Дьиэ атыылаһарга – социальнай төлөбүр

28.01.2020
Бөлөххө киир:

Дьиэ сыаната төһө даҕаны сыл ахсын ыарыы турбутун иһин, сорох дьон дьиэлэнэллэригэр судаарыстыба көмөлөһөр. Харчынан. Бу Ийэ хапытаала да, 2% ипотека да буолбатах.

edersaas.ru

СӨ Тутуутун министиэристибэтин иһинэн нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлэ суох араҥатын дьиэнэн хааччыйарга судаарыстыбаннай бырагыраамалар бааллар. Холобур, өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии бэтэрээннэрин, кинилэргэ киирсэр кырдьаҕастары, төгүрүк тулаайахтары, ийэ-аҕа көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору, биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллары, хотугу эргимтэ оройуоннарыттан көһөн барааччылары дьиэнэн хааччыйаллар. Эбэтэр олорор усулуобуйаларын тупсаралларыгар харчынан көмө биэрэллэр.

Бүддьүөт туругуттан көрөн, сорох сылларга бу бырагыраама ситэ үбүлэммэккэ хаалааччы. 2018 сыл алтынньытыгар Ил Дархан Айсен Николаев СӨ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын сүрүн хайысхатыгар ыйаах таһааран, кэнники сэттэ сылга хаһан да көрүллүбэтэх улахан үп көрүллэн, сүүстэн тахса элбэх оҕолоох ыал дьиэтин кэҥэттэр кыахтаммыта.

Ол курдук, биэс уонна онтон элбэх сокуоннай саастарын туола илик оҕолоох 117 дьиэ кэргэн былырыын 2-5 мөлүйүөн солкуобайга диэри судаарыстыбаттан көмө харчы ылбыта. Тэҥнээн көрдөххө, 2017 сылга элбэх оҕолоох 7 ыал социальнай төлөбүрүнэн туһаммыта, оттон 2018 сылга бырагыраама үбүлэммэккэ хаалбыта.

Дьиэбитин кэҥэттэргэ 3,1 мөлүйүөнү ыллыбыт”

Саргылаана Иванова, элбэх оҕолоох ыал ийэтэ:

—Биһиги дьиэ кэргэн алта оҕолоохпут. Дойдубутугар Сунтаарга 2007 сыллаахха уочаракка турбуппут, былырыыҥҥа диэри 136-ыс этибит. 2018 сыллаахха куоракка көһөн кэлэн, бары биир хостоох кыра дьиэҕэ сиэммитин кытта кыбыллан олорбуппут. Киэҥ-куоҥ улахан дьиэлэниэхпитин баҕарар этибит.

Арай биирдэ ааспыт сайын соһуччу эрийэн: «Уочараккыт кэллэ. Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр тиийэн билсиҥ!», — диэн соһуттулар. Дьиэбитин кэҥэттэрбитигэр 3 мөлүйүөн 140 тыһыынча солкуобайы биэрдилэр. Биллэн турар, бу харчыга киһи 1 хостоох эрэ кыбартыыраны булуон сөбө.

Араас дьиэни көрдүү сатаан баран, риэлторы кытта билсэн, аны бэйэм риэлтордыы киирдим. Бука, сүрэҕим таайдаҕа. Өр-өтөр буолбакка, оруобуна ити суумаҕа ГРЭС-кэ 118 кв.м. баҕарбыппыт курдук киэҥ-куоҥ дьиэ көһүннэ. Онон 2019 сыл сэтинньитигэр саҥа дьиэбитигэр көһөн киирдибит, оҕолор кыыс-уол диэн тус-туһунан хостонон, үөрүүлэрэ муҥура суох.

Дьиэбит 90-ус сылларга тутуллубут эрээри, бэрт тупсаҕай көрүҥнээх, кыбартыырабыт бастакы этээскэ баар, сылаас, киһи кута-сүрэ тохтуур, сырдык эйгэлээх. Оҕолорбутун дьиэбититтэн чугас оскуолаҕа көһөрбүппүт, улахаттар устудьуоннар, өссө сиэммит баар.

Бэйэм чааһынай харабыллыыр тэрилтэҕэ үлэлиибин, кэргэним суоппар. Хамнаспыт кыра, ол иһин хомунаалынай төлөбүргэ субсидия оҥорторуохтаахпын.

Элбэх оҕолоох ыал дьиэлэнэллэригэр көмө харчы биэрэллэрэ киһи санаатын кынаттыыр,  онон Үлэ уонна Тутуу министиэристибэлэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Бырагыраамаҕа хапсарга туох ирдэнэрий?

Сокуоннай саастарын ситэ илик биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыал дьиэлэрин кэҥэттэргэ социальнай төлөбүрүнэн туһанарга өрөспүүбүлүкэҕэ 10 сылтан итэҕэһэ суох олорбут буолуохтаахтар. Оҕолор ахсааннарыгар 23 саастарыгар диэри күнүскү үөрэх кыһатыгар үөрэнэр устудьуоннар, аармыйаҕа суһал сулууспаҕа сылдьар уолаттар эмиэ киирэллэр.

Элбэх оҕолоохтор олохтоох бэйэни салайыныы уорганыгар дьиэҕэ наадыйаллар диэн учуокка туруохтаахтар уонна СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр муус устар 1 күнүгэр диэри докумуоннарын туттарыахтаахтар.

Үлэ министиэристибэтэ социальнай төлөбүрү ылааччылар испииһэктэрин оҥорор. Дьиэ атыылаһарга судаарыстыбаттан көмө харчы ылар дьон бүтэһик испииһэгин хамыыһыйа чопчулуур.

Ону таһынан, социальнай төлөбүрү ыларга СӨ Тутуутун министиэристибэтигэр элбэх оҕолоох ыал иккис ырыынакка дьиэни атыыласпыттарын туоһулуур дуогабары, хамсаабат баайы-дуолу бас билии саҥа хаһаайыҥҥа көспүтүн туһунан судаарыстыбаннай реестртэн туоһу суругу, тиэхиньиичэскэй пааспары туттараллар.

Элбэх оҕолоох ыал кэтэх дьиэни эмиэ атыылаһыахтарын, туттарыахтарын, эбэтэр өлүүлэһэн тутууга киириэхтэрин сөп. Оччотугар сир учаастагар докумуоннарын, өлүүлэһэн тутуу дуогабарын, кэтэх дьиэни туттарга нотариус бигэргэппит көҥүлүн, тутуу дуогабарын биэрэллэр.

Онон бу ыал чахчы дьиэтин кэҥэттибит диэн дакаастаатахтарына биирдэ көмө харчы түһэрэллэр.

2000 дьиэ кэргэҥҥэ —  социальнай төлөбүр  

“Оттон тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйарга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 1,251 миллиард солкуобай көрүллэн, 2019 сылга оҕо дьиэтин иитиллээччилэригэр 576 олорор дьиэ атыылаһыллыбыта. Ону таһынан, тулаайахтарга анаан 177 кыбартыыра тутуута саҕаланна.

Учууталлар уонна быраастар уһук хоту арктическай оройуоннарга үлэлии бардахтарына, дьиэнэн эмиэ хааччыйаллар. Былырыын 51 дьиэ кэргэн маннык бырагырааманан туһанна.

Аны хотугу эргимтэттэн көһөн барар 129 ыал социальнай төлөбүр ылла. Ааспыт сылга уопсайа 2000 кэриҥэ дьиэ кэргэҥҥэ олорор усулуобуйатын тупсарарга өрөспүүбүлүкэ хааһынатыттан көмө харчы бэрилиннэ”, — диэн СӨ тутуутун миниистирэ Павел Аргунов билиһиннэрдэ.

2019 сылга 940 киһи хаарбах дьиэттэн көстө

Ону таһынан, 2019-2025 сылларга хаарбах дьиэттэн дьону көһөрөр бырагыраама былырыын үлэтин саҕалаата. Федеральнай бырайыак пааспарын быһыытынан 13,5 тыһыынча кв.м. иэннээх саахалланар туруктаах дьиэ көтүрүллүөхтээҕэ, дьиҥ олоххо 23,5 тыһыынча кв.м. хабыллыбыт. 796 киһи көһүөхтээҕиттэн 940 киһи көһөн, саҥа дьиэлэммит.

Түмүк

Ити курдук, нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлэ суох араҥата дьиэ-уот атыылаһарыгар, эбэтэр туттарыгар судаарыстыба көмөтө улахан. 2-5 мөлүйүөҥҥэ диэри буор босхо кэлбит үпкэ куоракка кыбартыыра атыылаһыахха, өлүүлэһэн тутууга киириэххэ, эбэтэр дьиэ туттуохха сөп.

Олохтоох бэйэни салайыныы уоргана быһаарыытынан, олорор усулуобуйаларын тупсарарга наадыйар сэрии бэтэрээннэрэ уонна кинилэр огдооболоро Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө бары дьиэнэн хааччыллыбыттара.

Ол эрэн, сорох огдооболор оҕолоро-сиэннэрэ дьиэлээх буолан, арыыланан хаалбыттара. Дьиҥэр, кинилэр аччык сут — кураан сылларга холкуоска киэһэ хойукка диэри үлэлээн, Кыайыы туһугар бүтэһик бурдуктарын хомуйан ыытан, бүгүҥҥү эйэлээх олохпутун турууластахтара. Бэйэлэрэ да аҕыйах ордубут сэрии бэтэрээннэрин огдооболорун, эн дьиэлээххин — дьиэтэ суоххун диэн араарбакка, барыларын да хабыах баара. Кыайыыны уһансыбыт дьоммутугар сүгүрүйүү, махтал быһыытынан.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0