Дьиэ кэргэн биисинэһин киинэ баар буолла

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Дьокуускайга Дьиэ кэргэн уйгута — Биисинэс киинэ аһылынна.

Киин бэлиэтинэн буолар күлүүһү Арассыыйатааҕы дьиэ кэргэн сэбиэтин көһө сылдьар мунньаҕын кэмигэр РФ Эргиэҥҥэ балаататын вице-бэрэсидьиэнэ Елена Дыбова СӨ Бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ Ольга Балабкинаҕа туттарда.

Ольга Балабкина киин олус бэлиэ сылга – Саха АССР 100 сылыгар уонна Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев биллэрбит Ийэ сылыгар аһыллыбытын бэлиэтээтэ. “Өрөспүүбүлүкэбит демографияҕа Уһук Илиҥҥэ бастакы уонна Арассыыйаҕа сэттис миэстэҕэ сылдьар. Саха сиригэр дьиэ кэргэн төрүт үгэһин уонна ыал уйгутун сайыннарыыга үлэ олус көдьүүстээх. Сыстыганнаах дьаҥ саҕана биисинэс эйгэтигэр урбаан дьиэ кэргэттэр тэрийбит тэрилтэлэрэ биир да сабыллыбатаҕа, үлэтин тохтоппотоҕо”, — диэн бэлиэтээтэ Ольга Балабкина.

— Дьиэ кэргэн уйгутун киинэ дойдуга – төрдүс: Нижнэй Новгородка, Уфаҕа,  Рязаҥҥа уонна манна, Дьокуускайга. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, киин аһыллыытыгар  20-тэн тахса эрэгийиэнтэн дьиэ кэргэн биисинэһин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.

Кинилэр көһө сылдьар мунньахха кытта сылдьаллар.  Саха сирэ дьиэ кэргэн биисинэһин тэрийиигэ биэс бастыҥ эрэгийэн ахсааныгар сылдьар, — диэн РФ Эргиэҥҥэ балаататын вице-бэрэсидьиэнэ Елена Дыбова бэлиэтээтэ.

 Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат.

Хаартыска — СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0