«Дьиэ кэргэн экэниэмикэтэ» бырагырааманан Чурапчыга сибиинньэ оҕолорун түҥэттилэр

Бөлөххө киир:

Чурапчы улууһугар «Дьиэ кэргэн экэниэмикэтэ» улуустааҕы бырагыраама иитинэн, бу күннэргэ  Мындаҕаайыга 40 уонна Дириҥҥэ 19  сибиинньэ оҕолорун Хатастан аҕаллылар.

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета иһитиннэрбитинэн, мантан саас өссө тыһыынчаттан тахса сибиинньэ оҕотун аҕалар былааннаахтар.

Чурапчы улууһугар социальнай бырагыраама 9 хайысхата ситиһиилээхтик олоххо киирбитэ.  Ыалларга түргэнник ситэр дьиэ кыылын, көтөрү аҕалан, тэпилииссэ атыылаһарга көмөлөһөн, оҕуруот, хортуоппуй олордорго сир учаастагын биэрэн, хаһаайыстыбаларын сайыннаралларыгар, дохуот ылалларыгар төһүү күүс буолаллар.
edersaas.ru
Хаартыска: http://Ykt.ru
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0