Дьиэҕэ олорор мандариннаах бэтэрээн

Ааптар: 
09.04.2020
Бөлөххө киир:

Батсаапка 83 саастаах Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүн олохтооҕо Александра Баишева мандарины үүннэрбит хаартыската тарҕанна.

edersaas.ru

Александра Семеновнаны кытта төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сырыттым. Мин иннибинэ бэҕэһээ интэриэһиргээн, бэрт элбэх киһи эрийэ сылдьыбыт.

Дьахтар күнүгэр кыыһым соҕурууттан астаах мандарин үүнээйитин анаан аҕалан бэлэхтээбитэ. «Аһа ситтэҕинэ, ылан сиэриҥ», — диэбитэ. Күҥҥэ биири-иккини сиибит. Амтана минньигэһэ сүрдээх. «Аскорбинка» курдук. 

Мин бэйэм сайын аайы сибэкки үүннэрэбин, оҕуруотунан дьарыктанабын. Ити бэҕэһээ кэргэним быраата киирэ сылдьан, хаартыскаҕа түһэрэн баран, батсаапка ыыппыт этэ. Ол кэнниттэн төлөпүөнтэн ордубаппын. Кыыспар эмиэ: «Эн ийэҥ мандарин үүннэрэр эбит дии», — дииллэр үһү, — диэн кэпсиир ытык кырдьаҕас Александра Баишева.

Төҥүлү кырдьаҕаһа коронавирус эпидиэмийэтиттэн харыстанан, ханна тахсыбатаҕа ырааппыт,  дьиэтигэр олорор. «Хата мандариным миигин биллиилээх киһи оҥорон кэбистэ», — диэн күлэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — батсааптаню

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0