Оруоса сибэкки дьөрбөтүттэн быһан-отон дьиэҕэ үүннэриэххэ сөп.
Ол гынан баран, ыраах тас дойдуттан төһө өр айаннаан, бүөбэйдэнэн кэлбит сибэккини буолбакка, Арассыыйаҕа үүннэриллибити талар ордук диэн сүбэлииллэр. Быһата, өр кырасыабай көстүүлэнэн турарга ананан «кэнсиэрбэлэммити” буолбатах.
Бэлэхтээбит оруосаларын дьөрбөтө көрөргө олус кырасыабай. Киһи бу сибэкки иинэн-хатан барыаҕын баҕарбат. Эгэ, киэркэйэн, тупсан турдаҕына быраҕар туһунан толкуйдуоҥ дуо?!
Онон туһаҕа таһаарарга холонобут. Онуоха бэртээхэй сүбэни интэриниэти, кинигэни, сурунаалы да хасыһан булуохха, үүнээйинэн дьарыктанар дьонтон ыйыталаһан сүбэлэттэриэххэ да сөп.
Бастатан туран, үчүгэй, бөҕө-таҕа, күөх умнастааҕы таларга сүбэлииллэр. Умнаскыт төһө үнүгэстэрдээҕин көрүҥ. Тоҕо диэтэххэ, силис тартарарга умнас икки өртүн быраҕаҕын, ортотун эрэ ылаҕын. Онно 3-4 үнүгэс хаалара ордук.
Үүннэрэргэ хаалларбыт умнаскыт аллараа өттүн 45 кыраадыс муннуктуу быһан баран, түгэҕинэн кириэстии хайа сотуҥ. Үөһэ өттүн көнө гына быһыҥ.
Умнас үөһэ өттүгэр сэбирдэхтээх лабааны хаалларыахха да, хаалларымыахха да сөп. Өскөтүн лабаа хааллардаххытына, ону ортотунан быһан кылгатыҥ.
Бэлэмнээбит иһиккит аллараа өттүнэн аһаҕастардаах буолуохтаах. Түгэҕэр үүнээйи силиһэ сытыйбатын курдук, дренаж эбэтэр пенопласт эбиэххэ сөп. Ол кэннэ хара буор кутаҕыт. (Анал маҕаһыытан роза сибэккигэ аналлаах буор ыллаххытына өссө үчүгэй). Кумах эбэтэр муох эбэҕит.
Ук төрдүн “Корневин универсальный” диэн үүнээйигэ аналлаах бороһуокка уган ылаҕыт уонна кумахтаах буорга батары баттыыгыт. Бу силиһэ сайдарыгар туһалаах.
Сиигин көтүппэт курдук аҥардаммыт пластик бытыылканан (бааҥканан, салапаан мөһөөччүгүнэн) бүрүйэҕит. Умнас быгарын кэтээн көрө сылдьан салгылатаҕыт. Оруосаны күн уота дьөлө көрөр сиригэр уурумаҥ. Ол эрээри сырдыгы, сылааһы таптыырын умнумаҥ.
Итэҕэлгэ иэҕилиннэххэ
Оруоса киһини уоскутар, нарын иэйиинэн тулалыыр, настарыанньаны көтөҕөр. Өссө айар дьоҕуру уһугуннарар дииллэр.
Бу кэрэ сибэкки чэчирии сайдыы, тупсуу, киэркэйии, байыы-тайыы, дьол бэлиэтэ. Эр киһи кэргэнигэр, уол кыыһыгар бу сибэккини бэлэхтээтэҕинэ, сибэкки дьиэ кэргэни, тапталлаах паараны араҥаччылыыр.
Ол гынан баран, угун хатыытыгар тарбаххын дьөлө астаххына, сотору кэминэн тапталлааххын кытта иирсиэххин, тыл-тылга киирсимиэххин, киниттэн хомойуоххун, кэлэйиэххин да сөп. Онон алҕаска тарбаххын өлөрдөххүнэ, тута хатыытын тосту тардан ылан сибэкки дьөрбөтө турар уутугар бырах диэн сүбэлииллэр. Оччоҕуна барыта этэҥҥэ чуумпутук ааһан хаалыа дииллэр.
Тапталлааҕыҥ бу кэрэ сибэккини бэлэхтээбитэ түргэнник өлөн хааллаҕына, кини миигин оннук күүскэ таптаабат эбит диэн хомойоллор. Ол гынан баран өйдөө, абааһы көрөр диэн буолбатах. Доҕоруҥ эйиэхэ истиҥ санаалааҕар эрэн.
Оруоса сибэкки дьөрбөтүн үрдүк, улахан ваазаҕа уган туруордаххына, тыыннаах турарын тухары дьиэҕит энергиятын ыраастыыр, үчүгэйи, үөрүүнү аҕалар. Оттон хатан эрэри тута быраҕыҥ.
Маҕан оруоса – чэгиэн буолуу, ыраас сигили бэлиэтэ. Ол иһин урууга маҕан оруоса дьөрбөтүн бэлэхтииллэр эбит.
Кыһыл оруоса – имэҥнээх, күүстээх таптал бэлиэтэ.
Араҕас оруоса – доҕордоһуу, дьол, үөрүү-көтүү, настарыанньаны көтөҕүү бэлиэтэ. Онон тапталлааҕыҥ араҕас оруосаны бэлэхтээтэҕинэ, арахсыы бэлиэтэ диэн куттаныма.
Оруосабай оруосаны эйигин сэҥээрэр, сөбүлүү көрөр киһи бэлэхтиир.
Ол гынан баран, оруосаны өҥүттэн тутулуга суох, ийэҕэ, эдьиийгэ, тапталлаахха, балыска, кийииккэ, саҥаска, уопсайынан сөбүлүүр, истиҥник саныыр киһигэр бэлэхтиириҥ дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо?! Оттон олордорго, кылаабынайа кыһаллыахха, ыйыталаһыахха, сүбэлэттэриэххэ, бүөбэйдиэххэ.
Хаартыскалар: интэриниэттэн