Федеральнай таһымҥа маннык ааттаах саҥа, сонун интэриниэт-ресурс баар буолла.
Бырайыак ааптара, педагогика наукатын хандьыдаата, «Логос» билиини-көрүүнү, тус бэйэ дьоҕурун сайыннарарга көмөлөһөр киин дириэктэрэ Александра Ушницкая бүгүн бу туһунан сырдатта.
Төрөппүттэргэ, оҕолорго, учууталларга, уопсайынан оҕону сайыннарарга интэриэстээх дьоҥҥо аналлаах интэриниэт-ресурс 2019-2020 үөрэх дьылыгар үлэтин бу ый 10 күнүттэн саҕалыахтаах.
—Төрөппүттэр оҕолоро чэгиэн, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, тэтимнээхтик сайдар олоххо ситиһиилээх буолуохтарын баҕараллар. Бу — онно аналлаах, — диир Александра Егоровна. — Доруобуйа, уйулҕа, сайдыы, иитии-такайыы, дьиэ кэргэн уобараһа диэн тус-туһунан хайысхалардаах. Онон тугу сэргээбиттэринэн, сэҥээрбиттэринэн итиэннэ мунаарбыт-тэнээрбит, мунчаарбыт, ыйытыылаах дьон бу саайтка киирэн сүбэ-ама, ыйытыыларыгар хоруй ылар, билиилэрин-көрүүлэрин хаҥатар кыахтаналлар. Маныаха видеонан лиэксийэлэр, маастар-кылаастар, интэриэһинэй, ураты көрүүлээх, ыллыктаах тыллаах-өстөөх ытык дьону кытары сэһэргэһиилэр, иллээх дьиэ кэргэн оҕону иитиигэ үөрүйэҕэ, сатабыла, инники күөҥҥэ тутуллар бырайыактар, ааҕарга литературалар тиһиктээхтик тахса туруохтара.
Учуонайдар, психологтар, методистар, педагогтар, быраастар, төрөппүттэр, дьиэ кэргэн, оҕо аймах боппуруостарыгар үлэлэһээччилэр туһалаах, наадалаах уонна көмөлөөх лиэксийэлэри оҥоруохтара, бэсиэдэлэри ыытыахтара, санааларын үллэстиэхтэрэ, — диэтэ. Александра Егоровна маны сэргэ, интэриниэт-ресурска төрөппүттэри кытары дьыалабыай кэпсэтиилэр, сэминээрдэр тэриллэн ыытыллыахтарын, психолог-волонтердар көмөлөрө оҥоһуллуоҕун эттэ. Сайын устатыгар кини 60 лиэксийэ бэлэмнэниллибитин иһитиннэрдэ.
Манна тугу эбиэххэ сөбүй? Бастатан, истибиппинэн, туһалаах, интэриэһинэй буолара күүтүллэр. Биир бэйэм, үрдүкү кылаас оҕолоругар араас куораттар үрдүк үөрэхтэрин кыһаларынан туһалаах онлайн-экскурсиялар ыытыллалларын сэҥээрдим. Оҕо үөрэххэ баҕата, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыыта улаатарыгар кыымы саҕыан сөп. Иккиһинэн, кытай, кэриэй, дьоппуон омук тылларын үөрэтэр кыах бэриллэрэ, үгүс киһи болҕомтотун тардыаҕа дии саныыбын. Оттон алын уонна орто сүһүөх кылаас оҕолоругар билиилэрин-көрүүлэрин хаҥаталларыгар туһалааҕын сэргэ, үөрэнээччилэр кылаастарыттан тутулуга суох өссө төрөппүттэрин, учууталларын эбэтэр кэлэктиибинэн кытары куолаан бу саайтка киирэллэрэ уон оччонон интэриэһи күүркэтииһи, сомоҕолоһуннарыыһы даҕаны диэн көрдүм.
Бырайыак ааптара СӨ Үөрэххэ министиэристибэтэ, Арассыыйа үөрэххэ академиятын киинэ, Самара уобалаһын үөрэҕи сайыннарыыга киинэ, М.Аммосов аатынан ХИФУ, Казань университета, Москватааҕы социальнай-психологическай университет, Л.Гумилев аатынан Евразиятааҕы национальнай университет, уо.д.а. бырайыак дьыалабыай партнердара буолалларын бэлиэтээтэ. «Онон, биир сиргэ түмүллүбүт үрдүк ирдэбилгэ эппиэттиир дьиҥ туһалаах иһитиннэриилэри дьон ханна баҕарар сылдьан, чуо бэйэлэригэр табыгастаах кэмҥэ ылыахтара. Интэриэстэринэн бэйэлэрэ талан көрүөхтэрэ, кыттыһыахтара, аныгы үйэ оҕотун иитиигэ, үөрэтиигэ хоруйдары ылыахтара», — диэтэ.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн