Кэлин соҕуруу дойдуга үүнэр мас арааһа Саха сиригэр дэлэйдэ. Дьон интэриниэтинэн сакаастаан ылан виноградыгар, дьаабылыкатыгар тиийэ олордор. Дьиэ таһыгар ханнык мастары олордуллуо суохтааҕын билэҕит дуу?
Олбуор иһигэр, даачаҕа мас олордорбутугар сүрүннээн харахпыт сөбүлүү көрбүт, кыраһыабай сибэккилээх, кэрэ көстүүлээх маһын талабыт. Онтон биһиги килиимэппитигэр сөп түбэһэрин дуу, сөп түбэспэтин дуу ааҕабыт, туоһулаһабыт. Ол эрээри, исписэлиистэр маны сыыһа дииллэр. Бастатан туран, силиһэ төһө тэнийэрин, умнаһа хайдах үүнэрин учуоттуур ирдэнэр эбит. Иккиһинэн, Саха сиригэр сөп түбэһэрин-түбэспэтин ааҕыахтаахпыт. Үсүһүнэн, үөн-көйүүр төһө мустарын-мустубатын учуоттуохтаахпыт.
Онон олбуор иһигэр хатыҥы, акацияны, бэһи (күнү хаххалыыр эрээри, үчүгэй энергиэтикэлээх), итиэннэ отонноох мастары рябинаны, грушаны, вишняны, дөлүһүөнү, калинаны, дьаабылыканы олордуҥ диэн этэллэр.
Оттон умнаһа тостумтуо уонна аллергияны көбүтэр буолан тирэх маһы (тополь), хаһаайын сэниэтин ылар уонна силиһэ олус адаархай диэн дуб маһы, улахан силистээх, дьиэ акылаатын хамсатыан сөп диэн грецкэй эриэхэни, киһи эниэргийэтин ыларынан биллэр иирэни (верба) уонна тэтиҥи (осина) олбуор иһигэр, дьиэ таһыгар олордумаҥ диэн сүбэлииллэр. Хараска үөн-көйүүр сөбүлээн мустар диэн уруккуттан этэллэр. Ол иһин харас маһын оҕуруот аттыгар буолбакка, олбуор таһыгар олордуҥ дииллэр. Маны таһынан, сахалар олбуор иһигэр харыйаны олордуллуо суохтаах диэн этэллэрин элбэхтик истэн эрдэххит.
Аны тутуу нуорматыгар олоҕуран, саад ыллыгыттан (садовая дорожка), тротуартан 1,5 миэтэрэ, дьиэттэн 5 миэтэрэ, коммуникацияттан кырата 2 миэтэрэ, олбуортан кырата 1 миэтэрэ тэйиччи олордуллуохтаах.
Мастары олордуу икки арда 2-5 миэтэрэ буолуохтаах. Бу мас силиһэ үчүгэйдик үүнэригэр көмөлөөх.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: moyaograda.ru