Дьиксинии туругуттан хайдах тахсабын?

08.04.2022
Бөлөххө киир:

Коронавирус, бэлиитикэ, байыаннай эпэрээссийэ, санкциялар…  Маннык бүдүк-бадык кэмҥэ наар аймана, дьиксинэ сылдьар туруктан хайдах босхолонуохха сөбүн туһунан Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын килиниичэскэй психолога Анна Ксенафонтова сүбэтиҥ билсиэҕиҥ.

«Киһи наар куттанар буоллаҕына, туох  эрэ алдьархай буолуон сөп уонна ону кыайан тулуйуом суоҕа диэн толкуйдуур. Оннук буолар.
Ол гынан баран… Дьиксинии, айманыы биһиги төбөбүтүгэр эрэ олорон хаалбат, итинник айманыы сиэри таһынан улааттаҕына, эн эккэр-сииҥҥэр көһөр: былчыҥнарын быһа туталлар,  этиҥ-сииниҥ куруук күүрэ сылдьар, наар түбүгүрэ сылдьаҕын, тулуура суох буолаҕын, сэниэҥ эстэр, сылайаҕын-элэйэҕин, куһаҕанннык утуйаҕын уо.д.а.

Итинник турук үксүгэр туох эрэ саҥаҕа үөрэнэргэр эбэтэр  үөрүйэҕэ суоххуттан, сатаабаккыттан, инникитин туох буолуоҕун кыайан сабаҕалаабаккыттан үөскүөн сөп.

Дьиксинии туругун хайдах туоратабыт?

Бастатан туран, киҥҥин-нааргын алдьатар, дууһаҕын аймыыр бириэмэни хааччахтаа уонна:

— Толкуйдаан көр -– мин айманыым дьиҥнээх балаһыанньаны кытта сибээстээх дуу эбэтэр гипотетическай дуу? Иккис көрүҥэ буоллаҕына, «ыгылыйан, ыксаан кыһалҕаны кыайан быһаарбаппын, төттөрүтүн, дириҥэтэбин» диэн толкуйдаа. Дьиксиммиккин, куттаммыккын ыытан кэбис, ол оннугар туох эрэ үчүгэй уонна туһалаах дьыала туһунан санаа.

Куттаммыккын «көһөрөр» ньыманы булар уонна онуоха анал бириэмэни аныыр туһунан толкуйдаа. Холобур, эбиэт кэмигэр отучча мүнүүтэни аныыр олус көмөлөһөр.

— Бириэмэҕин сатабыллаахтык аттарына үөрэн. Күн аайы эйигин үөрдэр уонна астыныыны аҕалар дьарыгы былааннаа (кэмиэдьийэни көрүү, интэриэһинэй кинигэни ааҕыы уо.д.а.). Күннээҕи графиккар хайаан да дьиэ кэргэҥҥин уонна доҕотторгун кытары алтыһыыны, ирэ-хоро сэһэргэһиини киллэр (ыраахтан олорон да буоллун). Туох эмэ ситиһииттэн үөрэр дьарыгы (оробуочай сорудахтары толоруу, оҕуруот үлэтинэн дьарыктаныы, дьиэни-уоту хомуйуу, уо.д.а.) күн аайы оҥор.

— Эн санааҕын түһэрэр уонна кутталга тириэрдэр түгэннэри хааччахтаа. Холобур, сонуннары тиһигин быспакка кэтииргин-маныыргын, быыстала суох социальнай ситимнэргэ олороргун, киһи санаатын түһэрэр пабликтары уо.д.а. көрөргүн тохтот. Доруобай буол!»

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ»,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1