Дьиэҕэр олорон, испэктээкиллэ көр

Бөлөххө киир:

Дойдуну аймаабыт коронавирус инфекциятыттан сылтаан, үгүс тэрилтэ ыраахтан олорон үлэлииргэ көстө. Нэһилиэнньэ култуурунай миэстэлэргэ сылдьара хааччахтанна. 

edersaas.ru


Онуоха өрөспүүбүлүкэ култууратын тэрилтэлэрэ (ол иһигэр, СӨ Култуураҕа уонна духуобунаска министиэристибэтэ, А.Пушкин аатынан национальнай бибилэтиэкэ),  нэһилиэнньэ үлэни уонна сынньалаҥы дьүөрэлииригэр табыгастаах өҥөлөрү киллэрдэ.

Ол эбэтэр, Култуура министиэристибэтин саайтыгар киирэҥҥит, куорат тыйаатырдарын испэктээкиллэрин көрүөххүтүн, оттон бибилэтиэкэ саайтыттан таптыыр суруйааччыларгыт кинигэлэрин ааҕыаххытын сөп.

СӨ Култуура министиэристибэтин саайтыгар маннык киир: https://minkult.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3138706

Кинигэтэ аах:

  1. Саха сирин суруйааччыларын 100 бастыҥ айымньыта
    https://e.nlrs.ru/collections/14
    2. Былыргы дьыллар быыстарыгар
    https://e.nlrs.ru/collections/374
    3. Дьээбэтинньик
    https://e.nlrs.ru/collections/456
    4. Аан дойду классиката
    https://e.nlrs.ru/collections/30
    5. Алмаастаах кыраай остуоруйалара
    https://e.nlrs.ru/collections/310
    6. Сынньалаҥ&кинигэ
    https://e.nlrs.ru/collections/285
    7. Таптал – олох ырыата
    https://e.nlrs.ru/collections/1125
    8. Саха суруйааччыларын уонна бэйиэттэрин айымньыларыгар саас тиэмэтэ. https://e.nlrs.ru/collections/213

9. Хараҥа хос
https://e.nlrs.ru/collections/315
10. Току-току, ньээм-ньээм
https://e.nlrs.ru/collections/333
11. Киинэни ааҕабыт
https://e.nlrs.ru/collections/276
12. Күһүн ааҕабыт:  ыксаллаах быһылааннар, айан тустарынан кинигэлэр
https://e.nlrs.ru/collections/628
13. Саха сирин суруйааччылара — оҕолорго
https://e.nlrs.ru/collections/495
Ыйытыылаахтар  455-855 төлөпүөҥҥэ эрийиҥ. Ыйытыыларгытын https://nlrs.ru/ биэриэххитин сөп.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0