Бүтүн Арассыыйатааҕы «Географическай диктант» аахсыйа сэтинньи 11 күнүгэр ыытыллар. Бу далааһыннаах тэрээһиҥҥэ кыттыһан, Саха сирэ 378 сиргэ суруйарын биллэрдэ.
Саха сирэ маннык диктаны суруйууга кыттааччытынан уонна далааһыннаахтык ыытыытынан Арассыыйаҕа үс сыл устата бастакылар кэккэлэригэр сылдьар. Уопсастыба бэрэсидьиэнэ Сергей Шойгу муус устар 27 күнүгэр Санкт Петербурга ыытыллыбыт бэпэчиитэллэр уопсастыбаларын мунньахтарыгар Нуучча географическай уопсастыбатын үрүҥ көмүс мэтээлин туттарарыгар бу туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.
Быйыл Нуучча географическай уопсастыбатынан бу диктанттөрдүс төгүлүн ыытыллар. Диктаны Россияҕа, АХШ, Бразилияҕа, Германияҕа, Францияҕа, Италияҕа, Индонезияҕа, Австралияҕа, ЮАР, Намибияҕа, о.д.а. дойдуларга суруйуохтара. Географическай диктаҥҥа тестэн 30 сорудах икки блокка арахсан бэриллэр. Быйылгы сорудахха толкуйдаан көрөр дьоҕурга ордук улахан болҕомто ууруллар.
Саха сиригэр диктаны суруйар 378 пууҥҥа лектордар сорудахтары, диктант усулуобуйатын быһаарыахтара. Хас биирдии кыттааччыга чаас бэриллэр. Кыттыан баҕалаахтар сиһилии dictant.rgo.ru. киирэн регистрацияланаҕыт.