Бу туһунан дьэллик ыттарбыт, куоскаларбыт билэллэрэ буоллар, биһигини туох дии саныахтара эбитэ буолла…
Япония олохтоохторо эдэриттэн эмэнигэр тиийэ ыты, куосканы олуһун диэн сөбүлүүллэр. Ону бэл кырачааннарын дьэрэкээн таҥастара-саптара, туттар тээбириннэрэ үксэ куоска, ыт ойуулааҕа да кэрэһилиир.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
Төһө да үлэҕэ баттатталлар, дьиэлэрэ-уоттара кыараҕас буоллар, итиэннэ дьиэ кыылын тутууга сокуон ирдэбилэ кытаанаҕын үрдүнэн, Күн күөрэйэр дойдутугар ыт биитэр куоска ылан иитээччилэр аҕыйаҕа суохтар. Доруобуйа харыстабылын дааннайынан, Япония 18 олохтооҕор биир ыт тиксэр. Ол эбэтэр ыаллар 14 бырыһыаннара ыты, 10 бырыһыаннара куосканы туталлар эбит. Тэҥниир буоллахха, АХШ-гар бу сыыппара туһааннааҕынан 47 уонна 37, оттон Европа дойдуларыгар 24 уонна 21 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр.
Билигин дойдуга ыт уонна куоска ахсаана араа-бараа. Анал ыйытык түмүгүнэн, дьоппуоннар 23 бырыһыаннара ыты, 16 бырыһыаннара куосканы иитэ ылыахтарын баҕараллар эрээри, олорор дьиэ-уот кыараҕаһыттан, сокуон ирдэбилэ кытаанаҕыттан туттунан эрэргэ күһэллэллэр эбит. Куорат олохтоохторо, көрөргө-харайарга табыгастааҕынан, сүрүннээн такса, той-пудель, сиба-ину курдук кыра боруода ыттары ордороллор.
Японияҕа дьиэ кыылын иитиигэ кытаанах ирдэбиллэр туруоруллаллар, онон баҕарбыт эрэ барыта ыттанара, куоскаланара уустуктардаах. Бастатан туран куорат сиргэ ыты, куосканы тутар усулуобуйа көрдөбүлгэ эппиэттиир, дьиэ кэргэн иитиэх кыылын күннэтэ туһааннаах кэмҥэ сибиэһэй салгыҥҥа күүлэйдэтэригэр бириэмэлээх буолуохтаах. Өскөтүн квартираҕын куортамнаһар буоллаххына, хаһаайынтан хайаан да көҥүл ылыахтааххын., Ытыҥ үрүүтэ, куоскаҥ ньааҕынааһына ыалларгын аймыа суохтаах. Таһырдьа күүлэйдэтэ таһаараргар ыккын хайаан да быалаан илдьэ сылдьыахтааххын, чохчойбутун тута хомуйан ылыахтааххын. Бу барыта сокуонунан сүрүннэнэр.
Улахан куораттарга ыты, куосканы күүлэйдэтэргэ анал сирдэр, түөрт атахтаах доҕоргун күндүлүүргэр кафелар бааллар. Маны сэргэ ыт, куоска таҥаһын, аһын-үөлүн, тэрилин (кэлээскэтигэр тиийэ), бэл диэтэр оонньуурун атыылыыр идэтийбит маҕаһыыннар аҕыйаҕа суохтар.
Түөрт атахтаах доҕорун сирдээҕи олоҕо түмүктэннэҕинэ, тиһэх суолугар атаарыынан, кини уҥуоҕун көрүүнэн-истиинэн, төрөөбүт күнүгэр онно сибэкки ууруунан анал сулууспалар дьарыктаныахтара. Эбии төлөбүргэ храмнарга кини дууһата ырайга уоскулаҥы буларыгар сыллата мэлиибэн сакаастыаххын сөп.
Ыты тутарга ыйга ортотунан Япония олохтооҕо 7 800 йенэни ороскуоттуур эбит, куоска иһин 5 000 йенэни төлүөҕүн наада. Оттон ханна эмэ ыраата барар буоллаҕына, ытын, куоскатын анал хоннорор сирдэргэ аҕалан хаалларыан син. Токиоҕа улахан ыт турар вольерын сыаната биир хонукка 4 000 йенэҕэ (быһа холоон 2 000 солкуобай), туспа хоһо 9 – 10 тыһыынча йенэҕэ тэҥнэһэр.
Онон бастайааннай үлэлээх биитэр үрдүк биэнсийэлээх уонна бириэмэлээх эрэ дьоппуоннар ыты, куосканы иитиигэ ылан, доҕор-атас оҥостуохтарын, онон саатыахтарын, олохторун киэргэтиэхтэрин сөп.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.