Дьиэбит холумтана сылааһынан илгийэр

Бөлөххө киир:

Анна Ивановна уонна Иннокентий Константинович Сидоровтар харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолан олорбуттара номнуо 55 сыла буолла.Ол туохтан саҕаламмыта туспа остуоруйа.

Кинилэри хомсомуол билсиһиннэрбитэ. Ол кэмҥэ Анна Үөһээ Бүлүү райкомолугар тэри­йэр отдел сэбиэдиссэйинэн, оттон Иннокентий Аллайыаха райкомолун бастакы сэкирэтээринэн үлэлииллэрэ. 1966 сыллаахха хомсомуол путевкатынан Германияҕа барар чиэскэ тиксибиттэрэ. Урут олох билсибэт дьон долгуйар Дьокуускай куоракка көрсүбүттэрэ. Ол туһунан Иннокентий Константинович маннык кэпсиир:
«Туох барыта төрүөттээх. Хомсомуол обкомугар көтөн түһэбин. Обкомолларым көрсө түһээт: «Дьэ, Кеша, эн дьолгор Үөһээ Бүлүү кырасаабыссата Иванова Аня сөмөлүөккэ көтөр билиэтэ ылылла илик, онон эн түргэн үлүгэрдик сөмөлүөккэ көтөр билиэтин ылан кэл!» — диэн көрдөстүлэр. Мин баччаҕа кэлэр дьолум тардан, «ээх» диэбитинэн ыстанан хааллым. Арай, билиэтин ылан кэлбитим, обкомол уһун көрүдүөрүгэр биир көрүөхтэн кэрэ кыыс миигин ис киирбэх, сытыы харахтарынан курдаттыы көрөн турара. Мин сөбүлүү көрөн харахпынан хайҕаатым, сүрэхпинэн сөбүлээтим, ханнык да кыыска маннык долгуйбатаҕым. Көтөр билиэтин биэрэн, кэпсэтэн, билсиһэн барбыппыт. Сөмөлүөккэ бииргэ олорон Москванан, Германиянан, Ленинградынан күүлэйдээн, сынньанан, тыл тылбытыгар киирсэн ыал буолбуппут. Онон, биһигини хомсомуол дьоллообута».
Анна, Иннокентий Сидоровтар 1967 сыллаахха олунньу 18 күнүгэр дьоллорун холбоон ыал буолбуттара. Сыбаайбаларын Үөһээ Бүлүүгэ Кэнтик нэһилиэгэр тэрийбиттэрэ. Сыбаайбалара уратытык, арыгыта суох буолбута. Аны туран Кэнтик нэһилиэгэр аан бастакынан кулууп дьиэҕэ элбэх киһилээх, олус үөрүүлээх, үрдүк таһымнаахтык ааспыта. Ол да курдук, онно этиллибит баҕа санаалар, алгыстар бары туоланнар, күн бүгүнүгэр диэри дьол­лоохтук олороллор.

Сиэннэрин ситиһиилэринэн дьоллоноллор

Дьоллоох ыал биэс оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, сэттэ оҕону иитэн, үгүс сиэргэ-майгыга үөрэтэн, барыларын үрдүк үөрэхтээтилэр.
Улахан кыыс Елена үрдүк үөрэхтээх, омук тылын учуутала. Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһи­лиэгин оскуолатыгар учууталынан үлэлиир.

Иккис кыыс Альбина үрдүк үөрэхтээх буҕаалтыр, өр сылларга Сбербааҥҥа буҕаалтырынан үлэлээн кэллэ.

Үһүс кыыс Айталина үрдүк үөрэхтээх финансист. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үбүн министиэристибэтигэр өр кэмҥэ ревизорунан үлэлээбитэ.

Төрдүс кыыс Саргылаана үрдүк үөрэхтээх инженер. Ойуур харыстабылын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир «Якутлесресурс» тэрилтэ салайааччытын бастакы солбуйааччытынан үлэлии сылдьар.

Бэһис кыыс Сардаана үрдүк үөрэхтээх экэнэмиис уонна юрист, нолуок иниспиэксийэтин отделын салайааччытын солбуйааччы.

Алтыс кыыс Марианна үрдүк үөрэхтээх быраас, Дьокуускайга 1 нүөмэрдээх поликлиникаҕа оҕо бырааһынан үлэлиир.

Сэттис оҕо, соҕотох уолбут Иван үрдүк үөрэхтээх экэнэмиис, чааһынай урбаанньыт.

Анналаах Иннокентий тоҕус сиэн, сэттэ хос сиэн тапталлаах эбээлэрэ, эһээлэрэ бүгүн даҕаны дьиэ ис-тас үлэтигэр улахан көмө дьон. Сиэннэрин ситиһиилэринэн дьоллоноллор.
Бары араас дьарыктаах, үлэлээх-хамнастаах дьон дьиэ кэргэнинэн түмсэрбитин олус сөбүлүүбүт. Дьоллоох оҕо сааспытын санаан, толору ас­­таах ос­­туол тула олорон ирэ-хоро сэһэргэһэрбитин, ахтылҕаммытын таһаарарбытын астынабыт. Бары бииргэ сылдьан сир астыыбыт, үлэлиибит, күүлэйдиибит, араас бырааһынньыктары тэрийэбит. Ханна да сырыттарбыт ийэлээх аҕабыт умаппыт оһохторун уота сылааһынан илгийэ ыҥырар, угуйар.

Таптал дьоллуур күүстээх

Биһиги дьоннорбут дьиҥ сахалыы ис куттаах, үүнэр ыччакка үтүө холобур буолар, ытык-­мааны ыал быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктабылы ылар ыал буолаллар. Кинилэр 55 сыл тухары бэйэ-бэйэлэригэр иһирэх ­иэйиилэрин илдьэ иллээхтик-эйэлээхтик олорон кэлбиттэрэ биһигини киэн туттуу, истиҥ махтал иһирэх иэйиилэринэн угуттуур.
Ийэбит Анна Ивановна идэтинэн финансист. Өр сылларга Үөһээ Бүлүүгэ райкомолга, сбербааҥҥа, баартыйа райкомугар биэнсийэҕэ тахсыар диэри бу­­ҕаалтырынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Аҕабыт Иннокентий Констан­тинович эдэр сааһыттан Алдан оройуонун «Серп и Молот» холкуоска хомсомуол сэкирэтээринэн, оройуоннааҕы кэмитиэккэ тыа хаһаайыстыбатын отделын сэбиэдиссэйинэн, Аллайыаха райкомолун бастакы сэкирэтээринэн, СГУ хомсомуолун иккис сэкирэтээринэн талыллан үлэлээбитэ. Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрэн баран, Үөһээ Бүлүү оройуонугар оро­йуон хаһыатыгар, онтон ус­­пуорт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол кэннэ олоҕун тыа ха­­һаайыстыбатын сайдыытыгар анаабыта. Ол курдук, «Үөдүгэй» сопхуос Кэнтиктээҕи отделениетын управляющайынан, Исидор Барахов аатынан сопхуос рабочкомун бэрэссэдээтэлинэн, кэлин оройуоннааҕы тыа хаһаа­йыстыбатын идэлээх сойууһун прези­диумун бэрэссэдээтэлинэн сынньалаҥҥа барыар диэри ­үлэлээбитэ.
Сидоровтар үлэлэрэ-хамнастара үгүөрү үтүө түмүктэрдээх. Ол курдук, Иннокентий Константинович наҕараадалара:
Саха Өрөспүүбүлүкэтин но­руотун хаһаайыстыбатын үтүө­лээх үлэһитэ;
— Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэ­рэ­сидьиэнин «Гражданскай кил­биэн» анал бэлиэ кавалера;
— Арассыыйа тутулуга суох идэлээх сойууһун федерациятын 100 сыллаах үбүлүөйдээх мэ­­тээлэ;
— Үөһээ Булүү оройуонун, Нам нэһилиэгин уонна Мэҥэ Хаҥалас оройуонун 1 Мэлдьэхси нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.
Иннокентий Константинович кинигэ, хоһоон суруйар идэлээх. «Ийэ дьоло», «Тыа сирин үлэһиттэрин идэлээх сойууһа» диэн икки кинигэ ааптара. Кини хо­­һоонноругар ырыалар суруллубуттара, ол иһигэр Мэлдьэхси нэһилиэгин өрөгөй ырыата.


Анна Ивановна үлэ бэтэрээнэ, “Ийэ буолуу” мэтээл хаһаайката, ССКП обкомун Бочуотунай грамотатынан хаста да наҕараадаламмыта. Үөһээ Бүлүү улууһун «Бочуот кинигэтигэр» киирбитэ, элбэх грамоталар, Махтал суруктар кини дьоллоох олоҕун кэрэһилииллэр.
Биһиги ийэбит сибэкки олордорун олус сөбүлүүр, сайыннары-кыһыннары дьиэтигэр араас өҥнөөх дьэрэкээн сибэккилэри олордон, көрөр-истэр. Кини сибэккилэрэ киһини үөрдэллэр, санааҕын көтөҕөллөр. Сайын ахсын араас оҕуруот аһын олордор, оҕолорун, сиэннэрин күндүлүүр, эдэр хаһаайкаларга сүбэ-ама биэрэр. Онтон күһүн мип-минньигэс кэнсиэрбэ оҥорор.
«Киһи олоҕор таптал хаһан баҕарар элбэҕи быһаарар. Дьиэ кэргэни таптал эрэ дьоллуур күүстээх», — дииллэр дьоллоох ыаллар Сидоровтар.

«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Саргылаана СИДОРОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0