Дьикти кэпсээн

Ааптар: 
12.02.2021
Бөлөххө киир:

2019 с. Дьокуускайдааҕы офтальмологическай киин сытар балыыһатыгар эмтэнэр кэммэр биир дьикти кэпсээни истибитим.

Кэпсээччим Алексеев Григорий Данилович 1939 сыллаахха тохсунньу 17 күнүгэр төрөөбүт, Бүлүү Балаҕаччытыгар олорор. Григорий Данилович оччотооҕу олох сиэринэн бастаан холкуос, онтон сопхуос хара үлэҺитэ буолбут. Субай сүөһү бостууга, отчут уонна масчыт, тутааччы уонна хачыгаар эбит. Кини оргууй саҥарар саҥатын дорҕоонун истэн, бэрт кэпсээннээх кырдьаҕас кэлбит ээ, быһыыта, онон хоһугар киирэн сэһэргэстим. Дьэ, бэрт сэһэннээх кырдьаҕас буолан биэрдэ. Дыгын саҕаттан саҕалаан күн бүгүҥҥэ диэри сэһэнэ-сэппэнэ элбэҕин сөхтүм. Олортон биир дьикти кэпсээнин ааҕааччыларга тиэрдиэхпин баҕарабын. Урукку дьылларга Орто Бүлүү Хампатыгар бас бэринэр кулубалаах эбиттэрэ үһү. Ол саҕана, нууччалар кэлэннэр олохсуйаннар, Саха сиригэр саха дьоно эмиэ атыыһыт-силик (кэпсээнньит тыла) буолан барбыт кэмнэриттэн кэпсээнин саҕалааҺына эмиэ ураты. Чэ, саас сааһынан кэпсээтэххэ маннык:
— 1942 сыллаахха сут саҕаланыыта этэ. Онтон 1943 сылга, дьэ сүдү сут кэлбитэ. Ол саҕана Сиэккэ, биһиэхэ даҕаны, киһи-сүөһү бөҕө өлбүтэ. Ити кэмҥэ Саха сирин салалтатыгар уларыйыы тахсыбыта. Нуучча киһитэ уҺуллубута, кини оннугар саха И. Е. Винокуров олорбута. Саха АССР совнаркомун бэрэссэдээтэлэ Илья Егорович Винокуров 1944 сыл диэки бу оройуоттары кэрийэн, хайдах гынан дьону хоргуйууттан быыҺыыр туҺунан толкуйдуу сатыыр. Кырдьаҕастары кытта сүбэлэҺэн, муҥхаҺыттары мунньан иэдээн буолла, дьоҥҥутун өрүҺүйдэххитинэ эҺиги эрэ өрүҺүйүөххүт диэн, онноҕор, сүбэ ыыта сылдьыбыта. Инньэ гынан, бурдук үүннэриититтэн ас тахсыан сөп диэн этиитин киллэрэр. БиҺиги сирбит бүүс бүтүннүүтэ ойуур, ону кытта күөл. БиҺиэхэ хонуу диэн сир суох. Ол быҺыытынан, өскөтүн, биҺиги бурдук үүннэрэр буоллубут даҕаны, ойууру солуурга күҺэллэбит. Дьэ, ол алдьархайдаах үлэлээх буоллаҕа дии. Ойууру охтороҕун, силиҺин түөрэтин оруугун, ол ону табыыканан табыйаҕын. Онно эн хайдах да гынан, төҺөнү да өнүйбэккин. Билиҥҥи курдук тыраахтар кэлиэ дуу, барыта илии үлэтэ буоллаҕа. Онон буоллаҕына, колхуос аайы баччалыы гаа сири, кытаатан, хорута сатааҥ диэн былаан түспүтэ. Балаҕаччыттан үс килэмиэтирдээх сиргэ Амыыкаан диэн күөл баар. Ол Амыыкаан күөл уҥуор, уруккуттан сүдү улахан өтөх сытар. Элбэх киҺи-сүөҺү тэнийэн олорбут өтөҕө. Ол кэмҥэ бу өтөҕү киҺитэ-сүөҺүтэ аҕыйаабытын быҺыытынан, сирин хорутуохха диэн, Николаев Түмэпий оччолорго эдэр киҺи, колхуоска биригэдьииринэн, сэбиэт сэкирэтээринэн, сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, эҥин үлэлии сылдьыбыт киһи салалтатынан ол өтөҕү булуугунан таттарбыттара. Ол таттара сылдьаннар, арай, аллара, сир кырсын тиэрэн таҺаарбыттара, оҥкучах сабыытын курдук мас тэлгэнэ сытарын булбуттара тиэриллэн тахсыбыт. Ону ыһаннар өҥөйөн көрбүттэрэ, арай, аллара сүрдээх дириҥ оҥкучахтаах эбит. Ол оҥкучахха түҺэннэр, кэрийэн көрө сылдьан көрбүттэрэ, сүрдээх уҺун көҥдөй дүлүҥ сытар эбит. Былыр туоҺу бүтэйдии буорга көмө сытыаран уматан, тыын тахсыбат гына оҥордоххо, оччоҕуна ыас курдук хара, ити рубероид курдук тахсан кэлэр эбит. Ол дүлүҥ түөрэтэ сымаланан сыбаммыт уонна оннугунан бүтэйдии сотуллубут эбит. Дүлүҥү хайыта охсоннор көрбүттэрэ, арай ол ис көҥдөйө бүүс-бүтүннүү тобус-толору сылгы сыатынан хаалана сылдьар. Бу сылгы сыата хайдах эбитий диэн сэрэниин-сэрэнэн амсайан көрбүттэрэ, үчүгэй эбит. Инньэ гынан, аччыктыы сылдьар дьон ол сылгы сыатын сиэн абыраммыттар. Онтон, дьэ, бу хантан маннык олох төрүт былыргы сылгы сыата манна баар буолбутай диэн улахан толкуйга түспүттэр.
Дьэ, ыйыталаҺан түөрэн-түөрэн быһаарбыттара, урут бу өтөххө саха атыыһыта, 40-лаах киҺи олоро сылдьыбыт. Өрдөөҕүтэ, нуучча былааһа саҥа олоҕуран эрдэҕинэ. Ол киҺи таһынааҕы Дьэбдьийээн, Амыыкаан, Дьабдакыыт, Быһыттаах, Хампа диэн күөллэр ууларын дьонунан түҺэттэрбит. Онон ходуһа сирэ тахсан от бөҕө үүммүтүгэр, кини аҥардастыы сылгыны ииппит. КүҺүн, тымныы түспүтүн кэнниттэн, идэҺэлэнэн, сылгытын этин улахан обуоска тиэйэн, Дьокуускайга атыылыы барар эбит. Куораттан нуучча малын-салын, иһитин-хомуоһун аҕалан атастаҺар. Ыаллар ордук арыыларын туттарар буолбуттар. Эбиитин кини, биҺигиттэн тыа диэки Өлөөнүнэн, Булуҥунан, Эдьигээнинэн, ити дойду булчут тоҥустарын кытта билсэн түүлээхтэрин хомуйар идэлэммит. Түүлээхтэрин Дьокууускайга эргитэн, онно сээкэй атыылаҺан ол тоҥустарыгар түҥэтэр эбит. Оттон ол тоҥустарыгар хаҺан барытыгар ситэн сылдьыаҕай?! Онон баай, сэниэ соҕус тоҥустарга, кини “атас” диэн табаарыстаһар дьоннорун булар эбит. Ол дьонноро, олохтоохтору билэр буоланнар, түүлээҕи хомуйан киниэхэ туттарар эбиттэр. Билиҥҥинэн эттэххэ тиксиҺиннэрээччи (посредник) буолаллар. Оттон атыыһыт кинилэргэ буорах, саа-сэп, тимир иҺит онтон да атын наадалаах тэриллэри аҕалар. Ол сылдьан, бу киҺи түөрт уонча сааҺын туолан баран, сүүрбэччэлээх эдэр кыыһы ойох ылан, дьэ туох да ааттаахтык олорбут. Тоҥустар “атастара” күҺүн кини барар кэмин саҕана түүлээхтэрин аҕалан туттарар эбиттэр. Оччолорго сырыы бу куоратынан буолбакка эрэ, быһа Балаҕаччыттан ити Хампанан киирэн Дьокуускай суолунан айаннааҺын эбит. Онно 2-3 ый устата эргийэн айаннаан төннөллөр. Олус улахан эрэйдээх сырыы буолар эбит. Биир күҺүн киһибит эмиэ хомунан, обуос бөҕөтүн тэринэн, дьон бөҕөнү наймылаҺан айанныыр. Ол барбытын иккис күнүгэр дуу, үҺүс күнүгэр дуу тоҥус сириттэн Атаһа түүлээх хомуйан киирбит. Дьиэлээх түөрт-биэс ыйынан кэлиэхтээҕин үрдүнэн: “Чэ, оччоҕуна, бачча кэлэн баран, көһүппэккэ эрэ барбаппын”, — диэн атыыһыт дьиэтигэр найыланан сытынан кэбиспит. Онтон үргүлдьү, били, дьиэлээх дьахтары кытта кэргэннии курдук олорбуттар. Ол былыргыга диэн улахан Һүдүкээннээх айыы.
АтыыҺыппыт эргиэнин барытын ситэрэн, эргиэмсибит (кэпсээнньит тыла) атыытын төттөрү тиэйэн, аны дьоннорун дойдуларыгар ыыталаан кээҺэр. Онтон кини бэйэтэ куоракка хаалан үрдүкү дьыалатын ситэр. Атыыһыт ааттаах сытыы, түргэн, тулуурдаах аттаах эбит. Инньэ гынан, ол ааттаах атынан обуостарын ситэн, аара баай ыалларга хоно-хоно айанныыр. Кини дьонноро дьаамтан дьаам курдук сылдьаллар эбит. Оччолорго үс аҥаардыы- түөртүү көс буола-буола дьаам баар. Ол курдук айаннаан обуостара Хампаҕа кэлбиттэр. Онтон киэҺэтигэр атыыҺыттара эмиэ Хампаҕа кэлбит. Хампаҕа кэлбитигэр Балаҕаччыттан сылдьар дьон баар эбит. Уонна, дьэ, кэргэниҥ оннук буола сытар, маннык буола сытар диэн этэ охсубуттар. Били киҺи обуоҺун быраҕан кээспит да, атынан быҺа дьиэтигэр сүүрдэр. Онтон Хампаттан инники Балаҕаччыга тиийбит дьон, обуостар бүгүн Хампаҕа кэлэллэр үҺү, ону кытта атыыҺыт бу киэҺэ онно кэлэн хонор үҺү диэн, атыыһыт дьиэтигэр урут кэлэн кэпсээбиттэр. Ону истээт, били Атас тоҥуһа ойуурга мэччийэ сылдьар табаларын тутан киллэрэн, тэринэ охсон дойдутугар түҺүнэр. Били киҺибит, дьэ, атынан тиэтэл бөҕөтүнэн айаннаан, дьиэтигэр көтөн түҺэр, кэргэниттэн ыйытар: “Хайа, били, Атаһым манна кэлбит сурахтааҕа дии? Ханна баарый?” “Пахай, онтон онтукаҥ барбыта дии,”-диэбит. “ХаҺан барбытай?” –ыйыппытыгар ойоҕо бэҕэһээ дуу, баарыан сарсыарда дуу барбытын курдук эппит. КиҺибит аҺыы да барбатах, тохтоон да ылбатах, атын хабыалата түҺээт, үргүлдьү киирэн айанныы турбут. Ол айаннаан икки дуу, хас дуу хонугунан аара биир ыалга таба туркута таттарыллан турарын көрөр. Табалара суох, ойуурга аһыы сырыттахтара дии. Бу сиргэ киэҺэлик тиийбит. Дьиэҕэ көтөн түспүтэ, дьиэлээхтэр киэҺэ аһылыктарын аһыы олороллор үҺү. Онно ол кини АтаҺа эмиэ асаҺа олорор эбит. АтыыҺыт таҺырдьаттан көтөн түспүт даҕаны, били аһыы олорор киҺини сабардаан уолугуттан харбаан ылан, өрө көтөҕөн таҺааран, үргүлдьү соҺон дьурулатан балаҕан кытыытынааҕы наараҕа тиэрэ баттаабыт. Былыргы киҺи ыстаанын быатын мыаннарык диэн быанан баанар, ону быһа баттаан, ыстаанын ньылбы устар, итиэннэ аҥар илиитинэн били киҺи уҺуннаах кылгаҺын бобуччу туппут даҕаны, төрдүттэн быҺаҕынан биирдэ быҺа баттаан ылбыт. Итиэннэ биир саҥа этиитэ, биир саҥа саҥата суох таһырдьа тахсан бара турбут. Ол айылаах буолбут киһилэрэ өр буолуо дуо, хаана баран өлөн хаалбыт. Дьиэлээхтэр тугу гыныахтарын, хайдах буолуохтарын билбэккэ көннөрү айахтарын аппытынан олорон хаалбыттар. Дьэ, онтон сугулааннананнар, онно-манна этэннэр, Балаҕаччыны тумнан Бүлүүгэ тыллата табалаах киҺини ыыппыттар. Били атыыҺыппыт дьиэтигэр төттөрү сүүрдэн букатын хараҥаҕа кэлбит. Биир да оһох буруота, кыыма тахсыбат эбит. Дьиэҕэ киирбитэ, дьоно утуйа сыталлар. Дьахтара туран уотун оттубут. Уотун оттон: “Ок-сиэ, киэҺэ күөспүтүн аҺаан кээспиппит. Билигин эт киллэрэммин күөс буҺарыам”, — таҥныбытынан барбыт. Онуоха киһитэ олорон эрэ: “Ынтах ампаары арыйа, хасыҺа сатаама. Мин сыарҕабар түөрт кырыылаах дьааҺыкпар эт баара буолуо, ону киллэрэн буҺар”, — диэбит. Били дьахтар тахсан, кырыылаах дьааҺыгы арыйан, сабардаан көрбүтэ туох да суох, арай били киҺи уһуннаах кылгаҺа хам тоҥо сытар эбит. Бу дьахтар буоллаҕына, киҺитэ хайдах майгылааҕын бэркэ билэр, ол иҺин кыбыы кэтэҕинээҕи ойуурга ким да көрбөт гына атын ыҥыырдаан, холунун тардан, быатын-туҺаҕын чиҥэтэн, маска баайан бэлэмнээбит эбит. Уонна тугу ылыахтааҕын, сыаналаах күндү соҕуҺун төргүүлэнэн, бэрэмэдэйигэр уктан, онтукатын түспэт гына ыга тардан боппоруктаан кэбиспит. Кини ол да иҺин сонноох, бэргэһэлээх тахсыбыт эбит. Инньэ гынан, били атын төлө тардар даҕаны, ойуур иҺинэн хабыс- хараҥаҕа сүүрдэн хаалар. Били киҺибит, ойоҕо хаҺан киирэрэрин көһүтэн көрөн баран, таһырдьа тахсан көрүөлээн, хантан да булбакка, үлэһиттэрин туруортаан төгүрүйэ, эргиччи көрдөтөр. Дьоно хантан да булбакка, онтон ат барбыт суолун көрөннөр ону батыҺаллар. Ат суола чигди айан суолугар киирэн сүтэн хаалар.
Нөҥүө күнүгэр дуу, иккис хонуктарыгар эбитэ дуу, хайдахтаах түргэнник сылдьыбыттара буолла, тыллабыр тиийэн, хаҺаактар Бүлүүттэн сүүрдэн тахсаллар уонна атыыҺыты тутан киирэллэр. Улахан силиэстийэ барар, атыыһыт кэргэнин көрдөөҺүн саҕаланар. Ыраах-чугас нэҺилиэктэринэн ханан, хаһан ким кинини ханна көрбүтэй диэн сураһа, ыйыталаһа сатаабыттар да, этиэх-билиэх биир киһи көстүбэтэх. Инньэ гынан, дьахтары олох булбатахтар. Кини хайдах ханна тиийэн олоҕурда, ханна тиийэн суорума суолланна… Ону ким да билбэт. Оттон бу атыыһыты үйэлээх сааһыгар хаатыргаҕа угаллар. Кини онтон төннүбэтэх.
Атыыһыт баайын, малын бүтүннүүтүн оҕолоро суоҕун быҺыытынан, уопустааннар судаарыстыба туҺатыгар туппуттар. Ол курдук үүнэ-тэҺиинэ суох элбэх сылгытын Бүлүүгэ үүрбүттэр. Туох баар сылгытын барытын далга мунньубуттар. Сааскы кэм номнуо кэлэн, онон бу сүүл саҕана (атыыр турар кэмэ буолан) атыырдар сүгүн айанныахтара суоҕа диэн, биирдии-биирдии атыыр үөрүнэн суол устун үүрэн айаннаппыттар. Амыыкаан икки Балаҕаччы икки арда үс килэмиэтиртэн ордук сир. Онно ол бастакы сылгытын төбөтө Балаҕаччы киириитигэр, оттон бүтэһик сылгытын кутуруга Амыыкаантан далтан саҥа тахсан эрэр эбитэ үҺү. Оччо элбэх сылгыны үүрэннэр ол судаарыстыба туһатыгар туттарбыттар. Дьэ, итигирдик. Били хаҺаас сыаны сиэбит дьоммут ырытан таҺаараллар: ханнык даҕаны сүдү хаҺаастаах баай олорботоҕо биллэр, онон бу кэпсэнэр сылгы сыата, чопчу, атыыҺыт киэнэ эрэ буолар уонна улахан аймалҕан саҕана умнууга хаалбыт буолуох тустаах. Хаатыргаҕа барбыт атыыҺыт сир анныгар хаҺааммыт аҺа, ити курдук, сэрии кэмигэр дьоҥҥо туҺалаан турар. Ити булуустан көстүбүт ас сыма курдук оҥоҺуллубут сиикэй сыаттан кэнсиэрбэни санатар. Билигин даҕаны итинник дьаһайар киҺи, ас уһуннук барыан сөп эбит. Билигин гудрону таҺынан ханан да тыын киирбэт гына оҥорон, мас көҥдөйүн иҺигэр тугу баҕарар хаҺааныахха сөп курдук эбит.
Мас көҥдөйүн иҺигэр, ханан да тыын киирбэт гына оҥорон, тугу баҕарар хаҺааныахха сөп курдук эбит.
Бу дьикти үһүйээн-кэпсээни Григорий Данилович 1962 сыллаахха от кэмигэр отууга хоно сытан, Николаев Тимофей Егорович диэн 60-х кырдьаҕастан истибит. Тимофей Егорович 1944 с. «Калинин» совхоз биригэдьиирэ. Тимофей Егорович оччолорго ити хасааҺы булар кэминээҕи үлэни салайбыт.

Суруйда Харайданова И.И.-Сэгэлдьийэ Чээлэй 03. 02. 2020 с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0