Дьиэҕэ олоруу кэмигэр биэнсийэ ыла тахсар наадата суох

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бары биэнсийэлээхтэри дьиэттэн тахсыбаккытыгар көрдөһөбүт!
Өрөспүүбүлүкэ үгүс биэнсийэлээхтэрэ биэнсийэлэрин уонна социальнай төлөбүрдэрин бааннар уонна пластиковай каарта нөҥүө ылаллар. Үп өҥөтүн ыларга офиска сылдьар ирдэммэт! Килийиэннэргэ хас биирдии баан тэйиччиттэн өҥөнү оҥорор.

edersaas.ru

Алмазэргиэнбаан килиийэннэригэр саастаах дьоҥҥо баан каартатын дьиэҕэ тириэрдэр сервис оҥоһулунна. Биэнсийэ каартатын толотторон ыларга www.albank.ru саайтынан уонна 88001003422 төлөпүөнүнэн сайаапката биэриҥ.
Дьиэлэригэр олорон эрэ дьиҥ таһымнаах саайтарга эбэтэр мобильнай сыһыарыылар көмөлөрүнэн килийиэннэр харчы ыытыахтарын, өҥөлөрүн төлүөхтэрин, уурдарыыларын хаҥатыахтарын сөп. Баан эпэрээссийэлэрин мобильнай сыһыарыылар көмөлөрүнэн оҥорор кыахтаахтар. Холобур, Алмаасэргиэнбаан «АЭБ Онлайн 2.0″ сыһыарыылаах.
Сбербаан килийиэннэрэ “СбербанкОнлайн” көмөтүнэн туһанар кыахтаахтар.
Маннык сыһыарыы Россельхозбааҥҥа эмиэ баар.
“Почта России” нөҥүө биэнсийэлэрин уонна социальнай төлөбүрдэрин ылыан баҕалаахтарга почтальон харчыны дьиэҕэ аҕалан биэриэҕэ!
Ханна да тахсар наадата суох! Биэнсийэ тарҕатыллар кэмигэр маны ылааччы дьиэтигэр суох буоллаҕына, 8-800-1-000-000 эрийэн, олорор аадырыскытын этиҥ.
Дьокуускай олохтоохторугар төлөпүөн: 444-680.

Биэнсийэ ыларыгар килийиэҥҥэ илиитигэр быһа тардыллар квитанция бэриллэр, манна төлөбүр бары көрүҥэ ыйыллар: бу кэмнээҕи биэнсийэтэ, эбии босуобуйалара. Дьаҥ сыстыытын сэрэтэр туһугар “Почта России” АУо килийиэннэри тэйиччиттэн олорон хааччыйыыны кэҥэтэр.
Бу күннэргэ саастаах дьон дьиэҕитигэр олороргут ирдэнэр. Роспотребнадзор сүбэтин-аматын тутуһуҥ.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова, “Саха сирэ” хаһыат
Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0