Саҥа дьыл саҥатыгар тэрилтэлэринэн бырааһынньыктар («корпоративтар»), араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ол, биллэн турар, итирдэр утахтара суох ааспат. Полиция сводкалара көрдөрөллөрүнэн, өйү сүтэриэххэ диэри итирии сороҕор көннөрүллүбэт содулга, бэл диэтэр, өлүүгэ тиэрдэр.
Ол курдук, СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Мирнэй куоракка биир эдэр киһи өлүгүн дьиэтин кирилиэһин анныттан булбуттар.
Барыллаан быһаарыынан, бу киһи үлэтигэр Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыгы бэлиэтээн баран, дьиэтигэр таксинан кэлбит. Ол эрэн, домофонун күлүүһүн хаарга түһэрэн кэбиһэн, онтун көрдөөн, кирилиэс анныгар киирбит. Уонна соннук охтубутунан үлүйэн хаалаахтаабыт…
Итиниэхэ маарынныыр түбэлтэ былырыын, эмиэ ахсынньы ыйга, Дьокуускайга буолбута — биир дьахтар ресторан кирилиэһигэр олорбутунан үлүйбүтэ.
Итинэн сибээстээн, полиция сэрэтэр:
Бу бырааһынньык күннэргэ итирдэр утахтарынан аһара үлүһүйүмэҥ. Киһи улаханнык итирдэҕинэ, тугу да өйдөөн-дьүүллээн быһаарбат буолар. Өскөтүн бырааһынньыктааҕы остуол кэнниттэн билэр киһигит итирдэҕинэ, дьиэтигэр соҕотохтуу ыытымаҥ, таһырдьа хаалларымаҥ, дьиэтигэр киирэрин хонтуруоллааҥ. Эбэтэр дьонугар эрийэн, кэлэн ылалларыгар этиҥ.
Маныаха бэлиэтээн эттэххэ, киһи итирдэҕинэ эрэ охтор буолбатах, баҕар, ыалдьыбыт буолуон сөп. Онон, өскөтүн таһырдьа охтубут киһини көрдөххүтүнэ, ааһа барымаҥ, тута «суһал көмөнү» биитэр полицияны ыҥырыҥ уонна бу сулууспалар хаһан кэлиэхтэригэр диэри күүтүҥ. Куттала суох Саҥа дьылы!
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.