Дьиэҕин атыылаан, 1,3 мөлүйүөнү ылыаххын сөп

31.01.2019
Бөлөххө киир:

 Бу нүөмэртэн “Юрист сүбэтэ” рубриканы сөргүтэбит. Быраап, саҥа сокуоннар, нолуок, нэһилиэстибэ, о.д.а. эйгэтин хабан, ыйга иккитэ таһаарар буолуохпут.  Бу сырыыга нолуоктан көҕүрэтии саамай тарҕаммыт көрүҥнэрин туһунан юрист сиһилии быһаарар.


 

Александра Владимировна Копцева – Босхо юридическэй көмө сулууспатын дириэктэрэ, чааһынай юрист.

2007 сыллаахха Нам гимназиятын кыһыл көмүс мэтээллээх бүтэрбитэ. 2012 сыллаахха Ураллааҕы юридическэй академияны, Судаарыстыбаннай уонна норуоттар икки ардыларынааҕы быраап институтун бүтэрбитэ.

Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар, онтон Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ (МФЦ) юрисконсультанынан үлэлээбитэ. Дьиэ-уот, сир боппуруостарыгар идэтийэр. Ону тэҥэ, дьиэ кэргэн, нолуок, үлэ боппуруостарынан дьарыктанар, туһанааччылар бырааптарын көмүскүүр.

Дьиэни атыылаһан баран, но­­луоктан көҕүрэтэн, харчыгын төнүннэриэххин сөп:

— 260 тыһыынча солкуобайга диэри – сүрүн көҕүрэтии (иму­щественный вычет);

— 390 тыһыынча солкуобайга диэри —  ипотеканан ыллаххына, бырыһыаныттан көҕүрэтии.

Ол эбэтэр биир киһи 650 тыһыынча солкуобайы төнүннэриэн сөп. Оттон кэргэнниилэр 2014 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн атыыласпыт буоллахтарына, биир дьиэттэн  1 300 000 солкуобайы төнүннэриэхтэрин сөп (РФ үпкэ министиэристибэтин 20.04.2015 с. 03-04-05/22246 №-дээх суруга).

Дьиэҕэ-уокка нолуоктан көҕүрэтии – төлөөбүт подоходнай нолуоккуттан 13%-нын төнүннэрии. Муҥутуур сууманы — 260 тыһыынча солкуобай ыларгар кыбартыыра сыаната 2 мөлүйүөн солкуобайтан кырата суох буолуохтаах. Оттон ипотека бырыһыаныттан муҥутуур улахан сууманы ыларга —  дьиэ сыаната 3 мөлүйүөнтэн кыра буолуо суохтаах. Төһө харчыны төнүннэрэриҥ хамнаскыттан төһө подоходнай нолуогу төлөөбүккүттэн тутулуктаах.

Дьиэҕэ-уокка нолуоктан көҕүрэтиини киһи үйэтигэр биирдэ эрэ туһанар бырааптаах. Болдьоҕо суох. Ол эбэтэр, кыбартыыраҕын 10 сыллааҕыта атыыласпыт буоллаххына, нолуоккун син биир төнүннэриэххин сөп. Холобур, оҕо көрөн олорбут дьахтар дохуота суох буолан, үлэҕэ тахсарын, үлэтэ суох киһи үлэ буларын кэтэ­һиэн сөп. Тоҕо диэтэххэ, деклара­цияҕа бу иннинээҕи 3 сыллаах дохуот ааҕыллар.

Ирдэниллэр докумуоннар:

  1. 3-НДФЛ декларация;
  2. Сайабылыанньа;
  3. Баан реквизиттэрэ;
  4. Атыыһыты кытары төлөһүү туһунан докумуон (араспыыска);
  5. Дьиэни бас билэргин туоһулуур докумуоннар; өрөмүөн оҥорторбуккун мэктиэлиир квитанциялар, табаар чектэрэ, о.д.а.

Бырыһыантан нолуогу көҕүрэтэргэ ирдэниллэр докумуоннар:

  1. 3-НДФЛ декларация;
  2. Кирэдьиит, ипотека дуогабара;
  3. Кирэдьиити төлөөһүн графига;
  4. Баантан биир сылга бырыһыан төлөммүтүн туһунан ыспыраапка;
  5. Сайабылыанньа.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0