Степан Тролуковы кытта билсиэм иннинэ, кини туһунан олохтоохтор: «Бу эдэр киһи ханна сылдьыбыт сиригэр дьиэни ааһан иһэн тутар», — диэн кэпсээбиттэрэ.
edersaas.ru
Бу күннэргэ Уус Маайаҕа командировкаҕа сылдьан кэллим. Бэрт үлэһит, интэриэһинэй дьарыктаах, талааннаах дьону кытта билистим. Кинилэртэн биирдэстэрэ — Степан Тролуков. Кырдьык, нэһилиэк киинигэр тупсаҕай тутуулаах дьоҕус дьиэҕэ киһи хараҕа тута хатанар. Күпкэ Степан былырыын дьиэ кэргэнин кытта Петропавловскай нэһилиэгиттэн көһөн кэлбит.
Эдэр ыал хаһаайынын кытта дьиэтин таһыгар көрсөн кэпсэттим.
— Степан, эйиигин дьиэни олох кылгас кэм иһигэр тутар дииллэр ээ…
— Дьон үлэҕинэн Петропавловскайга, Уус Маайаҕа дьоҕус дьиэлэри туппутум. Уонна бу манна былырыын көһөн кэлээт, биир сыл иһигэр 5,5×4 кв.м иэннээх, мансардалаах дьиэни, 12,5 кв. м иэннээх баанньыгы туттубутум. Күһүн саҕалаабытым, саас тутан бүтэрэн киирбитим.
— Дьиэ тутар биригээдээлээххин дуу?
— Үксүн соҕотоҕун үлэлиибин. Улахан үлэтигэр дьону көмөлөһүннэрэбин. Илии-атах буолуохтара диэн 10 уонна 11 саастаах уолаттарым улааталларын кэтэһэбин.
Эдэр ыал бу нэһилиэккэ саҥа олохсуйан эрэллэрэ тиэргэннэриттэн көстөр. Хаһаайын манна эбии тутуулары ыытар былааннаах.
Ол эрээри, биир сыл иһигэр олорор дьиэни кытта баанньыгы тутан дьэндэтии — киһи сөҕөр эрэ. Мин болҕомтобун дьиэлээх хаһаайын туттар тээбиринин уурунар тэрилэ тарта. Быраҕыллыбыт тимири туһаҕа таһааран, аһаҕас халлааҥҥа, туһугар, бэртээхэй «мастарыскыай» оҥостубут. Онно туттар тэрилэ барыта орун-оннугар турарын көрөн сөхтүм. Ол эбэтэр мас күрдьэҕэ, миинньигэ, эрбиитэ, онтон да бэрт элбэх тэрилэ биир сиргэ чөкөтүллэн турар.
Туалетын эмиэ дьоҕус дьиэ курдук туппут.
Эдэр киһи мантан инньэ олохсуйан бардаҕына, Күп нэһилиэгэр саҥа дьиэлэри, кырдьык да, ааһан иһэн дьэндэтииһи.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaаs.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.