Тулуна бөһүөлэгэр (Уус Алдан улууһа) дьиэ сүөһүтүгэр сыһыаннаах өтөрүнэн буолбатах түбэлтэ таҕыста: биир борооску бу кыһыны таһырдьа кыстаан эрэр!
Иван Ксенофонтов, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru
Соторутааҕыта II Лөгөй нэһилиэгэр сырыттахпына, тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Петр Бурнашев:
— Биһиэхэ өтөрүнэн-наарынан буолбатах түбэлтэ таҕыста. Биир борооскубут хотоҥҥо кыстаабакка, таһырдьа хоно сылдьан кыһыны туораан эрэр. Бу күһүҥҥэттэн дьонноро араастаан хотоҥҥо киллэрэ сатаатылар даҕаны, туох иһин киирбэт, утарылаһан түөрт туйаҕынан, муоһунан түһүтэлээн, хаһаайыттара куотан биэрбиттэр. Бу борооскуну хотоҥҥо киллэрээри бириэмэ бөҕөтүн ыыппыттар даҕаны, кыайан киллэрбэтэхтэр. Тоҥон өлүө диэн ыксааннар саанан ытан өлөрөргө тиийэ санана сылдьыбыттар. Кылаабынайа, сүөһүлэрин уулаталларыгар, ийэтин кытта барсан ойбонтон уулаһан кэлэр үһү. Хотонтон тахсыбыт ийэтин кэтэһэн туран эмэр эбит. Ийэтэ даҕаны, ону эрэ ахтыбыт-кэтэспит курдук, оҕотун эмнэрэр эбит. Оттон хотоҥҥо туох иһин киирбэт, киллэрээри гыннахтарына, кыыллыйбыт сүөһү курдук бүтэйи тоҕо көтөн куотан хаалар,— тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ дьикти кэпсээнин түмүктүүр.
Оччону истэн баран, санаам батарбакка эгэ эрэ буоллаҕа, бэлэм массыынанан нэһилиэк баһылыга Иннокентий Иннокентьевич Троевтыын Тулунаҕа тэптэрэн кэллибит. Өлүү болдьох, анаабыт курдук, кыыллыйбыт борооску хаһаайына утары иһэр эбит.
— Били, хотоҥҥо киирбэтэх борооскуну көрө баран иһэбит. Ханна баара буолуой?—Иннокентий Иннокентьевич ыйытар.
— Чэ, бардыбыт, кыбыытыгар баара буолуо,— хаһаайын сөбүлэһэр.
Кырдьык, кыбыыга тиийиибитигэр эдэр сүөһү от сии турар. Биһигини көрдө даҕаны, сайыҥҥы тигээрдээбит сүөһү курдук, тоҥуу хаары билиммэккэ тыа диэки түһүнэн кэбистэ. Ол эрээри, тыа саҕатыгар тиийэн тохтоото. Көрөрө-истэрэ кыыл таба курдук, сып-сытыы. Аргыый аҕай инним диэки барабын. Дьиктиргээбит курдук балайда көрөн турда. Онтон эмискэ үргүбүт кыыллыы иннин хоту түһүнэн кэбистэ. Тэйиччи, тыа иһигэр киирэн тохтоото. Көрдөхпүнэ, түүтэ-өҥө хойдубута, этэ-сиинэ толорута сүрдээх. Бэрт доруобай, сэргэх бөҕө көрүҥнээх, туттара-хаптара сүрдээх эрчимнээх. Симментал булкаас боруодата бадахтаах.
— Бу күһүн хотоҥҥо киллэрээри эрэй бөҕөнү көрбүппүт, туох иһин киирбэтэҕэ. Дьиэлээхпин диэн кыбыытыттан арахсыбат, ийэтин үүтүн иһэн кыһыны билбэккэ туораан эрэр. Ийэтэ, күнүс уулата таһаардахпытына, аан бастаан оҕотун ахтыбыт курдук, эмнэрэр. Оту төһөнү сииринэн биэрэбит. Былырыын тохсунньу 16 күнүгэр төрөөбүтэ, биир сааһын саҥа туолла. Кыстык ыйдарын хотон иһигэр туран туораабыта. Онон хотон диэн тугун-ханныгын билэр буолуохтаах. Ол гынан, быйыл хотоҥҥо киирбэккэ, тугун сирбитэ буолла, кыһыны кырыыга туораан эрэр,— диэн хом санаатын биллэрэр сүөһүлээх хаһаайын Михаил Михайлович Дьяконов.
Дьэ, буолар да эбит! Ол эрээри баччаҕа тиийбит сүөһү муоһа-туйаҕа туллубатаҕына уонна тыҥата ууламматаҕына, хата сүөһү бэрдэ буолуоҕа диэн эрэх-турах сананныбыт. Сэбиэскэй саҕана сопхуос дириэктэрэ, кэлин сытыы бөрүөлээх суруналыыс, хаһыаччыт, тыа сирин, отчут-масчыт үлэһит дьон туһунан элбэх уочарка кинигэлэрин ааптара Василий Васильевич Сивцев-Баһылай Мүрү түбэспэтэҕэр түбэһэн, көрбөтөҕүн көрөн сөҕөр-дьиктиргиир.
Иван Ксенофонтов, www.edersaas.ru