“Дикий челлендж” саха-казахскай бырайыак сүрэхтэннэ!

Ааптар: 
08.07.2022
Бөлөххө киир:

Бу киинэ толкуй быһыытынан “ДетСАТ” уолаттарын кэпсэтиилэрин быыһыгар үөскээбитэ хас да сыл буолбута дэһэллэр. Толкуйдара кэнэҕэс сценарийга кубулуйан,  “эттэнэн”  2019 сыллаахха үлэ саҕаламмыт… Ити сыл үлэҕэ киирбит бырайыактар дьылҕаларын батыспыт – хабарҕаҕа турбут хамсык мэһэйдээн, күүтүү уһун дьааһыгар угуллан, ааспыт нэдиэлэҕэ эрэ киэҥ экраҥҥа тахсан көрөөччүлэрин кытта көрүстэ.

Икки дойду кыттыылаах бырайыак

Буоларын курдук, киинэ уһуллуон иннинэ “оробуочай” ааттанар. “ДетСАТ” айар бөлөх, мин өйдүүрбүнэн, бастаан быра­йыагын нууччалыы ааттаан саҕа­лаабыта. Үлэ бырайыага, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах оҥоһуллар курдук санаммыт буолан, “Охота на Севере” диэн ааттаммыта. Оччолорго Саха сирин киинэһиттэрэ көрөөччү ахсаанын элбэтэргэ араас ньымалары тобулууну саҕалаабыттара – төрөөбүт дойдуларыгар би­­лиэт атыылаһыан баҕалаах дьон ахсаана уһуллуон сөптөөх киинэ бүддьүөтүн хааччахтыыр түгэнэ буолбута. Ол эбэтэр, киинэһиттэр өссө элбэх үбү туһанан, өссө үчүгэй киинэ устар кыахтаахтарын билбиттэрэ, ол эрэн, ба­­раабыт үптэрэ Саха сирин киинэ тыйаатырдарыгар эрэ  көһүннэҕинэ, төннөр кыаҕа суоҕа. Федеральнай таһымҥа тахсан бүтүн Арассыыйа көрөөччүтүн тардар туһунан элбэх кэпсэтии да баара, үлэ да ыытыллыбыта. Бу хаһан эрэ кыаллыан сөптөөх былаан буолара билигин көстөр эрээри, бу туһугар уһун, дьаныардаах үлэ ыытыллыахтаах.

Биир хайысханан уруулуу соҕус өйдөөх-санаалаах түүр омуктар олорор дойдуларын кытта бииргэ үлэлээн хардарыта көрөөччүнэн байытыһыы буолбута. Бырайыагы олоххо киллэрэргэ ордук кэскиллээх дойдунан Казахстан буолара өйдөнөрө. Бу дойдуга урукку “Казахфильм” базатыгар бэрт куһаҕана суох таһымнаах киинэ оҥоруу үөскээбитэ. Арассыыйаҕа ситиһиилээхтик көстөн ааспыт бырайыактар бааллар (“Рэкетир”, “Томирис”, “Сказ о розовом зайце”).

Онон маҥнайгы икки дойду кыттыылаах киинэни “детсаттар” казах киинэһиттэрин кытта саҕалыырга санаммыттара. Оҥорор киинэлэрэ икки дойдуга сити­һиилээх буоларын туһугар араас албастары туһаммыттара.

Хаһан эрэ бу туһунан киинэ биир продюсера Алексей Егоров-Өркөн маннык этэн турар­даах: «Киинэҕэ биир сүрүн оруолу казах биллэр артыыһа оонньуохтаах, билигин кэлэн үлэлэһэ сылдьар. Билигин ити быра­йыак сценарийа эрэ баар эрээри, син үлэ бара турар. Казахстаҥҥа “Меломан” диэн прокатнай тэрилтэни кытта сөбүлэһиигэ илии баттаһан турабыт. Онон барыта табылыннаҕына, Казахстан 90 киинэ тыйаатырыгар көстөр киинэ оҥоһуллан тахсыахтаах. Ити дойдуга 16 мөлүйүөн киһи олорор, бэйэ киинэтин устар, көрөрүн сөбүлүүр дьонноох дойду”.

Биллэр артыыстар

Били ахтыллыбыт “казах биллэр артыыһа” Тулипбэргэн Байсакалов 2019 сыл сайын Саха сиригэр кэлэн үлэлии сылдьарын киинэни таптааччылар “инстаграм” нөҥүө билбиттэрэ. Кини таһаарар хаартыскаларын анныгар Казахстантан суруллар комментарийдары аахтахха, сүгрүйээччилэрин ахсаана, кырдьык, элбэх этэ. Ону тэҥэ Казахстаҥҥа уһуллубут түгэннэригэр бэрт элбэх биллэр артыыс­тар көстөллөр. Биир бэйэм таба көрбүттэрим истэригэр Фархад Абдраимов (“Сказ о розовом зайце”),  Данияр Токтомаметов (MC Doncha, өйдүүргүт буолуо “слезы текли налево…” ыллыыр уол), Ержан Тусупов (“Тренинг личностного роста”) бааллар.

Оттон Саха сириттэн маннаа­ҕы “сулустар” – Степан Петров, Алексей Егоров-Өркөн, Дмитрий Шадрин-Шандор, Анатолий Иванов, Прокопий Иванов-Прохмен уо.д.а. бааллар.

Ол эрэн, бу киинэҕэ бэрт соһуччу оонньууну урут быстах оруолларга оонньуур Гернот Гримм көрдөрдө. Эрдэ киниэхэ быыкаайык, тыла суох кэриэтэ “омук киһитэ” диэн оруолу биэрэр этилэр. Бу сырыыга үс сүрүн оруолтан биирдэстэрин бэрт үрдүк таһымнаахтык толорбут. Уопсайынан, бу киинэҕэ киһини соһутар оонньуу элбэх. Холобур, Нам бөҕөһө Евгений Иванов туора-маара ыһыталаан, абытай киһини оонньоото. Наар үтүө дьону оонньуур Степан Петров бу сырыыга киинэ сүрүн “куһаҕан киһитин” оонньообут.

Бу “ДетСАТ” дуо?

Киинэни туруорбут режиссер Михаил Лукачевскай бырайыак туһунан кылгастык этэр: “Үчүгэй аҕайдык дьээбэлэннибит. Дьон күллүн-саллын диэн анаан оҥорбут киинэбит”. “Дикий челлендж” диэн ааттаммыт киинэҕэ, кырдьык, ханан даҕаны дуоспуруннаах толкуй көстүбэт – көрүдьүөс эрэ. Сүрүннээн киинэ  Саха сирин туһунан омун­наах өйдөбүллэри күүркэтэн, ону дьээбэ оҥостон таҥыллыбыт. Кылгас ис хоһооно: казах бизнесменэ арҕаа дойду инвес­торын баҕа санаатын толороору, Саха сиригэр бултата аҕалар. Маннааҕы көрсөөччү кинилэри түҥ былыргылыы олорор биис ууһугар тиэйэн илдьэр. Онно  олохтоох сиэри-туому кэһэн, тыыннарын быыһаан тайҕа быыһынан куотар аакка түһэллэр. Ол тухары араас мүччүргэннээх түгэннэргэ түбэһэллэр.

Алмааһы тэбэ сылдьар тигии сирэйдээх биис ууһа, тоҕу­һуон саастаах уордаах күтүөт, сэлии муоһун көрдүүр кытай браконьердара уонна да атын дьээбэ-­хообо өрөһөлүү кутуллубут, урукку “ДетСАТ” киинэлэригэр майгынныыр кэмиэдьийэ. Ол эрэн, айымньылара уруккулартан тыына туспата тута көстөр. “Детсаттар” биллэр “коронкаларынан” саха тылын, майгытын иһиттэн билэр дьоҥҥо анаммыт көрүдьүөстэр буолар этилэр. Бу сырыыга ханнык баҕарар дойдуга өйдөнөр көрү-күлүүнү тутта сатаабыттар, онон арыый атын киинэ буолан тахсыбыт. Өркөн, Прохмен уонна Шандор “ДетСАТ” тыынын тиэрдэллэр эрээри… чэ, бэйэҕит көрөөрүҥ.

Төһө табыллыбытый?

Күлэн сынньаныан баҕарбыт киһи баҕа санаатын толорор киинэ буолбут, онно мөккүөр суох. Премьераҕа киинэ саалатыгар күргүөм күлүү быыстала суох иһиллэр этэ.  Ол эрэн, “Кэскил”, “Юбилей”, “Көҥүл боо­турдар” курдук киинэлэр фанаттара атын соҕус киинэни күүппүттэрэ чахчы. “Универсальнай” күллэрэр ньымалар туох да куһаҕана суохтар, төттөрүтүн, быдан элбэх киһиэхэ тиийимтиэ буолуохтара. Арай, мин курдук бириинчик дьон, баҕар, “сахалыы тыыннаах ДетСАТ тиийбэтэ” диэхтэрэ.

Уонна, итэҕэстэри эттэххэ, сценарий арыый да ыһыллаҕас курдук. Дьиҥэр, киинэ ис хо­­һооно өйдөнөр, ким, тоҕо, хайдах быһыыланара барыта орун оннугар. Ол эрэн, ыпсарыытыгар син биир кыра хайаҕастардаах, сорох ардыгар кэмиэдьийэ эрэ буолан көстүүнү толору ылыныахха сөп.

Ол оннугар артыыстар оонньуулара уруккутун курдук уһулуччу таһымнаах. Өркөн уонна Тулипбэргэн Байсакалов норуоттара таптыаҕын таптаабыт комиктара буолаллара көстөр. Эппитим курдук, үһүстэрэ, Гернот Гримм эмиэ олус табыллан оонньоо­бут, кини дьоруойун этиилэриттэн элбэхтэ көрөөччү күргүөм күлүүтэ тахсыбыта. Иккис былаан артыыстара бары кэриэтэ илэ сирэйдээх, итэҕэтэр оонньууну көрдөрдүлэр.

“Дикий челлендж” айыллыбыт эйгэтэ – көстүүмнэрэ, сирэй-харах оҥоруута, айылҕа көстүүлэрэ, хореографията барыта олус табыллыбыт. Саха сирин туһунан истэн эрэ билэр киһи саҥат­таан омуннаах дойҕохторго итэҕэлэ улаатан, “бу кырдьык дуо?” диэн туоһулаһыан сөп курдук. Киинэ оператора Семен Аманатов, буоларын курдук, уһулуччу таһым­наах үлэни оҥорбут.

Түмүккэ

Икки омук кыттыһан икки дойду көрөөччүлэрин сэҥээрдэр киинэни устарга маҥнайгы холонуу буолла. Бу – баараҕай далаа­һыннаах, сатаннаҕына салгыы өссө бэртээхэй үлэлэр күүтэллэр. Бастатан туран, киинэ Саха сиригэр эрэ көһүннэ – Казахстан көрөөччүтэ өссө даҕаны сыана быһа илик. Иккиһинэн, хамсык уонна да атын моһуоктар мэһэйдээннэр, үп уонна үлэ уопутун холобур оҥостору уустугуртулар. Ол эрэн, кыах, өйдөһүү, уопсай толкуй баара өтө көстөр, ол аата, маннык бырайыактар уопсайынан оҥоһуллар кыахтаахтар эбит диэн бигэ санаа үөскээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0