“Дьиэ кэргэн” бырайыак: Винокуровтар – удьуор сылгыһыт ыал

20.06.2017
Бөлөххө киир:


“Сахамедиа” холдинг “Дьиэ кэргэн” анал бырайыагар ураты көрүүлээх, дьарыктаах, ситиһиилээх, дьон болҕомтотун тардар, олоххо актыыбынай позициялаах ыалы ааҕааччы киэҥ биһирэбилигэр таһаарар. Бу бырайыакка кинилэр олохторун, ситиһиилэрин, кыһалҕаларын, олоххо көрүүлэрин кэпсиибит.

 edersaas.ru


Өймөкөөҥҥө командировкаҕа тиийэ сылдьан, Винокуровтар диэн иллээх дьиэ кэргэҥҥэ ыалдьыттаан турардаахпыт. Онно хоту дойду дьоно ыалдьытымсахтара, аһаҕастара сөхтөрбүтэ. Ийэлэрэ Ирина Христофоровна “хоту дойду хоһуун дьахтара” диэн өйдөбүлгэ толору сөп түбэһэрэ. Булчут, сылгыһыт, спортсменка, ону тэҥэ элбэх оҕону үтүө дьон гына иитэлээн, атахтарыгар туруорбут дьахтары аныгы үйэҕэ дэҥҥэ көрөҕүн.
Быйыл кини куоракка кэлэ сырыттаҕына көрсөн, ирэ-хоро кэпсэттибит.

Булчут, сылгыһыт, ат сүүрдээччи, айааһааччы ийэ

Ирина Христофоровна 28 сыл сылгыһытынан, ону тэҥэ сопхуоска чуум үлэһитинэн, кассирынан үлэлээбитэ. Кини Хабаровскай кыраай Охотскай оройуонун Аарка сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Манна эбээннэр түөлбэлээн олорор сирдэрэ. Кыысчаан ийэтэ суох улааппыта, кыра эрдэҕиттэн интэринээккэ олорон үөрэммитэ. Эдьиийигэр иитиллибитэ диэххэ сөп. Оскуоланы бүтэрэн баран, педучилищеҕа туттарсан киирбитэ. Ол эрээри, 1988 сыллаахха тапталын көрсөн, кэргэн тахсан, Өймөкөөҥҥө сүктэн кэлбитэ. Кэргэнэ Семен Львович удьуор сылгыһыт этэ.
Бастакы оҕолоро 2 ыйын туола да илигинэ, атынан Агайкаан диэн сиргэ сылгы базатыгар көспүттэрэ. Ол кэннэ уон сылы быһа бөһүөлэккэ киирбэккэ, наар тыаҕа олорбуттара. Этэргэ дылы, Ирина бөһүөлэккэ ат үрдүгэр олорон, төрүү эрэ киирэр этэ. Ол кэмҥэ утуу-субуу 5 оҕоломмуттара. Хоһуун дьахтар кыра оҕолордоохпун диэн дьиэҕэ олорбокко, кэргэнин кытта бииргэ бултуур, сылгыга сылдьыһар, бэл, соноҕостору айааһыыр этэ.
Оҕолоро эмиэ ат үрдүгэр улааппыттара. Кыыстыын-уоллуун кыра эрдэхтэриттэн туох да үлэттэн толлубакка, аты айааһыыр, булка сылдьар, тыраахтары, массыынаны ыытар этилэр.
1998 с. Үчүгэй бөһүөлэгэр дьиэ туттан, онно көспүттэрэ. Оҕолор оскуолаҕа киирбиттэрэ. Ол да буоллар, аҕалара сылгы базатыгар үлэлиирэ, онон быыс буллаллар эрэ, кэлэ-бара сылдьыбыттара.


Бөһүөлэккэ тэһийбэппин, айылҕата суох сатаан сылдьыбаппын. Эбээн буоламмын, көс олох хааммытыгар баар быһыылаах. Айылҕа оҕолоро буоллахпыт дии. Сайын базаҕа көһүү биһиэхэ улахан бырааһынньык курдук. Бултуурбун, кустуурбун сөбүлүүбүн. Куобахха, тайахха сылдьааччыбын. Кырдьаҕаһы бултааһыҥҥа улаханнык күһэллэн, сылгыларбытын моһуоктаатаҕына эрэ. Бөрөлөр эмиэ сордууллар, — диэн Ирина Христофоровна кэпсиир.
Ону таһынан, кини эдэр сылдьан ыһыахтарга ат сүүрдэр этэ. Улууска ыытыллар Таба бырааһынньыгар хаста да табаны сүүрдүүгэ кыайан турар. Волейбол күрэхтэһиитигэр, гиирэни анньыыга, сыалы ытыыга көхтөөх кыттыыны ылара. 16 киилэлээх гиирэны 24-тэ анньыбыттаах.
Биирдэ 4 оҕону баһаартан быыһаан турар. Ол 1992 сыллаахха этэ. Дьон ойуур баһаарын умуруора барбыттарын кэннэ, 2 кыбартыыралаах дьиэ түүн умайан тахсыбыта. Дьиэ иһигэр 4 кыра оҕо уонна Дабыыт оҕонньор утуйа сыталлара.
Ирина бэйэтэ хат этэ, ону ол диэбэккэ, кырыыһата умайа турар дьиэ түннүгүн алдьатан киирбитэ. Ыыс-быдан буруо тыыннарбат да этэ, дьиэ үрдүттэн сырдьыгыныы сылдьар туол сабыыта ууллан саккырыыра, ханна эрэ ботуруоннар эстэн бачыгырыыллара – букатын сэрии курдук этэ. Ол да буоллар, оҕонньору уһугуннаран, оҕолору таһаартаабыттара. Илиитигэр ууллубут туол түһэн, быһа сиэн кэбиспит этэ, онто өр баҕайы оспокко бааһыран сылдьыбыта.
Ирина Христофоровна билигин оскуолаҕа эбии үөрэхтээһин учууталынан үлэлиир. Оҕолорго эбээн фольклорун, ырыатын, тойугун үөрэтэр. “Умтичан” диэн ансаамбыллаах, онно 9 оҕо дьарыктанар. Улуустааҕы “Дьүкээбил” куонкуруска хаста да бастаабыттара. Былырыын Санкт-Петербург куоракка “Салют талантов” куонкуруска кыыһа Самаана 1-кы истиэпэннээх лауреат аатын ылбыта. Ансаамбылынан Болгарияҕа аан дойдутааҕы фольклор бэстибээлигэр баран кыттан кэлбиттэрэ.
Ону тэҥэ улууска дьахтар хамсааһынын актыбыыһа, нэһилиэк сэбиэтин дьокутаата. Кини уопсастыбаннай үлэттэн хаһан да туора турбатаҕа.
—Киһи бэйэтин олоҕун бэйэтэ оҥостор дии саныыбын. Тулаайах аҥардаах улааппытым, көмөлөһөр, сүбэлиир, дурда-хахха буолар элбэх уруу-аймах суоҕа. Эдэр эрдэхпиттэн, “кэлин кэмсиммэт гына, үчүгэй олоҕу олоруохтаахпын” диэн сыал туруоруммутум. Хата, үчүгэй киһиэхэ кэргэн тахсыбытым – дьолум.
Туох эрэ табыллыбат да буоллаҕына, өрө баран, хайаан да сыалы ситиһэ сатыахха наада. Бэйэбэр ирдэбил туруоран баран, ону толоро сатыыбын. Хайдах олоҕу олороро – киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах эбээт! Билиҥҥи сыалбыт – оҕолорбут дьоллоох оҕо сааһы билиэхтээхтэр диэн, — диир кини.

Оҕону иитии кистэлэҥнэрэ

Винокуровтар 8 оҕолоохтор. Кыраларын сааһыран баран, хойутуу төрөппүттэрэ. Самаана 3-с, Туйгун 2-с кылааска үөрэнэллэр, Аяврина 7 саастаах.
Билигин улахан оҕолоро бары ыаллар, ийэ-аҕа буоллулар. Улахан кыыс Нина 3 оҕолоох, Дьокуускайга олорор. Ульяна 2 оҕолоох, Өймөкөөҥҥө олорор. Улахан уол Дугуйдан Тыа хаһаайыстыбатын институтун фермер салаатын бүтэрдэ, 2 оҕолоох. Семерина Уһук Илиннээҕи тимир суол университетын бүтэрбитэ, 2 оҕолоох. София Хабаровскайга эмиэ тимир суол үөрэҕин бүтэрбитэ, кэргэннээх, оҕолоох.
Онон Винокуровтар дьиэ кэргэттэрэ, урут иккиэйэх буоллахтарына, билигин кийииттэри, күтүөттэри аахтахха, 25 киһилээх, өссө да элбии, эбиллэ тураллара саарбахтаммат. Саханы элбэтии бырагырааматын таһыччы толордулар диэн кэбис.
Оҕолор букатын кыраларыттан ат үрдүгэр улааппыттара, кыыһыттан-уолуттан тутулуга суох, мас да мастыыллар, эт да эттииллэр, ынах ыыллар, сылгы көрөллөр, дьиэни-уоту көрөрү, ас астыыры этэ да барбаккын. Онон түргэн-тарҕан туттунуулаах, кыайыгас-хотугас, бэртээхэй хаһаайын, хаһаайка гына иитэлээбиттэр.


Ирина Христофоровнаттан оҕону иитии кистэлэҥнэрин ыйыталаһабын.
Оҕолорбун эйэҕэс, дьоҥҥо убаастабыллаах, үчүгэй сыһыаннаах буоларга үөрэтэбин. Ыарахаттартан толлубат, ханнык баҕарар дьыалаҕа эппиэтинэстээх, үлэһит, туруоруммут сыалы ситиһэр буоларга такайабын. Саамай сүрүнэ, чиэһинэй, бэрээдэктээх буолуохтаахтар. Дьону кытта билсэн, кэпсэтэн, алтыһан иһиҥ диэн куруук этэбин. Тугу эмэ көрдөстөхтөрүнэ, туох кыах баарынан көмөлөһө сатааҥ диибин. Дьонноох, үчүгэй доҕоттордоох киһи өлөн-охтон биэрбэт. Олоххо үчүгэйи эрэ көрүҥ, тардыһыҥ, ылыныҥ, оччоҕо үтүө үтүөҕэ тардыстар диэн өйдөтөбүн.
Эбээн, саха үгэстэрин тэҥинэн үөрэтэ сатыыбын. Бэйэлэрин сахаларбыт дэнэллэр, ол эрээри эбээннии тылы өйдүүллэр. Арыгыны төрүт сөбүлээбэт “аһым” буолан, дьиэ кэргэн бырааһынньыктарыгар хаһан да атыыласпаппыт. Оҕону иитиигэ аҕабыт сымнаҕас, оттон мин ыгым соҕуспун, кытаанахпын, ирдэбиллээхпин, күүскэ мөҕөттүөхпүн сөп.
Билигин сиэннэрбитин кыра оҕолорбутун кытта тэҥҥэ илдьэ сылдьан такайабыт. Улахан сиэммит 11 саастаах. Төһө да куоракка олордор, сайын аайы эһэтигэр тиийэрин туохтааҕар да ордорор. Кыра уол Туйгун бэйэтэ анал миинэр аттаах, 8 сааһыттан сүүрдэр, сылгылары үүрэн аҕалар.


Куорат оҕолорун айылҕаҕа сырытыннарыахха наада. Оҕо айылҕаттан тэйиэ суохтаах. Билиҥҥи олох – үлэ, түбүк, күнү-дьылы сырсыы, харчыны өлөрүү айдаана, киһилии сыһыаҥҥа болҕомто ууруллубат курдук. Ол быыһыгар оҕо көрүллүбэккэ хаалар, кинини тэлэбиисэр, көмпүүтэр иитэр. Ол кэннэ хайдах киһи буола улаатан тахсыаҕын хантан билиэҥий? Кэлин кэлэн кэмсиммитиҥ, хойутаабыт буолуоҥ. Оҕо наһаа түргэнник улаатар. Онон оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн тэҥнээх киһи курдук кэпсэтии, алтыһыы наада. Итинник эрэ гыннахха, оҕоҕо тапталгын, бэйэҕэр төрөппүттэргиттэн кэлбит үгэстэргин тиэрдэҕин.
Айылҕа – ийэбит кэриэтэ. Төрөөбүт дьиэбэр курдук сылдьабын. Мин ыгылыйдахпына, ыксаатахпына, айылҕабар тахсыахпын наада, оччоҕо биирдэ уоскуйабын, кэҥиибин. Ойуурга, хонууга тэһийбэппит диир дьону өйдөөбөппүн. Айылҕаҕа сылдьар киһи хаһан да албыннаабат, куһаҕаны оҥорбот. Айылҕа сокуонунан олорор буоллаҕа дии. Онон оҕолорго эмиэ итини үөрэтиэххэ, тиэрдиэххэ наада, — диэн кини саас-сааһынан кэпсиир.

Аҕа оруола

Кэргэнин туһунан кэпсииригэр Ирина Христофоровна ис-иһиттэн сырдаан, сымнаан, сылаанньыйан ылар.
Аҕабыт Семен Львович сылгыга үлэлээбитэ 40-ча сыл буолла. Удьуор сылгыһыт. Арассыыйа агропромышленнай комплексын бочуоттаах үлэһитэ. Сылгыны билиигэ тэҥнээҕэ суох дии саныыбын. Билигин “Үчүгэй” ФГУП тэрилтэҕэ үлэлиир. Дьоҥҥо куруук көмөлөһөр киэҥ-холку, үтүө майгылаах, хаһан да аккаастаабат.
Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ саамай кылаабынайа – аҕабыт доруобуйата. Саамай сыаналыырбыт, харыстыырбыт, таптыырбыт – кини.
Кэргэннии дьоҥҥо өйдөһүү, эрэнсии, ытыктаһыы, таптал баар буолуохтаах. Оччоҕо дьиэ кэргэҥҥэ ил, эйэ, таптал эйгэтэ үөскүүр, ол оҕолорго бэриллэр. Мин куруук кини үлэтин өйөөбүтүм, өйүөм даҕаны. Туох кистэлэ кэлиэй, сороҕор ыарахан түгэннэр да бааллара. Кэргэним куруук тыаҕа, дьиэтигэр хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт курдук кэлэн барара. Уу-кырбас кыра оҕолордоох, хат дьахтар дьиэ ис-тас үлэтин барытын бэйэм оҥорорго тиийэрим.
Оттон кини мин үлэбин, көҥүл сылдьарбын хаһан да бопсубат, өрүү өйүүр. Хааччаҕа суох көҥүл кэлэрбин-барарбын сөбүлүүбүн. Сороҕор ыгым соҕуспун, “Тефаль” чаанньык курдук биирдэ оргуйа түһэбин. Соннук түргэнник уостабын. Айылҕаҕа уоскуйа, санаабын сааһылана тахсааччыбын, оччоҕо ат үрдүгэр олорон араас идиэйэ, толкуй киирэр, ырыа-тойук да тахсар. Кэргэммин кытта иккиэн атынан айаннатан иһэн, ис сүрэхтэн аһыллан, истиҥник кэпсэтэрбитин сөбүлүүбүт.
Билигин ыарахан түгэн үөскээтэҕинэ, дьиэ кэргэнинэн бары саба түһэн, толкуйдаан, тахсар суоллары тобуларга кыһаллабыт. “Эн туох сыыһаны оҥордуҥ? Ону хайдах көннөрүөххэ сөбүй?” диэн оҕо бэйэтэ тобуларыгар көмөлөһө сатыыбыт. Аҕабыт оҕолорун эр киһи, булчут, сылгыһыт тугу сатыырыгар барытыгар батыһыннара сылдьан үөрэттэ, такайда.
Орто дойдуга төрөөн, киһи бу олоххо дьоло диэн – тапталын көрсөн, ыал буолуута, оҕолорун, сиэннэрин үтүө дьон гына иитэн таһаарыыта, таптыыр үлэтигэр ситиһиилэрэ, чугас дьоно этэҥҥэ сылдьыылара. Дьиэ кэргэҥҥитин, тапталгытын харыстааҥ!

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0