Дьикти учуонай Карл Башарин

09.01.2018
Бөлөххө киир:

Кырдьык, кинини сорохтор дьикти киһи дииллэр… Тоҕо? 

Арыгыны хааппыланы даҕаны иһимэҥ диир, онуоха бэйэтэ тыыннаах холобур – биир даҕаны кыраам аһыы утаҕы хаһан даҕаны, оннооҕор Саҥа Дьылга,  амсайбат! 

Нуучча тылын бэриниилээх пропагандиһа. Саха норуодунай бэйиэтэ Семен Данилов “Мой русский язык”  хоһоонун дорҕоонноохтук ааҕарын сөбүлүүр.

Оттон бастакы куурус устудьуоннарыттан,  аан бастакы сессияларыгар  эксээмэҥҥэ, Россия уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөй ырыаларын тылларын  өйтөн, өрө көтөҕүллүүлээхтик  ааҕан  биэрэллэрин ирдиир… 

Онон, профессор Карл Георгиевич Башарины Саха сиригэр  билбэт киһи, арааһа, суоҕа буолуо…  Бөдөҥ учуонай, медицинскэй наука доктора, тустаах үлэтинэн, патологическай анатомиянан эрэ муҥурдаммат, кини медицинскэй наука, уонна уопсайынан Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын историятын, чөл, туруктаах олох, ыччаты сиэр-майгы өттүнэн иитии боппуруостарын  барытын  интэриэһиргиир.

2000 сыллаахха Карл Башарин Саха сирин учуонайдарыттан аан бастакынан “Канун III тысячелетия —время итогов” дэбииһинэн ыытыллыбыт бастыҥ научнай үлэлэр куонкурустарын лауреатынан буолбута, итиэннэ “Уһук хотугу дойдуга аныгы кэм усулуобуйатыгар сэллик ыарыы патологическай анатомията” монографиятынан “Кыһыл көмүс диплом-2000” бириэмийэни туппута.

2009 сылтан университет I куурустарыгар анаан “Угловские чтения” российскай бырайыагы ыытар.

СӨ Духуобунаһын академиятын академига, Россия “Билии” уопсастыбатын лектора, Россия араас регионнарыгар — Анадырьга, Камчаткаҕа тиийэ чөл олох туругурарын туһугар, арыгылааһыны, наркоманияны утары, сүрэх-тымыр ыарыыларын профилактикалааһыҥҥа  6000-тан тахса лекцияны аахта.

2010 сылтан саҕалаан, Саха сирин собриологторын оскуолаларын тэрийдэ. Бу – МАТр (Международная академия трезвости) үс академига, үс профессора уонна түөрт доцена. Бу оскуола үлэтин түмүктэринэн  Саха сирин 142 бөһүөлэгэ арыгыны атыылыыры  кыккыраччы  бопто.

1999 сыллаахха профессор Карл Башарин Чөл олох норуодунай университетын тэрийбитэ, 2010-2015 с.с. иһигэр тус холобурдарынан чөл олоҕу туругурдар, арыгылааһыны, табахтааһыны уонна наркоманияны утары охсуһар, сэрэтэр үлэни күүскэ ыытар 2000-тан тахса истээччини бэлэмнээтэ.

Карл Георгиевич, мэдисиинэ уонна Саха сиринээҕи  доруобуйа харыстыбалын историятын чинчийэр улахан учуонай, эн нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун хайдах сыаналыыгын?

—Биһиги дьоммут, сахалар доруобуйаларын туруга, наука этэринэн,  соччото суох, мөлтөх соҕус. Ордук бу кэнники кэмнэргэ. Тоҕо диэтэххэ, сүрүннээн эр киһи арыгыны иһэр, табахтыыр, харыстаммат.  Дьахталларбыт даҕаны ардыгар аһыы ууттан аккаастамматтар. Аныгы киһи аны сарсыарда аайы сэрээккэ оҥорбот, онуоха эбии доруобуйатын көрүммэт. Эдэр көлүөнэбит кинигэни аахпат, ол оннугар  күнү быһа  компьютертан, төлөпүөнтэн  арахпат. Гиподинамия. Ол иһин  инсульт, инфаркт, хаан баттааһынын ыарыылара, хомойуох иһин,  “эдэрсийэн” иһэллэр. Сиэр-майгы сатарыйыыта араас куһаҕан сыстыганнаах ыарыыларга тиэрдиэн, дьону сутуйуон сөп.

Мин диссертациям сүнньүнэн  чинчийии көрдөрөрүнэн,  тыҥа сэллигиттэн өлбүт  тыһыынчаттан тахса киһи  80 бырыһыана  арыгы, табах содулуттан  суорума суолламмыт.

Быыһанар суол тугуй?

—Быыһанар суол биир эрэ – арыгыта, табаҕа суох чөл олох!

Эн ирдэбилиҥ – арыгыны хааппыланы да испэт буолуу. Бырааһынньыктарга да, Саҥа Дьылга да – биир да хааппыла көҥүллэммэт…  оччотугар, эн “култуурунай иһиини” утараҕын?

—Утарабын. Тоҕо диэтэххэ, арыгы – дьаат! Киһи оннооҕор биир соҕотох  даҕаны кыра омурдууну оҥоруо – мэйиитигэр тыһыынчанан наадалаах килиэккэлэрэ өлүөхтэрэ. Академик Бехтерев бары чинчийиилэрэ ол туһунан этэллэр…

Карл Георгиевич, эн аҕаҥ – саха норуотун чулуу уола, биллиилээх историк,  профессор Георгий Прокопьевич Башарин – хорсун олох муҥутуур чаҕылхай холобура. Эн аҕаҥ суолун салҕааҥҥын, бөдөҥ учуонай буоллуҥ. Атын суолунан барыы диэн — өйгө да баппат…

—Хас биирдии киһиэхэ төрөппүтүн сабыдыала  баар. Миэхэ эмиэ аҕам сабыдыала, биллэн турар, олус улахан. Кини тугу этэрин-тыынарын кыра эрдэхпиттэн истибит, туох туһугар туруулаһан охсуспутун, кыайыылаах да, хотторуулаах да, үөрүүлээх да, хомолтолоох да, өрөгөйдөөх да күннэрин  билбит, туоһу буолбут дьоллоохпун.

Аҕам олоҕо — бары өттүнэн холобур. Миэхэ эрэ буолбатах. Чэ, санаан көрүҥ, кини ийэтэ эрдэ өлөн, 6 оҕоттон улаханнара буолан, аҕатыгар көмөлөһөн, бырааттарын-балыстарын иитиһэн, 17 сааһыгар диэри оскуола боруогун атыллаабатах… Арай аҕата, үөрэҕэ суох киһи, сыыппараны бэркэ билэр эбит. Дьэ, ону интэриэһиргээн, үөрэххэ дьулуспут. Сылаҥҥа  Чыадаҥа диэн алааска олорбуттар – аны хас сарсыарда аайы көстөөх сиртэн сатыы кэлэн үөрэнэр буолбут. Оскуолаҕа, төһө даҕаны ликбез буоллар, үксэ оҕолор эбит. Уон сылы быһа хайдах бу оҕолору кытта олоруомуй, диэн, кытаанах быһаарыныы ылынан, балтараа сылынан Сылаҥ начаалынай оскуолатын бүтэрбит. Онтон Чурапчытааҕы орто оскуола, Дьокуускайдааҕы педтехникум, пединститут… Салгыы Москваҕа Карл Либкнехт аатынан институкка үөрэнэр. Нуучча тылыгар 500  киһиэхэ диктант суруйтарбыттар, онно 490 киһи “2”-ни ылбыт, оттон аҕам  “5” –һи ылбыт. Кинини нуучча тылыттан босхолообуттар. Ити курдук үөрэххэ дьоҕурдааҕа. Онтон, доруобуйатын туругунан, экстернинэн туттаран, “диплом с отличием”  ылан, дойдутугар кэлбит. Уопсайа 12 эпэрээссийэни тулуйбут киһи, хайдах курдук хас сарсыарда уонна киэһээ аайы 5-6 биэрэстэни сатыы хааман доруобуйатын көннөрбүтүн бары билэҕит. Киһи эрэсиимнээх, былааннаах, сыаллаах буолуохтаах, диирэ аҕам. Аны, ийэм өлөрүгэр мин 5  саастаахпын, балтым Наталья 11 эрэ ыйдаах. Хайдах-туох олох буолтун сэрэйиэххэ эрэ сөп…

Мин аҕам аттыгар наар баар буола сатыырым.  Оннооҕор, учуонай доҕотторо  кэллэхтэринэ кэпсэтэллэрин иһиллээн олорорбун көрөн Кыыдаана Ивановна ардыгар сөбүлээбэт этэ, ону аҕам, “олордун, иһиттин” диирин бу баар курдук өйдүүбүн.  Туох баар боппуруоска киһи бэйэтэ санаалаах буолуохтаах диирэ. Оҕолоруттан, сиэннэриттэн, толкуйдаан баран, санааларын сайа этэллэрин ирдиирэ. Кини сүрүн бириинсибэ – чиэһинэй, үлэһит буолуу.

Ол да иһин, билигин биһиги дьиэ кэргэҥҥэ, аҕабыттан саҕалаан,  6 учуонай баарбыт – 4 доктор, 2 кандидат. Улахан кыыспыт Анна Карловна Еремеева филологическай наука кандидата. Күтүөппүт Алексей Ильич Еремеев, политология наукатын кандидата. Үс оҕолоохтор.  Кыра кыыспыт Ольга Карловна Башарина – ийэтин курдук филологическай наука доктора, Америкаҕа Фэрбенкс университетын Бочуотун кинигэтигэр киирбитэ. Кэргэннээх, оҕолоох. Уолбут Георгий Карлович Башарин  экэнэмиис, юрист үөрэхтээх. Мииринэй оройуонун баһылыгын солбуйааччы. Кэргэннээх, үс оҕолоохтор. Ыччаттарым үлэһиттэр, онтон үөрэбин.

Чурапчы улууһун Сылаҥ орто оскуолата  профессор Георгий Башарин  аатын сүгэр…

—Бу оскуоланы аҕам дьокутааттыы сылдьан 1968 сыллаахха  туттарбыта. Билигин медико-биологическай кылаастардаах  өрөспүүбүлүкэтээҕи интернат-оскуола.  Быйыл манна Медицинскэй институт Малай медицинскэй академиятын  филиала аһыллыбыта 15 сылын туолла. Оскуолаттан бу сыллар усталарыгар 79 медик  таҕыста – 64 быраас, 15 орто сүһүөх персонал. Сыл ахсын “Башарин ааҕыылара” ыытыллаллар. Ити курдук, аҕам аата тыыннаах, үлэлиир- хамсыыр, дойдуну сайыннарар.

Дьэ, аны, Өрөгөй ырыатыгар төнүннэххэ…

—Устудьуоннарбар наар, Россия, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөй ырыаларын тылларын  ким билэр, диибин. Уу-чуумпу. Билээччи аҕыйах. Ити курдук, 2006 сылтан дэлби ыйытан, ирдэһэн, дьону, ордук ыччаты Өрөгөй ырыатын билэргэ үөрэтэн эрэбин. Гиимин – Өрөгөй ырыата — судаарыстыбабыт сиимбэллэриттэн биирдэстэрэ. Өрөгөй ырыатын хоһоонунан ааҕар ордук. Түмэр, иитэр суолталаах. Ону таһынан  Өрөгөй ырыата малыыппа курдук… дьону сомоҕолуур.  Сиэннэрбэр эмиэ Өрөгөй ырыатын  үөрэтэбин.

Ыра санааҥ тугуй, Карл Георгиевич?

—Ыра-баҕа санаам — университетым, өрөспүүбүлүкэм престиһэ өссө үрдээһинэ. Ол туһугар  салгыы үлэлиэм.

Истиҥ кэпсээниҥ иһин махтал!

Сэмсэ тыл                          

 

Матвей Лыткин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Арыгы атыытын  хонтуруоллуур управлениетын салайааччы:

—Хайа баҕарар норуокка маннык дьон баар буолар. Аҕата Георгий Башарин саха интеллигенциятын быыһаабыт киһибит. Уола Карл Башарин, сахам норуотун  арыгы сиэн эрэр, диэн, турунан, бастаан соҕотоҕун киирсэн, бу биһигини үөрэтэн-такайан таһаарбыта. Кинилэр иккиэн – норуоту быыһыыр сүрүн миссиялаах, Таҥара биэрбит дьоно!

Татьяна МАРКОВА.

Андрей СОРОКИН түһэриитэ.

Ыспыраапка

Башарин Карл Георгиевич

1942 сыл бэс ыйын 2 күнүгэр Дьокуускай куоракка төрөөбүтэ.

1959 с. Дьокуускай куораттааҕа 8N-дээх орто оскуоланы бүтэрбитэ.

1965 с. СГУ медицинскэй факультетын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрээт, аспирантураҕа киирбитэ.

1969 с. СГУ анатомия кафедратын ассистена, ст. преподавателэ, доцент,профессор.

1990 сылтан күн бүгүнүгэр диэри М.К.Аммосов аатынан ХИФУ медицинскэй институтун анатомия кафедратын сэбиэдиссэйэ. Профессор. Медицинскэй наука доктора.

Кэргэнэ филологическай наука доктора Зоя Константиновна Башариналыын икки кыыс, биир уол оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0