Дьокуускай куорат олохтоохторо Маргарита, Александр Герасимовтар күнү-дьылы кэтээн көрөр халандаардарын күннүгэ таҕыста.
Даҕатан эттэххэ, кинилэр дьиэ кэргэнинэн толоруллар күнү-дьылы кэтээн көрөр күннүк-халандаары быйыл төрдүс сылын таһаардылар. Сыллата матырыйаалларын кэҥэтэн, дьылдьыттар тустарынан чахчылары эбии киллэрэн иһэллэр. Үөрэх министиэристибэтин итиэннэ Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытары сөҥнөһөн, 2018 сылтан оскуола оҕолоругар бу күннүгү толорууга куонкурус биллэрбиттэрэ. Онон өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын эдэркээн олохтоохторо төрөппүттэрин кытары бииргэ, дьиэ кэргэнинэн, тохсунньу 1 күнүттэн саҕалаан, күнү-дьылы кэтээн көрөн күннүгү толоро сылдьаллар.
Анатолий Павлов-Дабыл, Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын кыраайы үөрэтэр салаатын эрэдээктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ күннүгү таба туһаныыга маннык суруйбут:
— Өбүгэлэрбит күнү-дьыл хаамыытын кэтээн көрөн, атыннык эттэххэ, айылҕа дириҥ сокуонун батыһан олоҕу оҥостор үгэстэрэ аныгы техногеннай сайдыы кэмигэр кэһиллэн эрэр. Иккис өттүттэн билигин айылҕаны кэтиир, үөрэтэр кыах быдан улаатта. Ону таба туһанарга наука, чуолаан астрономия ситиһиилэригэр тирэҕириллиэхтээх. Дьэ, бу иһин, Герасимовтар оҥорбут 2019 сыллааҕы күннүктэригэр Ый уонна Күн киириитин кэтээн көрөргө анаан, Үргэл 12 бэлиэтэ киирэн сылдьар. Ый Үргэли, Чолбону кытары чугасаһыытын «алтыы» диллэр. Сахалар халлаан араас эттигин кытары Ый алтыыта хайдах барарыттан күнү-дьылы ааҕар-суоттуур үгэстээхпит. Чуолаан, Ый Үргэллэри хайдах туоруурун кэтиибит. Күһүҥҥү ыйдары сааскыга, кыһыҥҥыны сайыҥҥыга тэҥнээн көрүүгэ Ый үргэллэри кытта алтыытын эмиэ учуоттуубут.
Күннүк саҕаланыытыгар түөрт дьылдыт, күнү-дьылы сабаҕалааччы: географ- учуутал Петр Кириллович Григорьев (Ньурба), саахыматчыт Николай Яковлевич Ким (Хаҥалас), учуонай Семен Егорович Мостахов (Ньурба), суруйааччы Иннокентий Михайлович Сосин (Мэҥэ Хаҥалас) киллэриллибиттэр. Салгыы кэлэр “Бэлиэ күннэр” рубрикаҕа хаар ууллубут күнэ, тураах бастаан кэлбит күнэ, бастакы ардах түспүт күнэ уо.д.а. бэлиэтэнэр.
Хас ый ахсын иккилии сирэй ананар. Бастакытыгар ый бэлиэлэрин, уратыларын, күн тахсыытын-киириитин туһунан чахчылар киллэриллибиттэр. Холобур, тохсунньуга Үргэл Ыйы кытары ый тохсус хонугар алтыстахтарына, үчүгэй сайын күүтүллэр эбит!
Иккис сирэйгэ салгын температуратын, ый хаамыытын бэлиэтиир ыйдааҕы халандаар оҥоһуллубут. Күннүк сирэйдэрин дьыл кэминэн түһэриллибит хаартыскалар ситэрэн биэрэллэр. Салгыы кэлэр “Бэлиэтээһиннэр” рубрикаҕа күннүгү толорооччу туох эмит уратыны чорбото көрбүтүн эбэтэр ааспыт сыл тустаах кэмин кытары тэҥнэбилин уо.д.а. бэлиэтиэн сөп.
Саха сирин географическай картата итиэннэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн төһө уонна ханнык улуустарга күн-дьыл туругун кэтээн көрөр метеорологическай станция баара кимиэхэ баҕарар кэрэхсэбили үөскэтэр.
Күннүгү араас улуустартан хомуллубут, ааспыт сыллаах күннүктэри толоро олорор дьон хаартыскалара түмүктүүллэр. Дьэ онон, күндү доҕоттор, саха ыалыгар бэртээхэй бэлэх буолар күннүгү көрүҥ-истиҥ, кэрэхсээҥ, туһаныҥ, дьоҥҥутугар күндү бэлэҕи оҥоруҥ!
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru