Дьиэтээҕи бибилэтиэкэ саамай былыргы кинигэтигэр күрэс ыытылынна
Таатта улууһугар Дьохсоҕон (Г.Н.Другина),Чөркөөх ( Т.Е.Мандарова), Тыараһа ( М.Д.Слепцова), Даайа Амма (А.В.Васильева) бибилэтиэкэлэрэ кыттыһан нэһилиэктэрин олохтоохторугар «Дьиэтээҕи бибилэтиэкэбит саамай былыргы кинигэтэ» диэн күрэс тэрийэн ыыттылар.
Бу туһунан Дьохсоҕонтон нэһилиэк бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Галина Другина сырдатта.
—Күрэскэ кыттааччылар дьиэтээҕи бибилэтиэкэлэригэр баар саамай урукку кинигэлэрэ хаһан, ханна тахсыбытын, бэчээттэммит сылын уонна бэйэлэрэ ол кинигэлэрин тутан олорон түспүт хаартыскаларын ыыттылар. Баай бибилэтиэкэлээх ыаллар элбэхтэр. Ол гынан баран, сааскы түбүктээх кэмнэр буоланнар, уон дьиэ кэргэн кытынна. Күрэс түмүгэ Ньукуолун күнүгэр таҕыста. Кыттыбыт бары дьоҥҥо туоһу суруктар, кыайыылаахтарга бириистэр, добун суруктар ананнылар.
Күөн күрэс түмүгүнэн 1 миэстэни Дьохсоҕонтон Арылахова Галина Егоровна, 2 миэстэни Чөркөөхтөн Сеня Неустроев, үһүс бириистээх миэстэни Тыараһаттан Жерготова Туйаара Терентьевна, Даайа Амматтан Сахайаана Прохорова ыллылар.
Манна даҕатан сырдаттахха, бу түөрт бибилэтиэкэ үһүс кыттыгас тэрээһиммит. Аан бастаан «Сааскы таммахтар» диэн күрэһи тэрийбиппит. Нэһилиэктэр айар түмсүүлэриттэн түөртүү киһилээх хамаанда тэриллэн, айар үлэҕэ күрэхтэспиттэрэ. Манна киирбит үлэлэри А.Р.Кулаковскай-Дьэҥкир салайааччылаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаабыта.
Түгэнинэн туһанан эттэххэ, бу Тааттатааҕы бибилэтиэкэ ситимин иһинэн бастакынан түөрт нэһилиэк бибилэтиэкэтэ тэрийиитинэн ыытыллыбыт күрэс. Иккис тэрээһиммитин нэһилиэктэр кулууптарын кытта оҥорбуппут. «Күһүнүм бытаарыый…» диэн күһүн туһунан хоһооннору дорҕоонноохтук ааҕыыга күрэс куйаар ситиминэн, видеоролигынан ыытыллыбыта. Манна Дьохсоҕонтон А.П.Колмогорова чаҕылхайдык ааҕан бастаабыта.
Оттон бу үһүс тэрээһиммитигэр Г.Е.Арылахова (Дьохсоҕон) бастаата. Маныаха биһиги нэһилиэккэ итинник эмиэ былыргы кинигэлэр Охлопкова Саргылаана Петровнаҕа бааллара бэлиэтэннэ. Киниэхэ баар кинигэлэр 1938-1939 сыллаахха тахсыбыттар. Латыын алпаабытынан бэчээттэммиттэр. Суруйааччы, летчик-испытатель, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, «За службу Родине» уордьан толору кавалера Г.Ф.Бойдуков «Табаарыс Сталинныын көрсүһүүлэр» уонна «Полюһунан Америкаҕа» кинигэлэрэ.
Салгыы Никонов Коляҕа (6 кылаас үөрэнээччитэ) К.М.Станюкович «Максимка» диэн 1955 с.бэчээттэммит кинигэтэ баара бэлиэтэннэ.
Манна даҕатан ааһар буоллахпына, нэһилиэк иһинэн ааҕааччыларга маннык күрэһи урут, уонча сыллааҕыта, ыыппыппар ытыктыыр учууталларым Мария Дмитриевна, Михаил Ефремович Маминнар 1901 с. Москваҕа бэчээттэнэн тахсыбыт «Таҥара кинигэтэ» кинигэлэринэн бастаабыттара. Ол хаартыската кинилэр дьиэтээҕи бибилэтиэкэлэрин туһунан бэйэлэрэ кэпсииллэриттэн илиибинэн оҥорбут (самоделка) кинигэбэр баар.
Оттон быйылгы күрэс кыайыылааҕа Г.Е.Арылахова маннык кэпсиир : «Дьиэтээҕи бибилэтиэкэбит саамай былыргы кинигэтэ» диэн тэрээһин ааҕааччыларга суолтатынан буолар кинигэни харыстаан мунньарга, ыччаттарыгар күндү бэлэх буолан ууруллан, хараллан көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ тиэрдэллэригэр дириҥ өйдөбүлү, киэн туттууну хаалларар, кинигэни ааҕарга баҕа санааны саҕар.
Дьиэтээҕи бибилэтиэкэм туһунан сырдаттахпына, аҕам Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, сержант, нуучча тылын уонна литературатын учуутала, Сиэллээх оскуолатын сэбиэдиссэйинэн, үөрэх салаатын иниспиэктэринэн үлэлээбитэ. Кини 1964 с. суох буолбута. Ийэбэр: «Бу баайбын — кинигэлэрбин, кыыспар кэриэс быһыытынан хаалларабын. Үөрэхтээх киһи буолуо, туһаныаҕа. Кинигэлэрбин ыһыма», — диэбит. Наһаа улахан ыскаабы ийэм: » Бу эн баайыҥ, аҕаҥ эйиэхэ кэриэһэ», — диирэ. Ыскаап күлүүстээх этэ. Өр сылларга хатанан турбута. Күлүүһүн ийэм төрдүс дуу, бэһис дуу кылааска үөрэнэ сырыттахпына биэрбитэ. Онно кинигэлэри көрөн соһуйбуппуон! Баай диэн тугун онно билбитим, өйдөөбүтүм. Бу кинигэлэр барыта миэнэ буолалларын быһыытынан, аҕабын үтүктэн, хас биирдии кинигэҕэ икки-үс сыл устата ааппын, сороҕор инициалларбын суруйталаан бэлиэтээбитим. Аҕам миэхэ анаабыт сырдык кэриэһин өрө тутан кэллим. Билигин дьон-сэргэ билиитигэр, туһаныытыгар диэн санаанан салайтаран, аҕам кинигэлэринэн 2018 сыллаахха «Ааҕар түмэл» аспытым. Билиҥҥи туругунан биэс тыһыынча кэриҥэ кинигэ баар».