Дьиэ атыылаһарга 50% судаарыстыба уйунар, онон ким туһаныан сөбүй?

Бөлөххө киир:

Уһук хоту кыра нэһилиэктэргэ үлэһит илии, ордук үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ тиийбэт буолан, судаарыстыба эдэр учууталлары уонна быраастары олохсутарга усулуобуйа тупсаҕайын тэрийэр.

edersaas.ru

«2012 с. уһук хоту 13 арктическай улууска кыра нэһилиэккэ үлэлии барар учууталлары, быраастары өйүүр бырагыраама баар. Ол чэрчитинэн бааҥҥа анал счет аһыллан, бүддьүөттэн харчы мунньуллар, этиллибитин курдук 5 сыл хоту үлэлээбит исписэлиис дьиэ атыылаһарыгар  50% ити харчыттан устан ылар кыахтаах. Хаалбыт 50% бэйэтэ төлүүр, эбэтэр ипотеканан туһанар. Доруобуйа харыстабылын уонна Үөрэх министиэристибэлэрэ бу бырагыраама үтүө түмүктээҕин бэлиэтииллэр.

Итини толорорго бүддьүөттэн үтүмэннээх үп ирдэнэр. 2019-2020 сс. харчы кырыымчыгынан сибээстээн, бырагыраама толору үбүлэнэрэ кыаллыа суох кутталлаах, ол иһин эрдэ сайабылыанньа биэрбит 117 үөрэх уонна 150 доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ хабыллыахтара. Хоту барбыт дьон үксүн ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн устунан хаалаллар. Эдэр исписэлиис уһун харчыны батыһан биэс эрэ сылга буолбакка, уопсайынан, олохсуйа кэлэрин ситиһиэхтээхпит. Онон, инникитин хотугу эргимтэҕэ төһө үлэһит наадатыттан көрөн, бу бырайыак уларыйар чинчилээх» — диэн СӨ тутууга уонна архитектураҕа миниистирэ Вера Кузакова иһитиннэрдэ.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0