Дьиэ тэллэйин утары “охсуһар” оһох

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн нэһилиэгин олохтооҕо Андрей Атласов айылҕаттан айдарыылаах мындыр толкуйунан киһини сөхтөрөр араас тэрили, тээбирини, тиэхиньикэни оҥорон, өрүү биир дойдулаахтарын соһутар.

Быйыл сайын Өймөкөөн нэһилиэгин олохтоохторо улахан халааҥҥа эмсэҕэлээтилэр. Көмүс илиилээх маастар Андрей Атласов  оҥорбут оһоҕо кини биир дойдулаахтарыгар эрэ буолбакка, бүгүҥҥү күҥҥэ дьиэлэрэ ууга ылларбыт улуустар олохтоохторугар эмиэ саамай наадалаах сүбэнэн буолара буолуо.

Биирдэ Андрей кэргэнэ: “Дьиэбит муостата сиигирэн тэллэйдэнэн эрэр эбит. Тугу эрэ толкуйдуохха наада”, — диэбитигэр, дьиэлээх хаһаайын муоста аннын сиигин куурдар оһоҕу толкуйдаабыт.

Оһох тардыытын көмөтүнэн дьиэ муостатын анныннааҕы сииги куурдуохха сөп эбит. Буруо тахсар турбатыгар эбии турба холбоон, муоста анныттан сииги тардарын курдук, муостаны тэһэн укпутум.

Эбии турбабар “задвижка” (“заслонка”) оҥорбутум.

Турба “задвижкатынан” туһанан, оһох тардыытын “регулировкалыахха” сөп. “Задвижканы” саптахха, оһох тардыыта күүһүрэр, астахха мөлтүүр. Эбии турба маһы кэмчилииргэ эмиэ туһалаах, — диэн быһаарар Андрей. Бу маннык гынан, Өймөкөөн олохтооҕо Андрей Атласов сотору кэминэн турба көмөтүнэн муостатын аннын куурдан кэбиспит.

Өйдөнөрүн курдук Андрейга оһох схематын уруһуйдаттым. Онон туһаныан баҕалаах дьон бу уруһуйунан сирдэтиэххитин сөп.

Андрей Атласов бу ньыматын дьиэлэрэ сииктээх дьон туһаныахтара диэн эрэнэбит.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0