Дьикти: кыһыҥҥы тымныыга тоҥуу хаарга түспүт оҕо хайдах тыыннаах хаалбытай?
Бу түбэлтэни Александр Аргунов аҕабыыт 1913 с. “Якутские Епархиальные Ведомости” сурунаал 17-с нүөмэригэр бэчээттэппит.
«1908 с. ахсынньы ыйга Байаҕантай сэлиэнньэтигэр (Баайаҕаҕа) аҕабыытынан үлэлии сырыттахпына буолбута. Ахсынньы 17 күнүгэр IV Байаҕантай нэһилиэгэр тиийбиппит. Ородобуой бырааба дьиэтигэр араас кыһалҕалаах үгүс киһи мустубут этэ. Таҥараҕа тиксэ кэлбит дьону сэргэ ыарыһахтар, сүбэҕэ наадыйааччылар, оҕолорун сүрэхтэтэ аҕалбыт төрөппүттэр бааллара. Ахсынньы тымныыта бэйэтин биллэрбитэ.
— Дьэ, улахан тымныы түстэ, киһиэхэ да, сүөһүгэ да ыарахан күннэр үүннүлэр, – диэн чаччыына биһиги уокка иттэ турарбытын көрө-көрө кэпсэтиини саҕалаабыта…
Ити икки ардыгар сылабаар оргуйбута, дьиэлээхтэр биһигини чэйгэ ыҥырбыттара. Чэйдии олордохпутуна халлаан хараҥаран барбыта, балаҕан иһэ саҥаттан саҥа дьонунан туолан испитэ. Дьон турар да, олорор да сирэ суох буолбутун көрөн, мин чаччыынаҕа чугастааҕы ыаллартан оҕолорун сүрэхтэтиэн баҕалаахтары уонна ыарыһахтары хомуйан киллэртэрэригэр эппитим.
Чэйдээн бүтэрбитин кытта, лөчүөк айаҥҥа илдьэ сылдьар миэтирикэбит тэтэрээтигэр оҕолору сүрэхтээһин дьыалатын толорбутунан барбыта. Ол кэмҥэ аан аһыллыбыта, ону кытта тэҥҥэ аан туман өрө оргуйа түспүтэ. Таһыттан икки саха дьахтара киирэн кэлбиттэрэ, таҥараҕа кириэс охсунан баран, көмүлүөккэ илиилэрин сырайбыттара, биирдэстэрэ умайа сытар хардаҕастары көннөрөн биэрбитэ. Балачча иттимэхтээн, тула өттүлэрин сыныйан көрөн баран: “Кэпсээҥҥит”, – диэн саха дьонун үгэһинэн кэпсэтэн барбыттара. Мин кинилэртэн туох наадаҕа сылдьалларын ыйыппыппар, биирдэстэрэ оҕолорун сүрэхтэтэ аҕалбыттарын эппитэ. “Оҕолоргут ханналарый?” – диэбиппэр, дьахтар оҕолоохторун саҥа өйдөөбүттүү: “Таһырдьа бааллар”, – диэн хоруйдаабыта, аргыһыттан оҕолору тахсан киллэрэригэр көрдөспүтэ. Дьахтар тахсан барбыта, сотору үрүт үрдүлэригэр ууруллубут икки биһиги көтөҕөн киллэрэн, сыҥаһа орон үрдүгэр уурбута. Дьахталлар иттимэхтээн баран, лөчүөккэ тиийэн суруйтарбыттара. Ол кэмҥэ мин оҕолор кириэстэрин түҥэппитим уонна оҕолору сүрэхтээһини саҕалаары бэлэмнэнэллэригэр көрдөспүтүм.
Эмискэ икки дьахтартан биирдэстэрэ сүр хатаннык часкыйаат булумахтана түспүтэ, тугу эрэ саҥара-саҥара, балаҕан тула сүүрбэхтээбитэ. Бары соһуйан ходьох гына түспүппүт. Балаҕан иһигэр мустубут, тугу да өйдөөбөккө турар дьон дьахтартан туох буолбутун ыйыталаспыттара. Кэмниэ кэнэҕэс билбиппит, дьахталлар биһиккэ уган аҕалбыт икки оҕолоруттан биирдэстэрэ аара суолга түһэн хаалбыт! Оҕолоох дьахтар кэпсээнинэн, оҕону сыгынньахтыы куобах суорҕаҥҥа суулаан сытыарбыта үһү. Аара, быраабаттан биэс биэрэстэлээх ыалга, тохтоон ааспыттар. Биһиктэрин доруобуна сыарҕа кэннигэр баайан испиттэр, биир дьахтар оҕуһу мииммит, иккиһэ сыарҕа иннигэр олорбут. Ити курдук айаннаан иһэн, алта ыйдаах оҕо аара түһэн хаалбытын билбэккэ хаалбыттар. Иэдээннээх быһыы. Таһырдьа ынырык хараҥа, эбиитин аан туман оргуйар. Онон, дьиэҕэ баар дьон бары оҕо тоҥон өлбүтүгэр саарбахтаабаталлар да, таһырдьа тахсан балаҕан тулатын, сыарҕа таһын көрбүттэрэ да, тугу да булбатахтара. Инньэ гынан, оҕо ийэтэ уонна дэһээтинньик уол дьахталлар кэлбит суолларынан оҕону көрдүү ыстаммыттара.
Барбыттарын кэннэ, оҕо тыыннаах буоллаҕына хаарынан сотоору, мин хаар бэлэмнэппитим. Онно баар бочуоттаах кырдьаҕас Егор Неустроев: “Баачыка, туһата суохха сордоноҕун, оҕо өлбүтэ буолуо”, – диэбитэ. Чаччыына: “Силлээтэххэ силиҥ сиргэ тиийбэккэ эрэ тоҥор хабараан тымныытыгар икки чаастан ордук хаарга сыппыт сыгынньах оҕо хантан тыыннаах хаалыаҕай? Көрбөккүн дуо, көрдүү барбыт да дьоммут өтөрүнэн төннүбэтилэр”, – диэн кулуба этиитин бигэргэппитэ.
Ол кэмҥэ ааммыт аһылла түһэрин кытта: “Оҕо тыыннаах”, – диэбитинэн дэһээтинньик көтөн түспүтэ. Сонун иһиттэн кып-кыһыл гына тоҥмут оҕону таһааран сыҥаһа ороҥҥо уурбута. Оҕо дьигиһийэрэ, саҥа таһаарара, уоһа хааннырбыт этэ, айаҕыттан кытархай күүгэн тахсара. Ол да буоллар, кинини бэрт түргэнник сүрэхтии охсубуппут, ол кэннэ эрдэ бэлэмнэммит хаарынан соппуппут. Оҕону мантан биэрэстэ кэриҥнээх сиртэн, суол кытыытыгар хаарга тобулу түһэн сытарын булбуттар. Сыппыт хаара мууһуран хаалбыт үһү.
Ийэтэ онто да суох тоҥмут оҕону хаарынан соппоппутугар, киниэхэ биэрэрбитигэр, уокка ириэрэр наадатын туһунан көрдөһө сатаабыта да, биллэн турар, биэрбэтэхпит. «Оҕоҥ тыыннаах, баҕар, быыһаныа», – диэн уоскуппуппут. Итини истээт, дьахтар кириэстэммитэ уонна кини кыыһын быыһаабытын иһин, Таҥараҕа махтаммыта. Соһуйуохпут иһин, кыыс тыыннаах хаалбыта. 1911 с. мин кинини муус доруобай сылдьарын көрбүтүм. Бу түбэлтэ өйтөн була сатаан оҥоруу буолбатаҕын Баайаҕа таҥаратын дьиэтин баачыката Григорий (Малышев) да бигэргэтиэн сөп…»
Бу быһылаан туһунан 1991 с. Егор Андросов сиһилии ырытан “Дьикти түбэлтэ” диэн ыстатыйаны суруйбута. 1908 с. ахсынньы 17 күнүгэр IV Байаҕантайга Баайаҕаттан аҕабыыт кэлбитигэр оҕолорун сүрэхтэтэ Аан Дойду диэн сиртэн Турчин Лөгөнтөй сыарҕалаах оҕуһунан кэргэнэ Ылдьаана, түөрт ыйдаах кыыһа уонна Сөдүөччүйэ диэн хараҕа суох эмээхсин алта ыйдаах сиэнэ кыыстыын айаннаабыттар. Ол иһэн, кыһыл оҕо сыгынньаҕын бытарҕан тымныыга сыарҕаттан түһэн хаалбытын Табаҕаайы диэн өрүстэн тахсар аартыктан булбуттар. Кэлин бу оҕо Анна Готовцева диэн ааттанан, үйэтин моҥоон өлбүт. Үлүйбүт оҕону ириэрэллэригэр, онно сылдьыспыт Миитэрэй Неустроев кулуба биир иһит испиирин аҥаарын биэрэн оҕону сууйтарбыт уонна: “Өскөтүн оҕо өлбөккө сэттэ сааһын ситтэҕинэ, иһит аҥаара испиирим төлөбүрүгэр, сокуоннай сааһын ситиэр диэри хамначчыттыах тустаах”, – диэбит. Ол испиир аҥаарын соболоҥор, Аана 16 сааһыгар диэри бу баайга хамначчыттаабыта үһү. Кэлин ыал буолан, уон алтата оҕоломмутуттан сэттэ оҕото киһи-хара буолбут. Бэйэтэ 78 сааһыгар, 1986 с. Ытык Күөлгэ кыыһыгар Полина Башаринаҕа олорон өлбүт. Ааттаах иистэнньэҥ, иһитчит идэлээх, киэҥ-холку майгылаах, айылҕаттан олус муударай, аһаҕас дууһалаах, нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ дириҥник ытыктыыр, таптыыр киһилэрэ эбитэ үһү.
“Алдан кэскиллээх кытылыттан” кинигэттэн, Таатта аатырбыт кыраайы үөрэтээччитэ Егор Андросов суруйуутуттан кылгатан бэрилиннэ “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru сайтка анаан.