Аан дойуну аймаабыт ыарыы Арассыыйаны, Саха сирин эмиэ тумнубата. Онон сибээстээн, бүгүҥҥүттэн дьиэҕэ олорорго ыҥырбыттара. Олоҥхо тыйаатырын артыыстара Наталья Слепцова-Корякина көҕүлээһининэн, Күннэй Иванова, Василина Баланова тобулууларынан, сүбэлэрин холбоон #дьиэ5эолоруо5ун (#дьиэҕэ олоруоҕуҥ) диэн хэштегы толкуйдаабыттар.
“Нэдиэлэтээҕи дьарыкпытын былааннаатыбыт”
Хэштеги айбыт артыыстар бэйэлэрэ дьиэҕэ олорон бириэмэлэрин хайдах атааралларын билээри төлөпүөнүнэн кэпсэттим.
— Наталья, эн Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлиигин. Бу иллэҥ кэмнэргин хайдах атаарар былааннааххыный?
— Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлиибин эрээри, билигин оҕолонон олоробун. Улахаммыт оскуолаҕа үөрэнэр, кырабыт 3 ыйдаах. Бу күннэргэ “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону ааҕа сылдьабын, номнуо сэттис ырыатыгар тиийдим уонна кыралаан эрчиллэбин, оҕобун кытта дьарыктанабын, Англия тылын үөрэтэбин.
— Англия тылын ханна үөрэтэҕиний?
— Телеграмҥа Англия тылын үөрэтэр бөлөххө киирбитим. Биир ый иһигэр 100 тылы үөрэтиэхтээхпин, инстаграмҥа видео таһаарыахтаахпын… Саҕалаабытым түөрт эрэ күн буолла. Бүгүҥҥүтэ 20 тылы үөрэттим.
— Ыраахтан олорон үөрэнэр төһө уустук эбитий?
— Улахан уустук эбит дии санаабатым. Англия тылынан эрэ суруйаллар. Маҥнай төлөпүөммэр тылбаастыыр сыһыарыыны туруорбутум. Билигин тылбаасчыта суох өйдөөн эрэбин. Биллэн турар, букатын саҥаттан саҕалыыр буолбатахпын, син билэр этим.
— Оскуолаҕа үөрэнэр оҕоҕун кытта хайдах дьарыктанаҕыный?
— Оҕом бэйэтэ I Speak English тыл оскуолатыгар дьарыктанар эрээри, билигин тохтоон, дьиэтигэр олорор. Ол иһин иккиэн дьиэбитигэр тэҥҥэ үөрэнэбит, дьыктаан суруйтарабын, ахсаан суоттатабын, кинигэ ааҕабыт. Мин олоҥхону ааҕар кэммэр кини хайаан даҕаны бэйэтин кинигэтин ааҕар.
Оҕобор уонна бэйэбэр нэдиэлэтээҕи былааммытын аттарбытым. Холобур, сарсыарда тураат сэрээккэ оҥорор, онтон оригаминан дьарыктанар, ахсаан соуттуур, оонньуур, дьыктаан суруйар… Бэйэм нэдиэлэтээҕи былааммын эмиэ ити курдук барытын чааһынан аттарбытым. Бу билигин, холобур, оҕом Ютубтан көрөн оригамилыы олорор. Оҕо интэриэһиттэн көрөн туох баҕарар дьарыгы киллэриэххэ сөп, — диэн Наталья Слепцова-Корякина кэпсиир.
“Куһаҕан да, үчүгэйдээх”
Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, хэштег аатын тобуларга көмөлөспүт Василина Баланованы кытта кэпсэтэбин:
— Артыыстар дьэ иллэҥсийдэххит буолуо. Тугунан дьарыктанаҕыный?
— Бу күннэргэ дьиэбэр олоробун. Улаханнык киирбэппин-тахсыбаппын. Тахсар да буоллахпына мааска, эрэһиинэ бэрчээкки (одноразовай) кэтэбин. Маасканы бэйэм тикпитим.
Били, куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, оҕолорбун, дьоммун кытта олорор кыах үөскээтэ. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ үчүгэй өрүтүн көрүөххэ наада дии саныыбын. Иллэҥ бириэмэ көстүбүччэ, астаабатах аһылыкпын астыыбын, остуол оонньуутун оонньуубут. Оҕо эрдэхпитинэ ийэбэр араҕас өҥнөөх “Сиэрдээх буолуу” диэн Л.А.Афанасьев-Тэрис кинигэтэ баара. Билигин бу кинигэттэн күн аайы оҕолорбор биирдии тиэмэни ааҕа-ааҕа ырытабын, кэпсиибин. Үлэлиир кэммитигэр, холобур, бу курдук кэпсии олорор кыаллыбат этэ. Турдубут, бардыбыт, кэллибит, утуйдубут… диэбит курдук буолар.
Оҕолорум бэйэбин кытта тэбис-тэҥҥэ барытыгар хамсанан иһэллэр. Онон баайар, иистэнэр кэммэр аттыбар олорон тугу эрэ гыналлар. Төһө даҕаны дьиэҕэ олордорбун, төлөпүөнүнэн дьону тойукка үөрэтэбин, олоҥхобун ааҕабын. Итини таһынан, олоҕу тупсарыыга онлайн кууруска суруйтарбытым, йоганан дьарыктанан эрэбин. Ол эрээри, дьиэҕэ да олорон бириэмэни халтай атаарбаппын.
— Тугу астыыгыный? Баҕар, ааҕааччыларбыт иллэҥ бириэмэ көстүбүччэ туһаныахтара.
— Инстаграмҥа Наталья Оконешникова ырысыаптарын көрөн астыыбын. Уопсайынан, инстаграмы көннөрү көрөн баран аһаран кэбиспэккэ, туһалаахтык, бэйэни сайыннарыы өттүнэн туһана сатыыбын. Бүгүн бэйэм ырысыаппынан пицца астаары сылдьабын. Быһа холоон ыстакаан аҥаара курдук үүт, эмиэ итиччэ мас арыыта, биир сымыыт, суода эбэтэр разрыхлитель, туус, бурдук кутабын. Арыый сыалаах, илиигэ сыстыбат тиэстэ буолар. Тэнитэн баран дьиэҕэ туох баарынан кутабын. Хачыгырас буолар. Бэйэбит хачыгыраһы сөбүлүүр буолан, доруоһа куппаппын.
Кэргэним тэллэйдээҕи ордорор. Эмиэ ити тистэнэн оҥоробун. Тэнитэн баран буспут хортуоппуйу, луугу, онтон тэллэйи кырбаан тэлгиибин. Үрдүгэр убаҕас сүөгэйгэ икки-үс сымыыты, түөркэлэммит сыры кытта буккуйан кутабын.
— Доруобуйаны бөҕөргөтөргө эһиги дьиэ кэргэн тугу туһанаҕытый?
— Имбиири уонна лимону блендердээн баран мүөт эбэн чэй оҥостон иһэн эрэбит.
— Остуол оонньууларыттан ханныгы ордук сэҥээрэҕитий?
— Дьиэ кэргэнинэн өрүү оонньуур оонньууларбыт — “Лото”, “Куораттар-өрүстэр”, “Саһаан”, “Ойбон”, “Мафия”, “Монополия”, “Жизнь”, — диэн Василина кэпсиир.
“Сахалыы клавиатура киһиэхэ барытыгар баар буолбатах. Ол иһин хэштеги #дьиэ5эолоруо5ун диэн суруйдубут”, — диэн быһаараллар. Ыҥырыы таһаарбыттар, кыттыспыттар бары ыал ийэлэрэ, эдьиийдэрэ, балыстара. Оҕолорун, чугас дьонун, эһигини, биһигини харыстаан толкуйдаабыт #дьиэ5эолоруо5ун хэштегтарыгар кыттыһыаҕыҥ, тутуһуоҕуҥ, ДЬИЭҔЭ ОЛОРУОҔУҤ.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru