«Дьиэбитигэр олоҥхоһут кэллэ-ээ!»

30.11.2016
Бөлөххө киир:

Аҕыйах сылтан ыалга олоҥхолооһун тэнийэн иһэр.  «Арчы Дьиэтин» исписэлииһэ, алгысчыт Борис Николаевич сонун бырайыагын иилэ хабан ылан, быйыл хас да улууска дьиэҕэ олоҥхолооһун тэриллибитин истэн үөрдүбүт. Аан бастаан Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Петр Тихонов Хатас дьиэтигэр кэлэн, чугастааҕы ыаллар, аймахтар, оҕолор-уруулар мустан олоҥхону оллоонноон олорон истибиттэрэ. Быйыл Дьокуускайга сэтинньи 29 күнүгэр Мария Семеновна уонна Василий Васильевич Илларионовтар дьиэлэригэр Олоҥхо алыптаах киэһэтэ үүннэ. Бу күн фольклорист, олоҥхону чинчийээччи, профессор, филологическай наука доктора, СӨ наукатын үтүөлээх деятелэ Василий Илларионов дьиэтигэр олоҥхоһут Петр Максимович Тихонов-Тэрчи ыҥырыллан кэллэ.

Саха сайдам ыала өбүгэлэрбит үтүө үгэстэринэн, олоҥхоһуту уонна ыраахтан-чугастан кэлбит истээччилэри уохтаах кымыһынан көрүстэ. Эйэҕэс-сайаҕас хаһаайкалар, Мария Семеновна Сунтаартан кэлбит аймаҕа Мария Васильевналыын бэлэмнээбит сахалыы астаах далбар остуолларыгар олорон, олоҥхо тула кэпсэтии таҕыста.

Оҕолор сэҥээрдилэр

Саамай күүтүүлээх ыалдьыттар – Илларионовтар сиэннэрэ уонна кинилэр доҕотторо «ычча-ычча» диэбитинэн киирэн кэллилэр. Оҕолор соннорун устан, боччумнаахтык туттан-хаптан, үөрүйэх бэйэлээхтик сахалыы таҥастарын сайбаччы кэтэн кэбистилэр. Кырачааннар олоҥхоһут тула бочуоттаах миэстэҕэ сахалыы көбүөргэ атахтарын тиэрэ ууран олордулар. Петр Максимович оҕолор диэки астыммыттыы көрөн олорон, «Дьулуруйар Ньургур Боотур» олоҥхотун саҕалаата.

Оҕолор барахсаттар улаханнык аралдьыйбатылар. Билбэт киһилэрэ эбээлээх-эһээлэрин дьиэтигэр кэлэн, эҥин араастык тутта-тутта, куолаһын уларыта-уларыта кэпсээн кэҕийэрин, олоҥхолуурун көрөн, этэргэ дылы, айахтарын атан олорон иһиттилэр эбээт. Улахан дьон «ноо» диэн сэҥээрэрин истэн, үтүктээччилэр да баар буоллулар. Петр Максимович бү күн олоҥхону сүрүн истээччилэр оҕолор буолалларынан, бытаан, наҕыл куолаһынан кэпсээн эрэрдии толордо.

Бириэмэ биллибэккэ ааста. Олоҥхоһут бүтээтин кытары оҕолор бэйэ-бэйэлэрин диэки дьээбэлээхтик уонна астыммыттыы көрсөн кэбистилэр. Борис Николаевич Илларионовтар дьиэ кэргэттэрэ былыргы үйэтээҕи үгэһи сөргүтэргэ көмөлөһөн, дьиэлэригэр ыҥыран олоҥхолоппуттарыгар махтанан туран, махтал суруктары, бэлэхтэри туттарда.

Дьиэҕэ олоҥхолооһун үтүө үгэскэ кубулуйдар

olo-ho-3-p

Олоҥхону сырдатааччы, тарҕатааччы Василий Илларионовы тутан олорон саха эпоһын туһунан инники былааннары кэпсэппэт сатала суох курдуга. Василий Васильевич бу күннэргэ, төһө да солото суох сырыттар, үтүө дьыаланы өйөөбүтүгэр бары да махтанныбыт.

Онтон кини кэргэнэ Мария Семеновна: «Куорат оҕолорун сахалыы үөрэтэр, иитэр эргиччи туһалаах. Кэлин оҕолор онно махталлаах буолаллар эбит. Сахалыы билэр куорат оҕото олоҕор тирэхтээх буолар. Оттон нууччалыы эрэ саҥарар оҕо саха оҕотугар чугаһаабат, нуучча оҕолоро да оччо чугаһаппат буолаллар эбит. Холобур, биһиги оҕолорбут сахалыы билэр буоланнар, тыа оҕолорун кытары ирэ-хоро билсэр, алтыһар кыахтаахтар. Онон, куоракка да оҕону сахалыы иитиэххэ сөп. Ити сахалыы уһуйааҥҥа сылдьыбыт сиэннэрбит хайдах сэҥээрэн истибиттэрин көрдүгүт дии. Баҕар, билигин улаханнык ылына охсубутахтарын да иһин, өйдөрүгэр-санааларыгар син биир хаалыа. Онон сиэннэрбитигэр умнуллубат түгэни бэлэхтээбиккитигэр Петр Максимовичка, Борис Николаевичка уруй-айхал буоллун», – диэн махталын тириэртэ.

Күндү ыалдьыт Петр Тихонов бэйэтин санаатын үллэстэригэр олоҥхону дьиэҕэ иһитиннэрии дьоҥҥо-сэргэҕэ ордук тиийимтиэ буоларын, олоҥхоһут айанньыт кэриэтэ буоларынан, инникитин даҕаны биирдиилээн олоҥхоһуту дьиэҕэ ыҥыран иһитиннэрии үтүө үгэскэ кубулуйарыгар баҕа санаатын эттэ.

Мэлдьи буоларын курдук, култуура дьиэлэригэр, ардыгар спорт саалаларыгар, улахан уораҕайдарга сүүһүнэн киһи мустан олордоҕуна, биир киһи олоҥхолуурун истии улахан да дьоҥҥо сылаалаах буолара кистэл буолбатах. Оттон бэйэҥ билэр дьиэҕэр-уоккар, эбээ-эһээ сылаас ньилбэгэр олорон истии уонна ылыныы олох атын буоларын сахалыы куттаах, ыалдьытымсах Илларионовтарга олорон өссө төгүл итэҕэйдибит. Олоҥхоһуту дьиэҕэ ыҥыран истии үтүө үгэскэ кубулуйдун.

Надежда ЕГОРОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0