оонньоомо, абааһы кэлиэ», — диэн буойарын истибэт.

Сэмэн эһэтигэр Ымыы оҕонньорго тахсан үөлүллүбүт мундуну тото сиэн баран, биир үтэһэ мундуну ыһык ылан, киһитин уҥуоҕар кэлэн, сыҕайын уҥуоҕунан оонньуур. Өр оонньоон баран, дьиэтигэр киирэрэ чугаһаабытын кэннэ, мундутун сиэри барбыта: үтэһэлээх мундута ханна да суох буолар. «Мин аны эйиэхэ уурбаппын, эн куһаҕан эбиккин», — диэн барар. Сэмэн ити курдук аҕалар ыһык мундута хайа да киһи уҥуоҕар уурбутун иһин сүтэн хаалар адьынаттанна. Ханна сүтэрэ, туох ылара биллибэт.

Биирдэ Сэмэн таба бырахпакка турар сыҕайын эмискэ биир муос түҥнэри көтөн ааста уонна бэс чаччыкытын (чаччыгыныар) саҥатын курдук саҥа чачыгырыы түстэ. Сэмэн абарбыттыы кэннин хайыһан көрбүтэ — кинини курданарынан бадахтаах кыра уҥуохтаах, түүтэ да, таҥаһа да биллибэт кугас таҥастаах, лээбирбиккэ дылы кугас баттахтаах уолга маарынныыр оҕо ытыһын таһына-таһына күлэн чачыгырата турар эбит. Сэмэн куттаммата, абаран биир сыҕайы киһи уҥуоҕун үөһэ ууран баран эмиэ сыыһа бырахта. Ону били уол туура быраҕан түһэрэн баран, ытыһын таһына-таһына, эмиэ күлэн чачыгыратта. Сэмэн куттаммата, «дьикти уол эбит» диэн сөхтө эрэ. Ити курдук икки уол алта-сэттэ күн бииргэ оонньоотулар да, Дьикти уол сахалыы саҥарбат, бэс чаччыкытын курдук чачыгырыыр эрэ. Ол да буоллар, бэйэ-бэйэлэрин саҥаларын өйдөһөр курдук тэҥҥэ оонньууллар. Ол эрээри, Сэмэн аҕалар ыһык мундута сүтэрин курдук сүтэн иһэр. Дьикти уол аһыыра биллибэт.

Сэмэн үөлүллүбүт мунду сии олорон эһэтиттэн ыйытта: «Миигин кытта биир Дьикти уол оонньуур, ити туох буолуой?». Ымыы оҕонньор сиэниттэн Дьикти уол таҥаһын-сабын, быһыытын-таһаатын, төһө улаханын сиһилии ыйытан баран «өтөх иччитэ» буолуо диэн быһаарда. Итиэннэ: «Мин оонньуур оҥорон биэриэм, ону оонньуу сылдьан өйдөппөккө бэргэһэ курдук бүлгүнүгэр диэри батары баттаан кэбиһээр», — диэтэ уонна эргэ туу сүрэҕин көтүрэн, уолун бүлгүнүгэр кэмнээн сарбыйан баран, сарбыйбыт өттүн уһуктаан уолугар биэрдэ. Сэмэн илдьэ баран хайдах гыныахтааҕын хос ыйыттаэһэтэ эппитин курдук сүбэлээтэДьикти уол киэһэлик баар эрэ буолан хаалархантан кэлэрэ биллибэт.

Сэмэн туутун сүрэҕин бэргэһэ курдук төбөтүгэр ууран оонньуур сиригэр тахсан оонньуу сырыттауола эмиэ баар эрэ буолан хаалла.Киһи уҥуоҕун ойоҕоһугар оонньуу олорон туутун сүрэҕин Дьикти уол төбөтүгэр кэтэрдэн баран бүлгүнүгэр диэри саба баттаан кэбистэ. Уол чаачыгырыы-чаачыгырыы өтөх ортотугар сытар даҥ оҥкучаҕар сүүрэн киирдэ уонна сүтэн хаалла. Сэмэн баран көрбүтэ: туутун сүрэҕэ хайыта тыытыллан баран оҥкучахха сытар эбит. Сэмэн дьэ куттанна уонна эһэтигэр сүүрэн тиийэн туох дьайаан буолбутун кэпсээтэ.

Ымыы оҕонньор хаппыт от кыбынан, буор хаһар хоруурун ылан, Сэмэнин батыһыннаран, Батыгыраан өтөҕөр тиийдэ. Дьикти уол сүппүт даҥ оҥкучаҕын кырсын ыраастаан, кутуйах хороонун курдугу булан хаппыт оту симтэ, эбии абырҕал чохчолоон уматта. «Эн да буолларгын кэһэйэр инигин», — диэн оҕонньор улаханы ситиспит киһи быһыытынан, бэйэтин кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ, дьиэлээтилэр. Сэмэн бэртэх дьиэтигэр хаалла, эһэтэ бэйэтин дьиэтигэр ааста.

Итинтэн үс хонон баран Сэмэн ханньары тартаран, икки хараҕын тиэрэ көрөн тыла суох күүскэ ыалдьан хаалла. «Киһи уҥуоҕар оонньоомо диэн буойа сатаабыппыт да, оҕом котоку истибэккэ ити айылаах дьүһүлэннэ», — диэн Мааппа уолун аһыйан аймалҕан бөҕөтүгэр түстэ. Аны туран аҕата Хоноһо: «Эн оччо көрөөрөҕүн дэлби таһыйан аҕалбакка оҕобутун өлөр өлүүгэ сиэттиҥ», — диэн ытыы-ытыы уолугар саба түстэ. «Тоойуом, сибиэннээх сиргэ оонньоомо, былыр ити өтөх дьиэтэ бүтүн эрдэҕинэ, эбэ иччитэ күөх эбириэн оҕус буолан тахсан сайыҥҥы куйааска сөрүүкүүрэ үһү диэн кэпсииллэрэ», — кырдьаҕас эдьиийдэрэ Муччуку Мотурууна ытыы-ытыы эттэ.

Ымыы оҕонньор уот уурбутун туһунан истэ да, билэ да иликтэр. «Хоноһо уол оҕото чокуттаран ыараханнык сытар, тыыннаах эрэ сытар үһү», — диэн Саһар илин ыалларыгар ыарахан, курус сурах тарҕанна. Сэмэн бииргэ оонньуур доҕотторо ону истэннэр аһыннылар, ытаһыы-соҥоһуу элбээтэ.

Сүөдэркэ Маайа диэн табаарыс кыыһыныын, Сэмэни көрсө Хоноһолооххо бардылар. Сэмэн эрэйдээх сирэйэ сөрүөччү тардан хаалбыт, икки хараҕын үрүҥүнэн көрбүт. Уол дьүһүнэ уларыйбытын көрөннөр Сүөдэркэлээх Маайа ытаһа турдулар. Сэмэн ону истэн быһыылаах, төбөтүн, дьоодьоччу тардыбыт уоһун хамсатан саҥара сатаата эрээри, саҥата тахсыбата.

Тоҕус уонуттан тахсыбыт кырдьаҕас эдьиийдэрэ Муччуку Мотурууна оһоҕун абырҕалынан оттон баран, хара кылы субуйан ыла-ыла, уокка далбаатыы-далбаатыы: «Быар быһаҕастарга быгыалаамаҥ, түөс тоноҕосторго түбүлээмэҥ, сымыыттааҕар бүтэй уол оҕону сордоомоҥ, балыктааҕар кэлэҕэй улдьаҕай оҕону муҥнаамаҥ, антах атаарымаҥ, бэртэх гына охсуҥ даа», — диэн кылын быһыта тарда-тарда, уокка быраҕалаата. Сүөдэркэлээх Маайа итини көрөн турбахтаан баран, ытыы-ытыы дьиэлэригэр төнүннүлэр.

Сэмэн балаҕан ыйыттан ыла үтүөрэн, күөлүн кытыытыгар тахсан ат дулҕаҕа олорор буолла. Эһэтэ күөнэх буһаран, мунду үөлэн аһатар, бүөбэйдиир.

Уолчаан улам үтүөрэн ыалларыгар сылдьар, доҕотторун кытары оонньуур. Аны эҥээр киһитин уҥуоҕар сылдьарын ууратта.

Ити курдук Семен Трофимович Николаев Дьикти уолу кытта оонньоон былыр өлө сыһан турар. Сирэйэ көммүтэ эрээри, уоһа уонна икки хараҕа оннук хаалбыттара, көрөрө мөлтөөн улахан алаа буолбута. Киһи эрэ барыта «өтөх иччитин муодалаан ити буолбута» дииллэрэ. Ол төһө сөбүн ким билиэ баарай?

Сэмэн улаатан баран ликбиэскэ, онтон холкуоска тутуу кууруһугар үөрэнэн, «Кыһыл кэккэ» холкуоска бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, бэртээхэй хаһаайыстыбанньык буолбута. Биэнсийэҕэ тахсыар диэри эт треһигэр үлэлээн бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыта, үгүс хайҕал, махтал ылбыта. Сэмэн түөһүн элбэх мэтээл киэргэппитэ. Кырдьык даҕаны, киһи дьиктиргиир уола Сэмэҥҥэ аргыс буола сылдьыбыта эриэккэс түбэлтэ.

Г.Федоров, фольклорист

«Бичиккэ» тахсыбыт «Иччитэх өтөххө кииримэ” кинигэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0