Дьиэҕэ олоруу эрэсиимэ улуустарга барытыгар киллэриллибэт

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев социальнай ситимнэринэн быһа эпииригэр дьиэҕэ олоруу эрэсиимин Саха сиригэр барытыгар киллэрэр табыллыбатын быһаарда.

edersaas.ru

Өрөспүүбүлүкэ улуустарын аҥаарыгар сыстыганнаах дьаҥ тарҕана илигин бэлиэтээн туран, уонча улууска саҥа даҥ сибикитэ баарын билэн баран, тута бохсуу үлэтин ыытан тохтоппуттарын эттэ.

Сыстыганнаах дьаҥ ордук күүскэ Дьокуускай куоракка уонна чугастааҕы улуустарга, сорох промышленнай куораттарга уонна бөһүөлэктэргэ турбутун тохтотоору дьиэҕэ олоруу эрэсиимин тутуһуннарабыт. Оччоҕуна эрэ бу кутталлаах ыарыыны кыайыахпыт, — диэн Ил Дархан «Тоҕо улуустарга барыларыгар дьиэҕэ олоруу эрэсиимин киллэрбэккитий? » диэн бэриллибит тустаах ыйытыыга хоруйдаата.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0