Муус устар 30 күнүгэр диэри маннык нолуоктары төлүүр ирдэнэр: 2020 сылга 3 сылтан аҕыйах кэмҥэ бас билбит дьиэҕин, эбэтэр массыынаҕын атыылаабыт буоллаххына.
— 2021 сыл муус устар 30 күнүгэр диэри 3-НДФЛ декларацияны биэриэххэ наада;
— 2021 сыл от ыйын 15 күнүгэр диэри 13%-наах нолуогу төлүөххэ наада.
Бу эбээһинэһи толорботоххо, ыстараап көрүллэр. 3 сыл кэнниттэн дьиэҕин, массыынаҕын төһө баҕарар нолуога суох атыылыаххын сөп. Онон 3 сыл кэнниттэн декларацияны да биэрбэккин, нолуогу да төлөөбөккүн. Саха сиригэр бу болдьох 3 сыл, атын эрэгийиэннэргэ 5 сыл буолар.
Өскөтүн 3 сыл туола илик эрээри, атыылыыр кыһалҕа үөскээтэҕинэ, нолуогу кыччатар ньымалар бааллар.
Бигэргэммит суумалары туһаныы: холобур, массыынаҕа 250 тыһыынча солкуобайы, дьиэҕэ 1 мөлүйүөн солкуобайы төлөөтөххө, нолуога суох буолар. Бу сууматтан таһынан атыылаатаххына, нолуок көрүллэр. Ол эрээри, дьиэ сыаната кадастровай сыанатын 70%-тан кыра буолуо суохтаах.
Иккиһинэн, ороскуотун кыччатыы: ыраас барыстан эрэ нолуогу төлөөһүн. Холобур, массыынаны 750 тыһыынча солкуобайга атыылаһан баран, 1 мөлүйүөн солкуобайга атыылаабыккыт. Оччотугар бу 250 тыһыынча солкуобай ыраас барыстан эрэ нолуок төлөнөр. Эбэтэр, 4 мөлүйүөн солкуобайга дьиэ атыылаһан баран, 6 мөлүйүөн солкуобайга атыылаабыккыт – оччоҕо 2 мөлүйүөнтэн нолуок төлүөххэ наада. Атыыласпыт суумаҕытыгар, эбэтэр өссө чэпчэтэн атыылаатаххытына, нолуок төлөммөт.
Үсүһүнэн, нолуоктан көҕүрэтиини (вычет) туһаныы: кыбартыыраны атыылаан баран, атын кыбартыыраны атыыласпыт буоллаххытына. Оннук түгэҥҥэ: бастакы атыылаабыт кыбартыыраҕытыгар нолуок төлүөххүтүн наада, ону тэҥэ, иккис атыыласпыт кыбартыыраҕытыгар нолуоктан көҕүрэтиини ылыаххытын сөп. Урут нолуоктан көҕүрэтиини (вычет) туһана илик буоллаххытына, ону ылан баран, атыылаабыт кыбартыыраҕыт нолуогун сабан кэбиһиэххитин сөп.
Бу үһүс ньыма бастакы икки ньымалары кытары тэҥинэн буолуон сөп. Оттон бастакы уонна иккис ньымалар сөп түбэһиспэттэр, хайатын эрэ талыахха наада.
Декларацияны кэмигэр биэрбэтэххэ, 1000 солкуобайга ыстарааптыыллар уонна нолуок сууматыттан эбии 20%-ны төлөттөрөллөр.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: lrt.tv