Дьиэ ахтылҕана (салгыыта. Иннин 03.05.2021, 04.05.2021 ааҕыҥ)

Ааптар: 
05.05.2021
Бөлөххө киир:

Дэбдэ саалаҕа сыбдыйан киирэн, тыаһа-ууһа суох сытаат, хараҕын уута тохтоло суох сүүрэн кэлэрин сотто сытта. Ыал буолан Авдейынаан олорбут олоҕо киинэ экранын курдук хараҕар элэҥнээн барда. Кэргэнинээн бэркэ да олорбуттара. Оскуолаттан доҕордоһон, уол аармыйаттан кэлэрин кытта икки өртүттэн аҕыйах киһилээх сэмэй сыбаайба оҥорбуттара.

Авдейа сытыары-сымнаҕас, үлэһит бэрдэ этэ. Биирдэ улаханнык кыыһырсыбатахтара. Биирдэ эмит кыралаан кыыһырыстахтарына, Авдейа бастакынан эйэлэһэрэ, күлэн-салан барара. Хантан кими батан, ити кыргыттар ньиэрбинэй буолбуттара буолла, биир тэппи тылы истибэттэр. Төрөппүт ийэлэрин көрдүлэр да, ис истэриттэн тымтан кыыһыран тамнааттаммытынан бараллар, биир да саҥатын киһилии истибэттэр. Хайдах итинник буолбуттара буолла? Кини бачча сааһыгар диэри биир да дьахтары кытта кыыһырсыбытын, этиспитин өйдөөбөт. Оскуоланы бүтэрээт, кэргэн тахсан, онтон сыры сыллатааҕы кыргыттарын оҕолонон, ханнык да үөрэххэ барбатаҕа. «Саатар биир сыллаах атыылааччы эбэтэр сиэстэрэ үөрэҕэр үөрэн, наар тирээпкэ тута сылдьыаҥ дуо, кыргыттары биһиги көрүөхпүт, аҕалара баар», – диэхтиирэ ийэтэ. Билигин санаатахха, ийэтэ барахсан сөпкө да этэр эбит. Үөрэммэтэҕэ. Авдейа эмиэ үөрэҕэ суох эрээри, илиитигэр талааннаах буолан, үтүрүм-хатырым сылдьыбатаҕа. Мас ууһа буолан, дьиэ бөҕөнү тутуспута, дьиҥэр түннүктэрин. ааннарын холуодаларын туруортаабыта, араамаларын оҥортообута, эбиитин тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах буолан, механизатордар тиэхиньикэлэрэ алдьаннаҕына, кинилэр уһаайбаларыгар соһон илдьэ кэлэллэрэ.

Онтон кини бу нэһилиэккэ баар тэрилтэлэр дьиэлэрин барытын сууйбут өҥөлөөх. Оскуолаҕа солбуллубат уборщица этэ, атын тэрилтэлэри солбук буолла да, биир тыла суох баран сууйара. «Күөх оту тосту үктээбэт сымнаҕас ыаллар» аатыраллара. Онтукайдара, ханна баарый, маанылаан ииппит тапталлаах кыргыттара олус атаахтык иитиллэн, төрөппүттэрин өртүлэриттэн туох да тэппини көрбөт буола улааппыттара. Атын дьоҥҥо үчүгэйдэр ээ, үчүгэйдик үөрэммиттэрэ, бэрээдэктээхтик ииппит, бастыҥ төрөппүттэринэн ааттаналлара. Сыл ахсын Саҥа дьылга, ыһыахха грамота, сылаас, истиҥ тыллаах махтал сурук бөҕөнү ылаллара. Кырдьыгынан эттэххэ, Авдей сымнаҕаыһнан сымнаҕас этэ эрээри өһүргэһэ, ордук кыргыттарын туһунан тугу эрэ сөбүлээбэтин иһиттэҕинэ, иннин-кэннин билбэт буолуор диэри көмүскэһэрэ. Кими баҕарар кытта этиһэ-аахса барарга бэлэмэ. Оннооҕор кинини саҥардыбата. Хамнас кэлбит күнүгэр кыргыттарыгар хайаан да харчы өлүүлүүрэ. Ыйдааҕы бородуукталарын, уоттарын, нолуоктарын төлүүр харчылара тиийэригэр олох кыһамматтара. Ол иһин кини солбугун харчытын туспа ууран, хаһаайыстыбатын наадатыгар туттара. Авдей биллэн турар, сэрэйдэр да, утарыласпат этэ. Ол оннугар бээйтин хамнаһын кыргыттарыгар күн-ый ыһыаҕа оҥороро. Оннук киһи этэ. Аҕалара уон сыллааҕыта эрдэ баран, биэс сыл син бэйэтэ ыал буолан олорбута. Олох өлөрүн саҕана, сүрэҕэ сэрэйбит этэ. Илиитин тутан сытан: «Соҕотох хааллыҥ. Кыргыттарын иитэллэрин саарбахтыыбын. Чос курдук кыргыттары иитэн таһаарбыппытыгар мин буруйдаахпын. Кыаҕыҥ баарынан бэйэҥ олоро сатаан көрөөр. Быдан сынньалаҥнык, бэйэҕин бэйэҥ көрүнэн олоруоҥ этэ. Саатар, балтыҥ Марианна үйэтэ уһаабыта буоллар, өйөһөн олоруо этигит», – диэхтээбитэ. Кэлин кыргыттара: «Туспа ыал буолан даххаһыйан олорума. Биэнсийэҕинэн син биир кыайан тиийинэн олорбоккун», – диэн алталыы ыйынан быысаһан үс кыыс олордорго быһаарыммыттара. Оннук биэс сыл кыргыттарыгар олорон кэллэ. Кыргыттара хас саҥалыы эргийиэн тиийдэҕин ахсын түтүр-татыр, сөбүлээбэтэх курдук тутталарыттан сүрэҕэ ыалдьар. Дьүөгэлэрэ Даайалаах Марина барытын көрө-истэ сылдьан, улуустааҕы социальнай управлениеҕа сайабылыанньа суруйарыгар сүбэлээбиттэрэ. Кыһыҥҥы кэмҥэ олорорго көрдөспүтэ да, хайыыллар? Кыргыттарга алҕас быктаран кэбистэ быһыылаах, ол сайабылыанньатын тутан да ыллахтарына көҥүл дьон.

Дэбдэ хас эргийдэҕин аайы хачыгырыыр дьыбаанын атыҥыраан аанньа утуйбата, кыратык нуктаан эрэ ылла. Сарсыарда эрдэ, сэттэ чааска туран, бастакы оптуобуска тахсаары таҥнан хачыгырыйа турдаҕына, кыыһа Анфиса хоһуттан тахсан кэллэ.

– Хайа, туохха ыксаатыҥ? Игорь үлэтигэр бара таарыйа илдьэн биэриэҕэ, – Анфиса тоҥуй куолаһынан быһаарда. – Билигин туруоҕа, үлэтигэр 8 чааска баар буолуохтаах. Бар, саалаҕа киирэн дьыбааҥҥа олор, аан таһыгар хоройон баран турума.

Дэбдэ тыаһа суох саалаҕа киирэн дьылыччы туттан олордо. Орто кыыһа Анфиса уһун хара суһуохтаах, хап-харанан көрбүт орто уҥуохтаах кыыс. Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммитэ, улуустааҕы биридимиэтинэй олимпиадаларга куруутун кыттан инники бириистээх миэстэттэн түспэтэ. Учууталлар ытыстарын үрдүгэр илдьэ сылдьыбыттарын түмүгэр бэйэмсэх бэрдэ буолбута. Билигин улахан тэрилтэҕэ кылаабынай бухгалтерынан үлэлиир. Кини эппитэ барыта быраап. Кэргэнэ Игорь сымнаҕас киһи түбэһэн, талбытынан сылдьар. Уоллаах кыыс оҕолоохтор, барахсаннарым, хата, истигэннэрэ, аҕаларын курдук сымнаҕастар. Анфисаны оҕо эрдэҕинэ тосту-туора кытаанах дьахтар буолуо диэн санаабат этэ. Саҥаран-иҥэрэн, үөрэн-көтөн, хааман-сиимэн көрдөххө, дьахтар аллааҕа, үчүгэйэ. Кэргэнигэр, оҕолоругар сыһыана эмиэ ааттаах эрээри, төрөппүттэригэр сыһыанынан оҕолоругар туох үчүгэй иитиини биэрэрэ буолла?

Билигин кыра кыыһыгар Аннеттаҕа тиийиэҕэ. Аҕата олох күҥҥэ көрбүт тапталлаах оҕото. Оҕо эрдэҕиттэн тэппини көрбөт атаах кыыһа этэ. Оскуолаҕа, улууска биллэр тарбахха баттанар спортсменка, өрөспүүбүлүкэ сборнайа диэн ааттанара. Кини кыттар күрэхтэһиитигэр аҕата көтүппэккэ сылдьара. Быһый атахтааҕа, сүүрэн кылбаҥнатара. Онтон баскетболлаан, волейболлаан элэҥнэттэҕинэ, күрэхтэһэр дьонугар харахха быраҕыллара, ыалдьааччылара хаһыы бөҕөнү түһэрэллэрэ. Икки төгүллээх маастарга хандьыдаат этэ. Хараахтарыттан маастар буолбатаҕа. Улаатан истэҕин ахсын тириэньэрдэрин кытта тапсыбат буолан испитэ. Аҕата барахсан хомойоохтуура. Үлэтигэр да дьону кытта тапсыбат этэ. Хата, ИП буолан, бэйэтэ бэйэтигэр үлэлиир, иистэнэр буолан абыранна. Түүлээх таҥаһы тулуппат. Дьахтар сахалыы былааччыйатыттан саҕалаан, сонугар, бэргэһэтигэр тиийэ тигэр. Хаачыстыбалаахтык тигэр буолан, уочарат быыһа суох, дьиэтигэр сыһыары эрээри, туспа ааннаах мастарыскыайы Михаил тутан биэрэн табыллан сылдьар. Биир уоллаахтара Сима спортсмен бэрдэ. Ийэтин баппыт. Атаҕар үчүгэй, ааттаах баскетболист, волейболист. Билиҥҥитэ оҕом сыыһа үчүгэй курдук, күрэхтэһиигэ көтүппэккэ сылдьар, тириэньэрдэрэ хараактарыгар үлэлэһэллэр быһыылаах уонна аҕата уолугар кытаанах, атаахтатан мээнэ тараҥнаппат.

Онтон сап-саһархайынан унаарыччы көрбүт, уһун, ньассыын саһархай суһуоҕун биир гына мөлбөччү өрүнэн дуоспуруннаах баҕайытык оскуола саҕаттан туттар улахан кыыһа Арината этэ. Октябренок, пионер, комсомол барыта буолбута. Бачча сааһыгар диэри салайар үлэҕэ үлэлээн кэллэ. Биэнсийэҕэ барбыта да, оскуолатын салайан олорор. Солбуллубат дириэктэр. Хаһаайыстыбанньык бөҕө. Эргэ оскуолатын саҥатыгар түһэрдэ. Уоллаах кыыс оҕолордоох. Сураҕа, Сашата дойдутун Шараповтар кыыстарын кэргэн ылар дииллэр, тоҕо эрэ Арина сөбүлээбэт үһү. Ол түмүгэр, уол дьиэтигэр таарыйбакка, кыыска тиийбит. Дьиҥинэн, былыр былыргыттан кыыс оҕо кэргэн сүктэн уолга тиийиэхтээх этэ буоллаҕа. Аныгы үйэ дьоно бэйэлэрэ билэллэринэн уларыта тутан эрдэхтэрэ. Кырдьаҕастартан аны ыйыппаттар, сиэр-туом барыта уларыйан иһэр.

Авдей оҕолорун үһүөннэрин бэйэтэ ааттаабыта, эбэлэр ааттара наһаа кырыйда, аныгылыы ааттыыбын диэбитэ. Арина, Анфиса, Аннетта диэн ааттаталаабыта. Кыргыттар ааттарын сөбүлүүллэр. Арай Анфиса соччо биһирээбэт. Николай Габышев «Анфисатын» аатын биэрбиккин», – диэн тыллаах. «Анфиса курдук майгылаах буолаҥҥын, дьону кытта тапсан үлэлээбэккин, хата, аныгы үйэ киһитэ буолаҥҥын, үлэлии сылдьаргар махтан», – диэн эдьиийэ Арина өһүргэтэр.

Дэбдэ дьыбааҥҥа олорон эрэ нухарыйыах курдук буолан истэҕинэ, күтүөтэ турар тыаһа иһилиннэ, уолун туруорда быһыылаах, сэрээккэлээн тыас-уус бөҕө буолла. Игорь киниэхэ сымнаҕастык сыһыаннаһар. Кини кыыһыттан олох атын майгылаах.

Таас асфальт устун Анетталаах диэки сыыйылыннардылар. Сотору буолаат, 10 этээстээх таас дьиэ иннигэр тохтоотулар. Дэбдэ ааны аһан биэрбиттэригэр күтүөтүттэн тардыһан нэһиилэ түстэ. – Бэйэм тахсыам. Бэҕэһээ лифт үлэлиир этэ, –  эмээхсин күтүөтүттэн суумкатын ыларын быыһыгар эйэҕэстик эттэ.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

Татьяна Находкина,

Уус Алдан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0