Дьиэҕэ олорон 500 000 солкуобай хамнас ылыахха сөп

Бөлөххө киир:

Эспиэртэр тэрилтэттэн тэйиччи олорон үлэлиир саамай үрдүк хамнастаах исписэлиистэр рейтиннэрин оҥордулар.


Ол курдук, научнай оҥорон таһаарар хампаанньаҕа тендери кытта үлэлиир киһиэхэ наадыйаллар. Кини хамнаһа 500 000 солкуобай. Үлэ көрдөөччүгэ ирдэбиллэрэ — электроннай атыы-эргиэн былаһааккаларыгар үлэлии үөрүйэх, килийиэннэри кытта сатаан кэпсэтэр, наадалаах докумуоннары оҥорор буолуохтаах.

Лабораториялары хааччыйар хампаанньаҕа килийиэннэри кытта үлэлиир менеджер 200 000 солкуобай хамнастаах. Атыы-эргиэн эйгэтигэр 2 сыл уопуттаах эдэр эрчимнээх киһиэхэ наадыйаллар.

Телемаркетолог дьиэҕэ олорон үлэлээн, 130 000 солкуобай хамнас аахсар кыахтаах. Ыраахтан олорон тэрилтэҕэ үлэһиттэри сүүмэрдиир исписэлиис 100 000 солкуобай хамнастаах,  тэйиччиттэн үлэлиир психолог хамнаһа 80 000 солкуобай.

Коронавирус пандемията өрө туран, Арассыыйаҕа үлэ ырыынагар официаннарга, повардарга, дьиэ сууйааччыга, харабыллыыр дьоҥҥо наадыйыы лаппа намтаата.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Каm24.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0