Бу нүөмэртэн “Юрист сүбэтэ” рубриканы сөргүтэбит. Быраап, саҥа сокуоннар, нолуок, нэһилиэстибэ, о.д.а. эйгэтин хабан, ыйга иккитэ таһаарар буолуохпут. Бу сырыыга нолуоктан көҕүрэтии саамай тарҕаммыт көрүҥнэрин туһунан юрист сиһилии быһаарар.
Александра Владимировна Копцева – юридическэй көмөнү босхо оҥорор сулууспа дириэктэрэ, чааһынай юрист.2007 сыллаахха Нам гимназиятын кыһыл көмүс мэтээллээх бүтэрбитэ. 2012 сыллаахха Ураллааҕы юридическэй академияны, Судаарыстыбаннай уонна норуоттар икки ардыларынааҕы быраап институтун бүтэрбитэ.
Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар, онтон Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ (МФЦ) юрисконсультанынан үлэлээбитэ. Дьиэ-уот, сир боппуруостарыгар идэтийэр. Ону тэҥэ, дьиэ кэргэн, нолуок, үлэ боппуруостарынан дьарыктанар, туһанааччылар бырааптарын көмүскүүр.
Эмтэнии ороскуотуттан көҕүрэтии
РФ Нолуок кодексын 2019 ыстатыйатын 1 пуунун 3-с хос пуунун чэрчитинэн, бэйэҕэр, кэргэҥҥэр, төрөппүттэргэр уонна оҕолоргор медицинскэй өҥөнү ылбыт буоллаххына, төлөөбүт ороскуотуҥ 13%-н төнүннэриэххин сөп.
Эмтээһин көрүҥэ РФ бырабыыталыстыбатын 19.03.2001 сыл 201 N-дээх уурааҕар ыйыллыбыт официальнай испииһэгэр киирбит буолуохтаах. Ону тэҥэ, эмтиир тэрилтэ нолуок уорганнарыгар анаан биэрэр (төлөммүтүн туһунан) ыспыраапката ирдэнэр.
Төлөммүт ороскуот муҥутуур кээмэйэ – 120 тыһыынча солкуобай, ол онтон сылга 15 600 солкуобай төннөр. Ол эрээри ыарахан сыаналаах эмтэнии испииһэгэр киирбит буоллаҕына, нолуоктан көҕүрэтии кээмэйэ хааччахтаммат. Холобур, 1 мөлүйүөнү ороскуотурбут буоллаххына, эйиэхэ 130 тыһыынча солкуобай төннөр. Ол эрээри, син биир хамнаһыҥ 13%-н төлөөбүт подоходнай нолуогуҥ сууматыттан ордугу биэрбэттэр.
Нолуоктан көҕүрэтиэххэ сөп:
— Быраастар төлөбүрдээх өҥөлөрүгэр;
— Төлөбүрдээх анаалыстар, УЗИ;
— Медосмотр (үлэҕэ киирэргэ, бассейнҥа, суоппардарга, о.д.а.);
— Хараҕы лазерынан эмтээһиҥҥэ, көрөрү көннөрүүгэ;
— Косметологияҕа (ботокс, уоһу улаатыннарыы, о.д.а.);
— “ЭКО”;
— Искэн ыарыылаахтары эмтээһин;
— Нэһилиэстибэнэн бэриллэр ыарыылары эмтээһин, о.д.а.
Дьиҥэ, испииһэк улахан, кылаабынайа, төлөнөр өҥө бырабыыталыстыба уурааҕар ыйыллыбыт официальнай испииһэккэ киирбит уонна килииникэ ыспыраапкатынан бигэргэммит буолуохтаах. Омук сиригэр эмтэммиккиттэн нолуок төннүбэт.
Ханнык докумуоннары ирдииллэр?
- 3-НДФЛ формалаах нолуок декларацията.
- Пааспар.
- 2-НДФЛ ыспыраапка.
- Сайабылыанньа уонна счетуҥ (каартаҥ) реквизиттэрэ.
- Эмтэммиккин туоһулуур ыспыраапка (килииникэ биэрэр). Санаторийга эмтэммит буолаххына, путевка сыанатыттан олорбут, аһаабыт ороскуоккун көҕүрэтэллэр.
- Медицинскэй тэрилтэни кытары өҥөнү оҥоруу дуогабарын куоппуйата.
- Медицинскэй тэрилтэ лицензиятын куоппуйата. Өскөтүн дуогабарга лицензия реквизиттэрэ ыйыллыбыт буоллахтарына, лицензия куоппуйата ирдэммэт.
Харчыҥ төннөр болдьоҕо – 4 ыйга диэри (3 ый устата бэрэбиэркэлииллэр, 1 ыйынан харчы түһэр). 3 сыл иһинэн эмтэммит харчыгын төнүннэриэххин сөп. Ол эбэтэр, билигин 2018, 2017, 2016 сылларга төлөөбүт суумаҕыттан ылаҕын.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru