Дьиэҕэр быыбардыыгын дуо?

Ааптар: 
09.09.2021
Бөлөххө киир:

Буолаары турар быыбар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр хас да таһымынан ыытыллыаҕа.

edersaas.ru

Ол курдук, икки улуус (Булуҥ уонна Эдьигээн национальнай улуустарын) баһылыктара, 36 куораттааҕы уонна тыа сирин поселениеларын, ол иһигэр 5 улуус кииннэрин (Абыйга Белай Гора бөһ., Булуҥҥа Тикси бөһ., Кэбээйигэ Сангар бөһ., Аллараа Халымаҕа Черскэй бөһ., Эбээн Бытантайга Түгэһиир нэһилиэгин) баһылыктара талыллыахтара. Уонтан тахса улууска бэрэстэбиитэллээх уорганнар уонна нэһилиэктэр сэбиэттэрин дьокутааттара, сорохторо болдьохторун иннинэ, быыбарданыахтара. Онон, муниципальнай таһымынан 74 быыбардыыр хампаанньа ыытыллыаҕа. Ил Түмэҥҥэ эбии быыбар буолуоҕа. 34 №-дээх Халыма-Индигиир биир мандааттаах быыбардыыр уокуругар (2020 сыллаахха олохтон барбыт дьокутаат Василий Местников оннугар), 3 №-дээх Университеттааҕы биир мандааттаах быыбардыыр уокурукка (Конституционнай сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн анаммыт Петр Гоголев оннугар) норуот дьокутааттара талыллыахтара. Итиэннэ биллэн турар, Судаарыстыбаннай Дуумаҕа дьокутааттарбытын талыахпыт.

Быыбардыыр учаастакка туох эмит ытыктанар биричиинэнэн бэйэлэрэ кыайан кэлбэт дьону дьиэҕэ куоластатыы тэриллэр. Онуоха сайабылыанньаны олорор сиринэн, Арассыыйа Киин быыбардыыр хамыыһыйата олохтообут бэрээдэгинэн, ол эбэтэр «Мобильнай быыбардааччы» механизмы туһанан биэриэххэ сөп. Атырдьах ыйын 2 күнүттэн балаҕан ыйын 13 күнүгэр диэри территориялардааҕы быыбардыыр хамыыһыйаларга, «Мои документы» МФЦ-га, судаарыстыба өҥөлөрүн порталларыгар ыытыллар; балаҕан ыйын 8-13 күннэригэр — учаастактардааҕы быыбардыыр хамыыһыйаларга түһэриллэр. Сайабылыанньа ылыллан, дьиэҕэ быыбардааччылар испииһэктэригэр киирбити Киин быыбардыыр хамыыһыйа сайтыгар цифровой сервис нөҥүө (http://www.cikrf.ru/digital-services/mobilnyy-izbiratel/) билиэххэ сөп.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0