Дьиэ ахтылҕана (Салгыыта. Иннин 03.05.2021 ааҕыҥ)

Ааптар: 
04.05.2021
Бөлөххө киир:

Бырааһынньыктыы киэргэтиллибит саалаҕа икки эрээт остуолга сахалыы иһиттэргэ кутуллубут астарын Анфиса Авдеевна астыммыт көрүҥнээх тэйиччиттэн быар куустан көрөн турда. Туох суоҕай, ас арааһа тардыллыбыт: духуопкаҕа буһарыллыбыт куобах, кус, ыһаарылыммыт собо балык, убаһа ойоҕоһо, куһуогунан буһарыллыбыт эт, бэрэски, кэтилиэт, голубцы, манты, тоҥ быар, хаһа иһиттэргэ кутуллан өрөһөлөнөн тураллар, остуолу араас өҥүнэн киэргэтэн оҕуруот салааттара, фрукта сахалыы орнаменнаах иһиттэргэ кутуллубуттар.

Анфиса Авдеевна иһит тардыллан бүтэн, аны бэйэтин оҥостон, көрүнэн-симэнэн барда. Күндү хаарыс сахалыы былааччыйатын кэтэн баран түөһүгэр үрүҥ көмүс илин кэбиһэри түөһүн бүтүннүү толору кэтэн кэбистэ. Ол быыһыгар остуолу тула кэлэр-барар, төттөрү-таары хаамар-сиимэр чарчастыбыт сирэйдээх, чуочайбыт кыра уҥуохтаах ийэтин Дэбдэни хаста да кытаанах кытаанахтык көрөн ылла.

– Ийээ, бу хаһан бараҕын? Хараҥаран эрэр. Ыалдьыттар кэлэллэрэ чугаһаата.

– Ээ, барбат инибин. Эчи, тымныыта да бэрт. Билигин оҥостон сытыам, – Дэбдэ кыыһын диэки аһыннарыахтыы сымнаҕас сымнаҕастык көрүтэлиир.

– Билигин сүүрбэччэ ыалдьыт кэллэ. Дьиэ кыараҕас. Оннооҕор оҕолор барбыттара. Дьон кэлэ илигинэ бара оҕус. Сарсын эрдэ соҕус кэлээр. Күнү быһа иһит хомуллубакка туруо дуо?

– Мин кимҥэ да мэһэйдээбэккэ, ороммор утуйуом буоллаҕа. Бачча тымныыга хайдах барыахпыный? Автобус да сүгүн сылдьыбат.

– Сатахха, ити киһи сүтэн хаалла, син быраҕан биэриэ этэ. Такси ыҥырабыт дуо? – дьахтар ийэтин аһыммыттыы көрөн ылла.

– Ээ, суох, бэйэм да барыам. Автобус эрэ кэллэр, булан тиийэр инибин, – Дэбдэ таҥнан хачыгырыйда.

– Чэ, кытаат, түргэтээ, халлаан хараҥарда, – диэн хаһыытаан хаалла, тараҥнатан ииппит мааны орто кыыһа.

Оптуобус тохтобулугар чугаһаан иһэн, оптуобус иһэрин көрөн сүүрэн бөөкөйдөннө. Оптуобуска, хата, киһи аҕыйах эбит. Дэбдэ оптуобуска киирээт, көхсө сааллан, сылайбыта таайан утуктаан, хараҕа сабыллан барда. Санаатыгар чыпчылҕан түгэҥҥэ нуктаан ылла. Анньыалаабыттарыгар хараҕын көрөн ылла, иннигэр барыйан турар нууччаны көрөн дьик гынна. Оптуобус суоппара эбит.

– Бабушка, бу бүтэһик остановка. Ханна түһүөхтээххиний?  – Хата, эмээхсин үөрүөн быатыгар сахалыы саҥаран соһутта.

– Мин Сэргэлээх тохтобулга түһүөхтээх этим, – эмээхсин куттанан титирэс куолаһынан эппиэттээтэ.

– Мантан үһүс остановка. Мин үлэлээн бүттүм. Ол остановкаҕа түстэххинэ, кыайан сатыы бараҕын дуо?

– Барыам этэ, – Дэбдэ иһиллэр-иһиллибэттик ботугураата. Суоппар саҥата суох автобустан тахсан барда. Сотору буолаат, ыҥырар саҥата иһилиннэ.

– Бабушка, кэл, манна. Бу автобуска олор. Остановкаҕар түһэриэ. Ахмет, өйдөөтүҥ дуо, ханнык остановкаҕа түһэрэргин?

– Өйдөөтүм, – аны эмээхсин соһуйуон быатыгар хара омук хараҕа эргиллэн олорон сахалыы эппиэттээтэ. Дэбдэ, бэл, кэннинэн чугуруҥнаан ылла.

– Бабушка, куттаныма, үчүгэй уол. Остановкаттан чугас уонна киһи аҕыйах буоллаҕына, дьиэҕэр тириэрдэн биэриэҕэ. Ахмет, өйдөөтүҥ дуо? – кырдьаҕас суоппар эдэр хара бараан уол саннын таптайан ылла.

– Да, понял, – эмээхсин иһирдьэ киирэн олорорун кытта оптуобус хоҥунна. Икки тохтобулу ааһаат, үһүскэ тохтоото.

– Түс, кэллибит, – диэн буолла. Бу тохтобулга биир да пассажир түспэтэҕиттэн суоппар эмээхсин дьиэтин аадырыһын ыйытан баран, «через 10 минут» диэт, дьиэлэр быыстарынан түргэн хаамыынан батыһыннарда. Ыксала сүрдээх. Дэбдэ түргэн хаамыыттан уонна хойуу бурҕаҥнас салгынтан түөһэ хам тутан тэмтэриҥнээн ылла, эбиитин эп-эппэҥнэс буолла.

– Кэллиҥ. Бу, эн дьиэҥ, – олуттаҕас соҕустук эттэ.

Дэбдэ өйдөнөн баһыыбалаабакка да хаалла, киһитэ хайыы үйэҕэ элэс гыммыт, чугуруҥнаан, дьиэтин нүөмэрин уонна подъеһын көрдөөн, балачча этээстээх таас дьиэни эргийэ сырытта. Ити кэмҥэ эдэр уол элэстэнэн ааһан иһэрин тохтотон, дьиэтин чуолкайдаһан ыйыппытыгар подъеһын ыйарын ааһан квартиратыгар таһааран биэрдэ, эбиитин балачча уһуннук күүскэ хос-хос баттан звоноктаата. Квартира аана аһыллар тыаһын истэн баран, эдэр киһи аллара сүүрэн түһэр тыаһа иһилиннэ.

– Хайа, туох ааттаах хойутаатыҥ? Маарын барда диэбиттэрэ -, орто кыыһа Анфиса ийэтигэр өрө хабылла түстэ.

– Муна сырыттым. Хата, эдэр дьон түбэһэн көмөлөһөн абыраатылар. Үтүө санаалаах, үчүгэй дьон бааллар эбит. –  эмээхсин иһиллэр-иһиллибэттик уоһун иһигэр саҥарда.

– Бэрт дьон дьиэлэригэр хонноро илдьиэхтэрин, – кыыһа сөбүлээбэтэх куолаһа иһилиннэ. – Итии чэй иһиэҥ дуо?

– Иһиэм этэ, – эмээхсин сиигирэн мууһуран хаалбыт унтуутун нэһиилэ чыраахтаһан уһулан батареяҕа өйөннөрө уурда, остуолга кэлэн олорбутугар кыыһа барбах итии чэйдээх чааскыны аҕалан иннигэр уурда.

– Аһыыгын дуо? – хатыылаах куолаһынан ыйытта. – Анетта аһатан ыытта ини? Мааны дьахталлары ыҥырар буолан, биһигини ыҥырбата. Биирдэ эмит үһүөн бииргэ мустуохпут диэбитэ да, баран бэрт. Бииргэ мунньарыттан кыбыстар буоллаҕына сылдьыа эбээт. Кини санаммыт дьахталларыттан итэҕэс буолбатыбыт ини. Эйигин хас хонон баран кэлээр диэтэ?

– Ээ, суох, бэйэм да барыам. Оптуобус сылдьар ини. Сарсыарда сырдык буоллаҕа.

– Аҕыйах иһити, баҕас, бэйэтэ да сууйуо эбит. Саҥа дьыл кэллэ, түбүк бөҕө буолуо. Туохха манна мэһэй-таһай буола сылдьаҕын? Тыаҕа улахан кыыскар Аринаҕа тахсыаххын. сураҕа, сыбаайбалаары сылдьар үһү.

– Ол ким, Саша дуо? – эмээхсин туоһулаһар.

– Шараповтары кытта уруурҕаһар буолбут. Сураҕа сирэр үһү да, уола хайыы үйэ күтүөттээбит, хайыаҕай, сыбаайба тэрийэригэр эрэ тиийбит, – Анфиса сэтэрээбиттии мүчүк гынар.

– Шараповтар туох куһаҕаннаах буолуохтарай? Үлэһит аймах, – Дэбдэ кыыһа сөбүлээбэтин төһө да сэрэйдэр, утары саҥарда.

– Дьэ, ити санааҕын улахан кыыскар тиэрдээр. Инньэ гынан быйыл ханна кыстыыр былааннаах олороҕун?

– Ээ, суох, дойдубар дьиэбэр кыстаабат буоллахпына, тахсыбаппын. Социальнай үлэһиттэрбэр, Мариналаах Раисаҕа бу ааспыт ыйга сайабылыанньа ыыппытым. Кырдьаҕастар дьиэлэригэр барыахпын баҕарабын диэн. Сотору быһаараллар ини, – эмээхсин кыыһын сэрэхэдийбиттии көрөр.

– Оо, дьэ, бу туох акаары эмээхсиҥҥиний? Оҕолорун ааттарын түһэн биэрэҕин дуо? Дьэ, кыргыттарын ааттарын аар-саарга аатырдыбыккын дии. Улуус хайыы-үйэ биллэ ини? Пахай даҕаны, Ариналаах Аннетта билэллэр дуо? Билигин кыргыттаргар эрийиэм, – дьахтар иһити-хомуоһу тыастаахтык сыҕарытар.

– Этэн көр. Кыыс оҕо төрөппүккэ чугас дииллэр да, мин кыргыттарым тоҕо эрэ чой курдуктар, ол баҕар иитиититтэн буолуо. Хаһан да утары көрүллүбэккэ, ытыс үрдүгэр иитиллибит оҕолор өйдөрө-санаалара оҕо эрдэҕинээҕилэриттэн уларыйбат дииллэрэ кырдьык эбит. Маанылаан ииппит үс кыыстаахпын да, кинилэр сылаас сыһыаннарын билэ иликпин. Санаабар, дьон оҕолоруттан итэҕэс ииппэтэҕим да, … – Дэбдэ ситэ саҥарбакка, күөмэйэ кычыгыланан, хараҕа ууланан барар.

– Араас буолума. Манна ытамньыйа кэлбитиҥ дуо? Итиннэ саалаҕа дьыбааҥҥа орон оҥорбутум. Онно баран сыт. Ариналаах Аннеттаҕа итинник ытаан ыҥыргыы олоруоҥ суоҕа, – кыыс силбиэтэнэн, куукуна уотун саба тутан, хоһун аанын күүскэ аһан, хоһугар киирэр.

Анфиса хоһугар киирэн, төлөпүөнүн ылан, эдьиийигэр Аринаҕа эрийэр.

– Аллуо, эдьиий, дорообо? Туох сонуннааххын? Сураҕын иһиттэххэ, Саша ыал буолан эрэр дуо?

– Ыал буолла быһыылаах. Киһи тылын истибэт. Куоракка, биһиги туспутугар биир тэҥнээх кыыс көстүбэтэх, –  эдьиийин куолаһа хабылла түһэр. – Балтыбыт Аннетта итиннэ үбүлүөйдүү олорор дуо? Тоҕо ыалдьыттарын араартаата?

– Араартаабыт дии. Сураҕа, бииргэ үөрэммит доҕотторун, үлэлээбит дьонун, истиҥ дьүөгэлэрин ыҥыртаабыт үһү. Биһигини аймахтарын иккис этаапка ыҥырар үһү.

– Иккис этааптаан ол тугу туһанарый? Ордук түбүктээх  ини. Мин аҕыйах киһилээх оҥорор былааннаахпын. Шараповтары дархаһыннарар санаам суох.

– Эдьиийим сөпкө этэҕин. Манна ийэҥ кэлэн олорор. Бачча, тохсунньу торулуур тымныытыгар, дьахтарбыт кырдьаҕас киһини, ийэтин сатыы ыыппыт, саатар аҕалан биэрбэтэхтэр. Онно кини тугун мэһэйдиэ этэй? Бэркэ гыннар, оронугар сытыа этэ буоллаҕа.

– Оо, хайдах 50-тан тахса кыраадыска ийэтин соҕотохтуу ыытарый, сүрэҕэ да ыалдьыбат, акаары дьахтар.

– Истэн абыран, ити өссө кыра. Ийэбит социальнайдарга кырдьаҕастар дьиэлэригэр ыытыҥ диэн сайабылыанньа биэрбит. Дойдубар барбаппын, дьиэбэр олорбот буоллахпына, ол кэриэтин тэҥнээхтэрбин кытта кимнээҕэр үчүгэйдик олоруом. Төрөппүт оҕолорбор мэһэй-таһай буоларбын сөбүлээбэппин диэбит. Ону аҕа киһибит, эдьиийбит туох диигин? – Анфиса үчүгэйи эппит курдук, тохтообокко хабыгыраан олорор.

– Бүт эрэ, аата айманнаххын. Улууспут социальнай үлэһиттэрин бэркэ билэбин. Сарсын Мария Николаевнаҕа эрийиэм. Сайабылыанньаны ыларыгар этиэҕим.

– Оннук эрэ буоллун. Чэ, сөп, сарсын кыыһыгар Аннеттаҕа илдьэн биэриэхпит. Онтон дьахтарбыт саатар чэйдэтэн ыытар ини.

– Сөп. Сарсын киэһэ кэпсэтиэхпит. Ону быһаарыахпыт, –  эдьиийэ төлөпүөнүн саба тутта быһыылаах, чуумпуран хаалла. Анфиса хайыы-үйэ утуйан мунна тыаһыы сытар кэргэнин улаҕа диэки анньан баран, тыаһа суох оронугар кумуччу туттан сытта. Хайдах эрэ ийэтин аһына санаан кэллэ. Ийэм муҥнаах түүрүллэн баран, дьыбааҥҥа сытаахтыыр. Киһилии кэпсэтии да суох. «Кыыскар аһаан кэлбитиҥ буолуо»,  – диэн кырдьаҕас төрөппүтүгэр итии чэй да кутан биэрбэтэ. Олус да тыйыс, кытаанах дьахтарбын, эгэ, киһилии кэпсэтиэм дуо, кэргэним Игорь, бэл, бэркиһиир:» Бары үһүөн үөрэхтээх, мааны, интеллигентнай дьахталларгыт эрээри, төрөппүт ийэҕитигэр наһаа холуон, тымныы сыһыаннааххыт. Киһи сүөлүргүүр. «Ити этэрэ оруннаах. Игорь төрөппүттэригэр наһаа ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар, олох кэллэхтэринэ өйүү-убуу сылдьар. Павловскайга олороллор, чугас буолан, нэдиэлэ ахсын быыс булан, хайаан да дьонугар тахсан, көмөлөһөн киирэр, наадалаахтарын барытын булан таһаарар. Хамнастаах буолан, кинини саҥардыбат, биирдэ эмит харчыны дьоҥҥор наһаа барыыгын диэн тутуһан көрдөҕүнэ, истэ да барбат. Икки сыл буолан баран, төрөппүттэрин соҕуруунан, кыраныысса таһынан күүлэйдэтэ ыытар идэлээх. Оттон кинилэр 70 лаппа тахсыбыт ийэлэрин үс ыалынан хардары-таары «эстэрээпэ» курдук илдьэ сылдьаллар, эбиитин төттөрү-таары сатыы таскайданар. Ийэм барахсаҥҥа маанылаан ииппитигэр махталбыт, үтүө сыһыаммыт ити буоллаҕа. Ийэбэр сыһыаммын уларыттахха табыллар. Уолум Арсен барытын көрө-истэ сылдьар, «Эбэбин тоҕо наһаа мөҕө сылдьаҕын?» – диэччи. Кырдьар сааспар уолум итинник сыһыаннастаҕына, холоон буолар инибин. «Кырдьар саас кырыыс» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Ийэбит наһаа киһини таһынан атаахтатан иитэн маннык куһаҕан майгылаах дьахталлар буоллахпыт. Хайдах да кырый, сааһыр, оҕо саастааҕы куһаҕан майгыны уларыппаккын дииллэрэ кырдьык быһыылаах. Анфиса бэйэтэ да билбэтинэн хараҕын уута иэдэһин устун сүүрэ сытарын туора сотто сытта…

(Салгыыта бэчээттэниэ)

Татьяна Находкина,

Уус Алдан

Хаартыска: pixabay.com ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0