Биир сайын уоппуска ылан, кэргэним дойдутугар сынньанан турабын. Ол сыл, кыһайбыт курдук, сир аһа соччо-бачча үүммэтэҕэ эрээри, ыраас көй салгыны тыынан, куорат быыллаах, дирбиэннээх-дарбааннаах олоҕуттан сынньанан, күүспэр күүс, кыахпар кыах эбиллибит курдук буолбутум.
Арай… арай биир түгэн өйбүттэн тахсан быстыбат. Баҕар, бэйэм оҥорон көрөр толкуйум олус оонньоон, көрүө суохтаах олоҕум кыра кэрчигиттэн көрбүт курдук буолбутум эбитэ дуу… Туох билиэй. Чэ, кэпсиим.
Бөһүөлэктэн, уонча көс эбитэ дуу, сопхуос сылгыһыттара олорбут, билигин иччитэхсийэн, быраҕыллан турар базалара баар эбит. Ол диэки дьон сылдьыбатын тэҥэ. Биһиги ол диэки сугун хойуутук үүнэр этэ диэннэр, мотуорканан барарга быһаарбыппыт. Сирдьиппит Силип диэн кырдьаҕас. Төһө да ыарытыйар үһү диэтэллэр, сааһыгар үгүстүк үлэлээбит сиригэр тылланан туран, барсар буолбутугар үөрбүппүт. Кэргэним дьонун гарааһын тута сылдьар буолан, биһигинниин барсыбатаҕа. Хас да күн аһыыр астаах, икки утуйар балааккалаах, ох курдук оҥостон алтыа буолан айаннаабыппыт. Мин хаһан да харахтаабатах сирим буолан, хантан билиэм баарай, бэлэм дьиэ баарын көрөн, тута күө-дьаа буолбутум: «Ээ, хата бу дьиэ олох сэнэх эбит буолбаат! Тоҕо да балаакка соһо сырыттыбыт?» Аргыстарым тоҕо эрэ сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиспиттэрэ. Силип: «Доҕоор, айылҕаҕа тахсыбычча, балааккаҕа ойуур саҕатыгар антах хонуохпут. Дьон сылдьыбатаҕа ырааппыт өтөҕөр кииримиэҕиҥ”, – диэбитэ. Атыттар оннук буолуохтааҕын эрдэттэн билбиттии, бэрт сорунуулаах баҕайытык салгыы хаама турбуттара. Мин таах ааһыахтааҕар, көрө таарыйа база диэки хаамыахча буолбуппар Лэкиэс: «Маайаа, кэл-кэл! Бу да кыыс, сүрэҕэ-бэлэһэ бөҕө, тиийэн уоппутун аһатыахпыт-хайыахпыт”, – диэн тоҕо эрэ сөбүлээбэтэхтии көрөөт, илиибиттэн инним диэки сыҕарыччы анньыалаан барбытын, сөбүлээбэтэрбин да, дьоммун батыстаҕым дии.
Ханна да буоларын курдук, сахалыы сиэри тутуһан айыылартан ааттаһан, аал уот иччитигэр сүгүрүйэн, анаан-минээн илдьэ кэлбит аспытынан, арыылаах алаадьыбытынан айах туппуппут.
Икки атахтаах тэпсилгэн оҥостубатах сирэ буолан, хайдах эрэ дьикти чуумпу сатыылаабыт дойдута этэ. Сугун олус да үүммэтэр, дэриэбинэ чугаһыгар эрдэ сылдьыбыт сирбитигэр холоотоххо, син ылахтаатахха, баар буолсу диэн, хааларга быһаарбыппыт. Аһаан баран хомуйбутунан барбыппыт. Ол быыһыгар бырдаҕа, күлүмэнэ суоҕа буоллар бэрт буолуо эбит диэннээхпит. Мунан хаалбат гына, ыраатымаҥ диэн эрдэттэн сүбэлэспиппит. Онон чугас-чугас сылдьан, кэпсэтэ-кэпсэтэ хомуйарга бэрт баҕайы этэ.
Киэһэ арыый эрдэ тахсан, отуу чэйин кытта дьиэ аһын аһаан, тотон-ханан баран, эр дьон туһунан, дьахталлар туһунан арахсан утуйардыы оҥостубуппут. Мин саҥаас Маанньаттан ыйытааччы буоллум: «Доо, ити тоҕо бэлэм дьиэҕэ хоммотубут? Мин сытар сирим мутуктаах дуу, хайдах дуу, соччо сытарга табыгаһа суох буолсу”. Онуоха кини кэпсиибин дуу, кэпсээбэппин дуу диэбиттии, чочумча саҥата суох сыппахтаан баран, сибигинэйии былаастаан: «Истибэтэҕиҥ дуо, киһиҥ кэпсээбэтэҕэ дуо? Итиннэ, биир киһи куһаҕан буолуоҕуттан ким да сатаан хоммот, сылдьыбат буолан турар. Олох “илэ сылдьар” дииллэр. Онон биирдиилээн эмэ сир асчыт, булчут да бу курдук тэйиччи түһэр буолбуттара ыраатта. Чэ, ону-маны кэпсэтимиэх, утуйуохха”, – диэбитэ. Мин соччо-бачча абааһы той диэни итэҕэйбэт киһи буолан, испэр “аата! Эр дьон, бэл, саастаах Силип саллар эбит буоллаҕа дуу” дии санаабытым да, таспар таһаарбатаҕым.
Түһээтэхпинэ, арай биир кэҥэс эбэ таһыгар сылдьар эбиппин. Былыр үйэ суох буолбут дьүөгэбин көрсө түһэбин. Тоҕо эрэ өлбүтүн билбэппин. Ирэ-хоро кэпсэтиэх курдук буолан истэхпинэ, ханна эрэ сүтэн хаалла. Онтон көрдөхпүнэ, дьон оһуокайдыы аҕай сылдьар. Ол диэки барыах курдук буолбутум, атаҕым сиргэ сыстан хаалбыт. Ити ыккардыгар оһуокайдьыттарым мэлис гыммыттар. Борук-сорук сатыылаабыт. Арай биир орто сааһын лаппа ааспыт, кубарыйан хаалбыт килиэккэ ойуулаах ырбаахылаах, сирэйин хаҥас өттүгэр мэҥнээх киһи киирэн кэлэр. Хараҕар улахан хом түһүү омооно көстөр. Хаһааҥҥыттан эрэ билэр киһилии кэпсэтэн киирэн барар. “Дьон кэллэ диэн үөрбүтүм, ханна баар?! Эмиэ ыраах куоттугут. Хайыа дииллэрэ эбитэ буолла, куттанан да биэрээхтииллэр. Акаары санаабар, сыыһа быһыыланан кэбиһэн, дьэ, эрэйи-муҥу муннубунан тэлэ сылдьаахтыыбын. Абалаах да баҕайы! Антах да билиммэттэр, бэттэх да аанньа ахтыбаттар. Чэ, эн куттаныма. Туһунан сылдьар сирдээхпин. Сугун анараа тумус ойуур кэннинэн … туһаайыытынан баар. Манна кураанахха сылдьаҕыт”, – диэт, эмискэ киирбитин курдук сүтэн хаалла. Мин иҥнибит атахпын араара сатыыбын да, хам сыстыбыта сыстыбытынан. Бэрт өр эрэйдэнним бадахтаах. Өссө саныыбын: «Лыыбырда курдук буолламый».
Сарсыарда уһуктубутум, күн чаҕылыйа тыгар. Бары бэркэ утуйан турбут чинчилээхтэр. Мин түүлбүн кэпсээбэтим. Түүлүм киһитэ сир аатын кытта эппитэ да, саатар, төбөбөр туппатахпын. Билигин да өйдөөбөппүн. Онон үлүбүөй, билиэх-көрүөх баҕам дэлэ дуо этэбин: «Тумус ойуур кэннэ диэн, аатын умнан кэбистим, ханан баарый?» Силип: “Ээ, оо-ол диэки баар. Кырдьык, хата, ол диэки баран ундаардаан көрөрбүт дуу? Онон сорох сыл үүнээччи”. Арааһа, кэргэнэ эппит дии санаата быыһылаах. Итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ, ол сиргэ, чахчыта да, сугун бөҕө үүммүтүн булан ылбыппыт. Иһиттэрбитин толорон, үөрэ-көтө дьиэлээбиппит.
Мин эбиэттиэх иннинэ, дьоммор эмиэ тугу да эппэккэ эрэ алаадьы, саахар, арыы ылан, биир бэс таһыгар уурбутум, биллибэт сирдьиппэр махтана-махтана, этэҥҥэ, моһуоктаабакка ыытарыгар көрдөспүтүм. Эмиэ да бэйэбин күлэ санаабытым, “түүлдьүт, абааһымсах” буоллаҕым дуу диэн.
Ол эрээри бөһүөлэккэ кэлэн баран, дьэ, кырдьык “айахпын аппытым”, устунан куттанан да ылбытым. Түүлбэр көрбүт киһибин ойуулаабыппар кэргэним: «Оттон ол кини дии! Оруобуна. Килиэккэлээх ырбаахыны сөбүлээн кэтэр быһыылааҕа. Суох да буоларыгар оннук таҥастаах буоллаҕына, көҥүл. Мэҥэ – чуолкай. Кэпсээмэ. “Абааһы” ыйбыт сиригэр ыҥыртаабыккын Маанньа сөбүлүө суоҕа. Хаарыан сугунун сиэбэппин да диэн турдаҕына көҥүл”.
Диэх да айылаах. Ол кэнниттэн, хата, туох да куһаҕан буолбатаҕа. Ол эрээри билигин ол сиргэ бараҕын дуо диэтэллэр, кэбиис, аккаастанабын. Туох эрэ баар быһыылаах, абааһы диэххэ сөп эбитэ дуу, туох дуу? Ама да, оҥорон көрүүм улаханын иһин, бокуонньук, мэҥнээҕин, сирэйин-хараҕын хантан билиэм этэй. Дьикти ээ?
Батсаап «Иччилээх кэпсээннэр» бөлөҕүттэн. Ааптар арпагырааппыйата уларыйбата.