Дьиэ ахтылҕана (Салгыыта. Иннин ыам ыйын 3,4,5 күннэригэр аах)
Дэбдэ иһиттэри эбиэт саҕана нэһиилэ сууйан бүтэрдэ. Кыыһа Аннетта, хата, барытын серваҥҥа сотон ууран дьаарыстаан көмөлөһөн абыраата.
– Эбиэттэн киэһэ биһиги Михаиллыын «Хара хаар» диэн аатырбыт киинэҕэ барыахпыт. Билигин чэйдиэхпит. Биһиги барбыппыт кэннэ дьиэни үчүгэйдик быыллаан, пылесостаан, муостаны капитальнайдык сууйаар, – диэн кэм сымнаҕас соҕустук дьаһайан абыраата. Остуолу толору ас тардан кумуру-хамыры аһаатылар. Дэбдэҕэ иһигэр ас да киирбэтэ, барыта тууһаммыт, приправаҕа буспут эт астар, араас салааттар. Сарсыардатын дьоно үлэлэринэн, үөрэхтэринэн тарҕаспыттарын кэннэ овсянка хааһы буһаран сиирэ. Бу билигин сололонон буһарбата даҕаны.
– Эбээ, хааһыгын тоҕо буһаран сиэбэтиҥ? – сиэнэ Сима аһаабакка олорорун көрөн ыйытта.
– Аһыаҕа, чэ, ас элбэх, – ийэлэрэ тоҥуйдук хардарда. – Бу киһи туохха да кыһаммакка хаһыат ааҕа олорор. Саатар аһыаххын. Бачча элбэх ас таах хаалыа дуо? Аһаан кимиритэн иһиэххитин, эр дьон буолан баран. Астары аһыйбат гына, үчүгэйдик холодильникка угаар эрэ. Сарсын күнүскү аһылыкка үлэм дьахталларын эбиэккэ ыҥыртыам. Күнүс остуолу үчүгэйдик тардаар, – Аннетта ийэтин диэки кырыылаах баҕайытык көрөн ылар.
– Ийээ, Турцияҕа хаһан бараҕын? – уола ыйытар.
– Оҕом, хата, өйдүүр эбит. Тэрилтэм Турцияҕа 10 күннээх путевка биэрдэ. Муораҕа баран сөтүөлэниллиэ. Икки путевка. Бу киһи барсыбаппын диир. Оҕом барсара дуу? – ийэлэрэ уолун эйэргээбиттии көрөр.
– Суох, барбаппын. Эксээмэннээхпин буолбат дуо? Уонна Турцияҕа сылдьыбытым, – уола сөбүлээбэтэх куолаһынан хардарар.
– Ийэҕин илдьэ бар. Кырдьар сааһыгар кыраныысса таһын биирдэ көрдүн ээ, – күтүөт Михаил убаһа ойоҕоһун уҥуоҕун кимирийэрин быыһыгар саҥарар.
– Сөбүн биирдэ Москванан, Санкт Петербурунан күүлэйдэппитим. Билигин кинини иккиһин соһор кыаҕым суох. Атын икки кыыһа күүлэйдэттиннэр, – Аннетта өс саҕа буолар.
– Босхо путевканан иккиһин да төрөппүт ийэҕин күүлэйдэттэххинэ тугуй? Ийэҕэр олус да «чос» курдук сыһыаннаһаҕын. Киһи да бэркиһиир, – Михаил ситэ аһаабакка, остуолтан туран саалаҕа киирэр. – Бэҕэһээ да ийэҕин остуолга олоппотоҕуҥ сүрдээх этэ. Өссө бу үлүгэр тохсунньу торулуур тымныытыгар кырдьаҕас киһини оптуобуһунан ыыппыккын. Уолгуттан да кыбыстыбаккын!
– Ээ, чэ, мин… бэйэм барбытым. Уонна соҕуруу барбаппын. Ааспыкка наар маҕаһыын эрэ кэрийэн, таһаҕас эрэ тутан тахсыбытым, – Дэбдэ барахсан этэн бүтэн баран, сыыһа саҥарбытын өйдөөн, айаҕын саба туттубутун сиэнэ уол бэлиэтии көрөн, күлэн мичик гынна.
– Чэ, оннук буолуохтаах этэ, – саалаттан Михаил саҥата иһилиннэ.
– Ийээ, бар, хоскор, мээнэ тэпсэҥнии турума, – кыыһын кытаанах саҥатын истэн, эмээхсин тыаһа суох хоһугар тэмтэриҥнээтэ.
Дэбдэ оронугар токуллан, дьоно тахсан чуумпуралларын кэтэһэ сытан, таҥаһын хомунан автовокзалга барарга сананна. Автовокзал мантан чугас. Бөһүөлэктэрин таксистарын ааҕа билэр. Биир дойдулаахтарын, үөлээннээхтэрин оҕолоро, сиэннэрэ буоллаҕа. Бүгүн дойдутугар, дьиэтигэр тиийэн, оһоҕун оттон, дьиэтин ититиэ. Күн да мантан ыла уһуо, халлаан итийиэ. Бүгүн ахтылҕаннаах уһаайбатыгар тиийиэҕэ. Сураҕа, быйыл сайын бөһүөлэккэ ититии толору киллэрэллэр үһү. Оччоҕо дьиэтигэр олоруоҕа. Ити уһаайбаларын, ыал буолаат, нэһилиэк сэбиэтигэр сайабылыанньа биэрэн ылбыттара 55 сыл буолла. Күн-дьыл ырааппыт да эбит. Нэһилиэк сэбиэтин сессиятын быһаарыытын илиилэригэр тутан тураллара бу баар. Сэбиэт оҕонньор, Уйбаанабыс барахсан: «Оҕолорбор көнө сирдээх, үчүгэй оттоох-мастаах уһаайба булан биэрдим», – диэхтээбитэ. Кырдьык, тэлгэһэтин күп-күөх ньаассын ото алтан отунан саһарара, күнүһүн дөлүһүөн сибэккитинэн тэтэрэрэ. Дэбдэ бэйэтэ олбуорун иһин ньургуһун от тиэрэн тэниппитэ. Эбиитин уһаайбатын биир муннугар тэтэрэ кыыспыт сардаана сибэкки олордубута сыллата эбиллэрэ киһи хараҕын үөрдэрэ. Дьахталлар ымсыыра көрөллөрө. Бөһүөлэккэ отунан-маһынан киниэхэ тэҥнээх уһаайба суох, отонноох маһын ааҕан сиппэккин, дьаабылыка, сирень, акация, черемуха, облепиха, бузина, боярышник, о.д.а. мастара силигилии ситэллэрэ. Кыргыттара, күтүөттэрэ мас арааһын аҕалан олордоллоро. Ыам ыйыгар мастарын тыллалларын долгуйа күүтэрэ, хас биирдиилэрин тулатын ыраастыыра, төгүрүччү хара буорун көбүтэрэ, көрө сылдьан ууну дэлэччи туттара. Барахсаттарым, быйыл төһө эрэ силигилээн үүнэллэр, сыттыын-сымардыын кэрэлэр, дьахталлар анаан кэлэн хаартыскаҕа түһэн бараллара.
Дэбдэ таҥнан дьиэтиттэн саҥа тахсыах курдук туттан истэҕинэ, аан аһыллар тыаһын истэн, курус гынна. Ол да буоллар, күүстээх санааны ылынан тахсар ааҥҥа барда.
– Хайа, эбээ, бу ханна бардыҥ? – сиэнэ Сима соһуйа көрүстэ.
– Автовокзалга. Дойдубар бардым, – Дэбдэ сиэнин өрө көрөн турда.
– Эбээ, автовокзалга хайдах сатыы барыаххыный? Билигин мин такси ыҥырыам, – уол төлөпүөнүн ылан түргэн-түргэнник баттаан эрийээт, эбэтин саалаҕа киллэрэн, дьыбааҥҥа олорто. – Олор, эбээ. Сотору такси кэлиэ. Итии чэйдэ ис, айаныҥ уһун буолуо. Аны саас каникулга мин тиийэм, сөп дуо? – Сима эбэтигэр итии чэй кутан аҕалан остуолга уурар.
– Сөп, һыллы, тиийээр. Оҕобун күүтүөм, – эмээхсин иэдэһэ чарчыстар.
– Мин бугул түгэҕин харбыырым, Сиэнньискэлиин сороҕор, от кэбиһэллэригэр, наһыылканан бугул таһарбыт. Бу 50 кыраадыс ахсынньы, тохсунньу бурҕайар тымныытыгар санаатахха, сайын салгынныын наһаа үчүгэй, күп-күөх окко күөлэһийэ таалалыыр кэрэ да түгэн буолара.
– Оҕом сыыһа, эһэҥ курдук үтүө санаалааххын.
– Такси кэллэ. Тахсыахха, – сиэнэ суумканы ылан, эбэтин хонноҕуттан өйүү тутан дьиэттэн тахсан бараллар. Подъезтан тахсан иһэн, ыы муннуларынан дьонноругар кэтиллэ түһэллэр.
– Хайа, бу ханна бардыгыт? – Аннетта соһуйан, аймана түһэр.
– Такси кэллэ. Эбэм дойдутугар күүлэйдии барда. Сотору кэлиэ, – уол ийэтин саҥардыбаттыы быһыта баттаан эттэ. Соҕотох мааны уола сороҕор ийэтин утары саҥардааччыта суох.
– Ийээ, ити пакеккар фрукта баар дуо? Эбээҕэ биэр, эбээ эдьиий Өкүлүүнэлээххэ кэһии гыныа этэ, – уол ийэтэ аккаастаабатын билэр киһи быһыытынан пакеты ылан эбэтигэр биэрэр. Дэбдэ таксига олорорун кытта Михаил: «Бу халбаһыыны эмиэ кэһии гынан илдьэ бар», – диэн толору пакеты туттаран кэбистэ. Таксист уолу билэр оҕото эбит. Кинини көрөн мичээрдээн кэбистэ.
– Чэ, айанныаҕыҥ. Дэбдэ түргэнник айаннаатахпына, хачайдаммат инигин? Пароммутугар ыксыыбыт, – диэтэ.
– Ээ, сөп айаны тулуйабын. Дойдубар баран иһэр киһи наһаа ньырамсыйбат инибин. Хата, сонунна кэпсээн сэргэхситиҥ, — Дэбдэ дьиэтигэр айаннаан иһэр киһи быһыытынан мичээрдии истэ.
– Ээ, сөп. Паромҥа киирдэхпитинэ, сонун көстүө, – дьахталлар аймана түһэллэр. Паромҥа анньыһан киирэн, сэргэхтик айаннаан, Дэбдэ бөһүөлэгэр чугаһаатаҕын ахсын сүрэҕэ минньигэстик ньүөлүйэн, өрө уһуурара элбээн истэ.
Сотору уоттара сандааран, бөһүөлэктэригэр киирэллэрин кытта Дэбдэ такси тохтуу да илигинэ, аан тутааҕын эрийэ тутан, чуут аһа сыыста.
– Дэбдэ, түһэриҥ билигин да ыраах, ыксаама, — таксист уол буойан тохтотто. – Арба да, ханна түһэҕин, кыыскар Арина Авдеевнаҕа дуо?
– Суох, суох, кыыспар түспэппин. Олор дьиэҕэ олорбот дьон. Сарсын күнүс барыам. Билигин балтыбар Өкүлүүннээххэ тиийиэм, – эмээхсин ыксаабыттыы туттан быһаарда.
– Ээ, Өкүлүүнэлээххэ тиийэҕин дуо?
– Арина Авдеевна маарын Бороҕоҥҥо мунньахха барбыт диэбиттэрэ.
– Кырдьык, баҕар, кэлэ илигэ буолуо, – дьахталлар интэриэһиргээн хабыгыраһа түстүлэр.
Хаптаһын олбуордаах профлииһинэн эпсиэйдэммит дьиэ иннигэр тохтоотулар. Суоппар уол суумкатын ылан, бэйэтин өйөөн дьиэҕэ киллэрэн биэрдэ.
– Баһыыба, һыллы, – Дэбдэ айанын 500 солкуобайы уолга туттаран кэбистэ.
– Сөп, – диэт, уол түргэн үлүгэрдик элэс гынан хаалла.
– Дьиэлээхтэр, дорооболоруҥ, – эмээхсин иһирдьэ, саалаҕа киирэн кэлбитигэр дьиэлээхтэр бары соһуйа түстүлэр. Дьыбааҥҥа олорон, «Моя мама» диэн турецкай киинэ көрө олороллор эбит.
– Хайыы, эдьиийим илэ бэйэтинэн тиийэн кэллэ дии. Бүгүн оруобуна санаан ылбытым. Киир, киир. Ариналаах суохтар дуо? – балта Өкүлүүнэ түөрэҥэлээн кэлэн, эдьиийин санныттан кууһан ылла. Өкүлүүнэ кини бииргэ төрөөбүт эдьиийин Агаша кыыһа. Эдьиийэ өлбүтэ ыраатта. Балта кинилэри эҥэрдэһэн улааппыта, тэҥҥэ кырдьан эрэр.
– Хайдаҕа эбитэ буолла? Мунньахха барбыт диэн истибитим. Кэлэ илигэ буолуо диэн, манна эйиэхэ тохтоотум. Сонуну истиллиэ. Сарсын тахсыам. Сарсыҥҥыттан Сэмэн оһох оттуо этэ.
– Букатын кэллиҥ дуо? Чэ, бэрт. Куоракка кыргыттаргар да олордоргун, тэһийбэтиҥ чуолкай. Оҕо харабыллаан олоруоххун, оҕолоро улааттылар. Халлаан сылыйыар диэри биһиэхэ олор. Биһиги иккэбит эрэ. Ити кыыһым Алена икки оҕотунаан быстах бааллар. Аҕалара ыраах рейскэ барбыта, оттон кэллэҕинэ, дьонун ылыахтаах.
– Ээ, сөп, – Дэбдэ айаннаан дьагдьайан оһоххо сыстан олордо.
– Билигин эдьиийбин аһатыам. Оруобуна кырбас эттээх миин буһарбытым, — Өкүлүүнэ кэпсиирин быыһыгар иһитин тарпытынан барда.
– Бу эмээхсин эдьиийин көрбүт үөрүүтүттэн үчүгэй сонунун кэпсээбэккэ олорор, – Сэмэн күлэн ардьайбыт тииһэ килэйэр.
– Тугу эттиҥ? Ээ, арба да, дьиэҥ итии бөҕө, оттуллан турар. Бүөтүркэ кэлэн олорор, – Өкүлүүнэ кэпсиирин быыһыгар ытыһын охсон тас гыннарар.
– Бай, ол тоҕо мин дьиэбэр олордо? – Дэбдэ соһуйа түһэр.
– Ээ, быстах. дьиэтэ тоҥон. Үүтээнигэр бултуу тиийэн баран атын куоттаран, хонон хаалан, систиэмэтэ тоҥон хаалбыт. Сатахха, кимиэхэ да эппэккэ барбыт. Билигин ЖКХ-лар оҥоро сылдьаллар.
– Ээ, сөп. Эрэйдэммит дии, – Дэбдэ сөбүлэһэрин биллэрэн, күкээрбит баттаҕын кырыбыайкатынан төттөрү-таары тараанарын быыһыгар мичээрдээн, тииһэ суох айаҕа ымайда.
– Оһохтоох дьиэҕэ олорор буоллаҕа.
– Кыыһыҥ Арина көҥүллээбит этэ. Хата, оһоххун абырахтаан сыбаан бэртээхэйдик өрөмүөннээбит этэ, – Сэмэн кэпсэтиигэ кыттыһар.
– Сотору тахсара буолуо. Систиэмэтин бүтэрэн эрэллэрэ буолуо. Чэ, чэйдиэҕиҥ, – остуолга ыҥыртыыр. – Алена, оҕолоргун аһат. Иһиттэригэр куттум. Онтон утуйаллара да кэлэрэ буолуо.
– Сөп, – Алена эдэр дьахтар 3-4 саастаах кыра оҕолору остуолга аҕалан олордуталыыр.
– Ии, барахсаттары, кыракыйдарын. Тас дьүһүннэринэн биһиги аймах эбиттэр, – Дэбдэ кыра оҕолору көрөн ымманыйар.
Остуолга олорон саҥа аһыах курдук буолан истэхтэринэ, аан аһыллар тыаһын кытта куукунаҕа толуу мааны дьахтар киирэн кэллэ. Күндү уһун нуорка шубалаах, ушанка киис бэргэһэлээх, хара тыс унтуулаах Арина киирэн турарын көрөн соһуйа түстүлэр.
– Дорооболоруҥ. Хайа, ийээ, кыыскар тохтообокко, атын ыалга түһэҕин дуо? – Арина кытаанахтык саҥарбытынан киирдэ.
– Бу кыыс хайдах буолар? Атын дьон диир дуу? – Өкүлүүнэ өһүргэнэ истэр.
– Бэйэм хаан балтыбар тохтоон олоробун. Эһигини суохтар, мунньахха барбыттар диэбиттэрэ. Дьиэҕит уота суоҕа, – Дэбдэ кырдьыгын таһаарынар. – Сарсын тахсыам. Бачча киэһэ барбат инибин.
– Сөп. Сарсын кэпсэтиэхпит, – Арина эргичис гынан, соно тэлээрэн, ааны күүскэ сабан тахсан барар.
– Айыкка, аны Аринабыт да хамаандатынан мантан ыла олорууһукпут дии, – Өкүлүүнэ сөбүлээбэтэҕин этэн тэйэр.
. . .
Арина киэһээҥҥи аһылыктарын кэнниттэн түргэн-тарҕан соҕустук иһиттэрин сууйан халыгыратан бүтэрдэ. Ийэтин кытта кэпсэтэр санаалаах. Шараповтары билэр буолуохтаах. Киһи ыйыппатаҕына, кэпсээбэтэ чуолкай. Дьону хаһан да ырытан кэпсэтээччитэ суох. Айаҕа аһыллан саҥарара биллибэт. Билэр буоллаҕына, кэпсиир ини.
– Ээ, итини билэбин. Сайылык дьахталлара итинник куруутун кэпсэтээччилэр. Онтон эбэлэрэ Арыппыас төбөтүнэн ыалдьар дуо? – Арина тоһоҕолоон ыйытар.
– Мин өйдүүрбүнэн, Арыппыас төрүттэригэр итинник ыалдьар киһи суох. Кэргэнэ куруубай, иһэр баҕайы оҕонньор этэ. Ол эдэр эрдэҕинэ төбөтүн дэлби үнтү сынньан, кырбаан итинниккэ тиэрдибитэ дииллэрэ. Арыппыас барахсан ис киирбэх, чэнчис баҕайы дьахтар этэ. Ону оҕонньоро күлүгэр кытта күнүүлүүрэ дииллэр. Уола иирээкилэр дьиэлэригэр туттаран, ийэтин үйэтин уһаппыта дуу, кылгас үйэлээбитэ дуу? Билбит суох, – Дэбдэ сыыйа тардан кэпсиир.
– Былыр үйэҕэ өллөҕө дии, – Арина саҥа аллайар.
– Өлөөхтөөтөҕө – эмээхсин сөбүлэһэр.
– Онтон ити кыра кыргыттара тоҕо итинник, итэҕэстээх курдук буолан хааллылар? Ону дьиибэргиибин, – дьахтар туоһулаһарын тохтоппот.
– Ээ, бэйэҥ да иһиттиҥ ини? Хаарыан оҕолорун травмалаан итинник буолаахтаабыттар. Сураҕа, куоракка оҕолоно барыахтааҕын, тарда сылдьыбыт. Дэриэбинэҕэ оҕоломмут. Баара-суоҕа кырдьаҕас сиэстэрэ баара үһү. Айылҕаларынан син оҕолонуо эбит да, сатахха, хойутаан олох дьиэтигэр түһэрбит, эбиитин игирэлэр үһү. Оҕолор эрэйдээхтэр итинник буолан хаалаахтаабыттар – Дэбдэ үгэһинэн кэпсиирин быыһыгар баттаҕын үөһэ-аллараа имэриммэхтиир.
– Хаарыан оҕолору, ийэлэрэ эппиэтинэһэ суоҕуттан итинник дьылҕалаабыт эбит, – Арина саҥа аллайар.
– Оннук. Хата, кыргыттар үлэһит бөҕөлөр. Дьиэни-уоту барытын көрөн олороллор, ыраастара-чэнчистэрэ сүрдээх. Ийэлэрэ сүөһүлэриттэн ордубат буоллаҕа.
– Биһиги уолбут ити ыал кыыстарыгар олох харааччы иирэн хаалла. Куоракка кыыс бөҕө ортотугар сылдьан, бэйэтин бөһүөлэгин кыыһыттан атыны булбатах.
– Чэ, хайдах буолар? Уолбут кыыһыран бырдааттанан куоракка барбыта. Инбэлиит оҕолоох буолан, куоракка дьиэлээхтэр. Онно тиийэн олороллор.
– Онтон субуотаҕа ыҥырдаҕыҥ дии. Аймахтар икки өттүттэн кэпсэтиэ этибит, – аҕалара кириэһилэҕэ барытын истэ олорон өрүкүнүйэ түһэр.
– Оҕолору холбооттуохха буоллаҕа. Шараповтар үчүгэй аймахтар, – эбэлэрэ сөбүлэһэр.
– Билигин Сааскаҕа ийэтэ эрийэн, уолгун үөрдүбэккин дуо? – аҕалара ыксаллаах муҥутаан ийэлэрин ыксатар.
– Аргыый. Наһаа омуннурума. Ыксаабатыннар. Хотон сыттаах дьиэлэригэр, үөрэҕэ суох кыыстарыгар – мин дипломнаах уолум наада үһү. Кыра кыргыттарын аһыннарбын да, кырдьыгынан эттэхпинэ, кинилэри кытта аймаҕырҕаһыахпын баҕарбаппын.
– Аньыы даҕаны, мээнэ ону-маны буолары-буолбаты саҥарыма, – Василий сөбүлээбэтин биллэрэр.
– Эн Шараповтартан туох ордуктааххыный? Бэркэ гыннар, эн үрдүк үөрэхтээҕиҥ, дуоһунастаах үлэлээҕиҥ буолуо. Шараповтар тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһиттэрэ, суобас бөҕөлөөх дьон бастыҥнара. Биир муостаҕа тураҕыт, – Дэбдэ утары этиппэттээн кытаанахтык саҥараат, хоһугар киирэр.
– Ити кырдьык дуо, кырдьаҕастар дьиэлэригэр бараары сайабылыанньа биэрбит үһүгүн дии, ону туох диигин? – Арина хос диэки кытаанахтык көрөн туран ыйытар.
– Биэрэн. Тэҥнээхтэрбин кытта бэйэм-бэйэбэр олоруохпун баҕарабын. Оҕолорбуттан сылтаан сайабылыанньа биэрбит буолбатахпын. Кырдьаҕас киһи өйө-санаата эдэрдэртэн олох туспа, өйдөрө-санаалара сөп түбэспэт.
– Хайа, ийэм саҥаҥ элбээбит, өйүҥ-санааҥ сайдыбыт да эбит, – кыыһа соһуйар.
– Манна дьиэбэр ититии киллэртэрэ сатаатым да, кыаллыбата. Хайдах мас мастаан, оһох оттон бэйэм олоруохпунуй? Ол иһин кырдьаҕастар дьиэлэригэр бара сатыыбын. Эбэтэр дьиэбэр ититиитэ киллэттэриҥ… Бэйэм бэйэбэр олоруохпун баҕарарым кэмнээх буолуо дуо, — Дэбдэ кыыһын таһыгар кэлэн олорор.
– Ийээ, эн кырыйдыҥ. Үс кыыстааххын. Кыргыттаргынаан хардары-таары олордоххуна тугуй? Биһиги аапптын хараардан, онно-манна кырдьаҕастар дьиэлэригэр барар туһунан толкуйданыма. Оннук ыыппаппыт даҕаны. Сүрэ да бэрт. Тоҕо итинник толкуйга кэлбиккин сатаан санаабаппын. Кыргыттардыын кэпсэтиэм, – Арина саҥата кытаанах. – Бүөтүккэ дьиэтигэр таҕыстар эрэ, дьиэҕэр киирэн бэйэҥ төһө олороргунан олор. Ким да туппат. Маскын күтүөтүҥ бэлэмнэтиэ. Биһигинэн хардары-таары олороруҥ ордук буолуо дии санаабыппыт. Аны сайын ититии киллэримэ.
– Бүөтүккэ таҕыстар эрэ, ДьУоКХ уолаттарын кытта кэпсэтиэм, сайыҥҥыга диэри соспот инибит, – күтүөт кэпсэтиигэ кыттыһан көх-нэм буолар, – матырыйаал син биир тиийиэҕэ.
– Ийээ, ханна да барар туһунан толкуйдаама. Дьиэбит олбуоругар турдун ээ, биир эмэ сиэн олохсуйуо. Аны сайын олбуорбут иһигэр кыра алта да алталаах дьиэ тутуохпут. Ийэбит харахпыт ортотугар олоруоҕа, – Арина быһаарар.
– Суох, саҥа дьиэ наадата суох. Бэйэм дьиэбэр, уһаайбабар олоробун. Хас сыл бараары, ханна да барбаппын, – эмээхсин өһүргэнэ истэр.
– Онтон дьиэҕин аны сайын биһиги олбуорбутугар көһөрөн аҕаллахпытына, – Василий кыттыһар.
– Ыы, күтүөтүм, эттэҕин үчүгэйиэн. Эһиги бары атыннык саныыгыт. Оҕолорбун абааһы көрөр буолан, туспа олоро сатыыр буолбатахпын. Мин дьиэ туттан олорбут уһаайбабын ахтабын. Туох да диэҥ, бэйэм уһаайбабар үйэбин моҥуом, – Дэбдэ санаатын этэр.
– Чэ, сөп. Ийээ, эн эппиккинэн буоллун. Биһиги утарыласпаппыт. Баһылай Сэмэнниин дьиэни ититиигэ үлэлэсптинэн барыҥ.
– Оннук. Эбэбит Дэбдэ эппитэ этириэс. Атаах, ньырамсыйбыт мааны кыргыттара туох да диэбиккит иһин. Ийэҕит иннин ылыаххыт суоҕа диэн эппитим дии. Чэ, хата, биир тылы буллугут. Үлэһит буолбут мааны кыргыттар, ийэҕитин көрдүгүт да кыра оҕоҕутугар түһэн хаалаҕыт, тугу саҥараргытын да ырыҥалаан көрбөккүт.
– Чэ, хата, аһаан утуйуоҕуҥ. – Баһылай Уйбаанабыс түмүктүүрдүү эппитигэр Дэбдэ эгди буола түһэр.
Үһүөн күө-дьаа буолан аһыыр куукуналарыгар киирэллэр.
Татьяна НАХОДКИНА,
Уус Алдан.
Хаартыскалар: ru.depositphotos.com, ok.ru ылылыннылар