Дьиэни өлүүлэһэн тутуу: 2 тыһыынчаттан тахса киһи төлөбүрү уонна дьиэни ылыаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Гражданнар бырааптарын көмүскүүр пуонда Кэтээн көрөр сэбиэтэ Арассыыйа 12 эрэгийиэнигэр баар кыһалҕалаах 59 эбийиэккэ сыһыаннаах быһаарыыны ылынна.

Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марат Хуснуллин этэринэн,онон 2100 эмсэҕэлээбит өлүүлэһэн тутааччы кыһалҕатын быһаарыаҕа.

“Бүгүн биһиэхэ 2165 өлүүлэһэн тутааччыга анаан үтүө сонуннаахпыт. Кинилэр 59 кыһалҕалаах эбийиэккэ дьиэ атыыласпыттара. Ити дьиэлэргэ сыһыаннаан пуонда сэбиэтэ быһаарыы ылынна. Омскай уобаласка биир дьиэ ситэри тутуллуоҕа, 58 – дьон толуйууну ылыахтара”, — диэн кэпсээтэ Марат Хуснуллин.

Көрүллүбүт дьиэлэр Москва, Ростов, Самара, Орловскай, Иваново, Кострома, Омскай уобаластарга, Башкортостан уонна Саха Өрөспүүбүлүкэлэригэр, Ставрополь, Краснодар, Пермь кыраайдарыгар бааллар.

“Омскайга биир дьиэни ситэри тутуохтара. Бу дьиэ үлэҕэ киирдэҕинэ кыбартыыраны 260 киһи ылыаҕа. Харчынан толуйууга 1905 киһи туруулаһар”, — диэн пуонда генеральнай дириэктэрэ Константин Тимофеев быһаарда. Толуйууну төлөөһүн кэннэ кинилэр бырааптара чөлүгэр түһүөҕэ.

Тэрээһини үбүлээһиҥҥэ 9,8 млрд солкуобайы ыытарга былаанныыллар, ол иһигэр 111 мөл. солкуобайы – тутууну түмүктүүргэ. Бу ыйыллыбыт эбийиэктэргэ төлөбүр саҕаланыытын туһунан пуонда фонд214.рф саайтыгар 2022 сыл тохсунньу саҕаланыыта таһаарыаҕа.

Толуйуу төлөнөр дьиэлэр испииһэктэригэр киирэ сылдьар: 

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ:

“Строймонтаж-2002” ХЭТ тутааччы 1 дьиэтэ маннык аадырыска: Дьокуускай к., Кальвица уул, 1 дьиэтэ. 

РФ Бырабыыталыстыбатын саайтыттан

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0