Дьиэҕэ изоляция диэн тугуй?

21.03.2020
Бөлөххө киир:

Коронавирус тарҕамматын туһугар, омук дойдуларыттан кэлбит дьон 14 күн устата «изоляцияҕа» олоруохтаахтар. Кулун тутар 5-20 күннэригэр омук дойдуларыттан кэлбит 2841 киһи билигин дьиэлэригэр олороллор. Кинилэргэ »больничнай» төлөнөр.

edersaas.ru

«Изоляцияҕа» олоруу быраабылалара хайдахтарый? Кими кытта алтыһыахтарын сөбүй? Бу карантиҥҥа олоруу усулуобуйатын кытта араастаһарын өйдүүр тоҕоостоох. «Изоляцияҕа» ыалдьыбыт дьоннуун хантаактаспыт, эбэтэр ыарыы тарҕаммыт дойдутуттан кэлбит дьон олороллор.

Кэлээт да, Роспотребнадзор управлениетын суһал төлөпүөнүгэр эрийэн, ханна сылдьыбыттарын этиэхтээхтэр. Оччоҕо медиктэр кэтээн көрүүлэригэр киирэллэр.

Быраастар анаалыһы бастакы уонна онус күннэригэр ылаллар.

Кинилэр дьиэттэн тахсаллара, дьону кытта көрсөн алтыһаллара көҥүллэммэт. Кыаллар буоллаҕына, дьиэ кэргэнин чилиэннэрин да кытта алтыһыа суохтаах, туспа хоско олоруохтаах. Сороҕор ыал бүтүннүү да бүгэн олорорун ирдииллэр. Астарын, наадыйар табаардарын аймахтара, доҕотторо, билэр дьоно аҕалан, аан таһыгар ууруохтаахтар. Бөҕү хас да халыҥ, бөҕө салаппааҥҥа уган баран, аан таһыгар уурдахтарына, эмиэ билэр дьоно таһаараллар. Кинилэр эмиэ харыстанар миэрэлэри туттуохтаахтар.

«Изоляцияҕа» киирбит киһи дьиэҕэ бүгэн олорор усулуобуйата суох буоллаҕына, анал обсерватка киириэхтээх. Дьиэтигэр олорон »изоляция» усулуобуйатын кэспит киһини изоляторга киллэриэхтэрин сөп.

Тумуу сибикитэ билиннэҕинэ, тута бырааска эрийиэхтээх. Бу усулуобуйалары кэспит дьоҥҥо административнай миэрэлэр ылыллаллар.

Ангелина Васильева, »Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0