Дьиэ атыылааччыга туох куттал суоһууруй?

Ааптар: 
15.11.2017
Бөлөххө киир:

Дьиэлэнэр туһуттан дьон үксэ ипотеканан дьиэ атыылаһар. Онуоха баан ирдэбилин быһыытынан, бастакы усунуоһу хайаан да төлөспүт буолуохтааххын. Дьиэлэнэр баҕаттан уонна дьон харчыта суох буолан, кыһалҕаттан бааны албыннаан, бастакы усунуоһу төлөстүбүт диэн атыылааччыттан араспыыска көрдүүрүн туһунан истэн соһуйан турабын.

edersaas.ru

Бу араспыыска атыылааччыга тугунан диэлийэн тахсыан, туох куттал баарын билээри, Регистрационнай балаата утары турар Октябрьскай уулусса 1 №-дээх дьиэтигэр үлэлиир “Недвижимость в Якутске” ХЭУо ДК мунаарар ыйытыыбар хоруй ылаары, киирэ сырыттым.
— Дьиэни атыылааччыга, кырдьык, олус сэрэхтээх. Бастакы усунуоһу төлөөбүтүн туһунан сымыйа ыспыраапканы илиитигэр ылбыт атыылаһааччы саамай тиһэх түгэҥҥэ дьиэни атыылаһартан аккаастанан кэбиһиэн сөп. Онуоха биричиинэ элбэх. Холобур, баан бу киһиэхэ кирэдьиит биэрэртэн аккаастыыра, көрдөөбүт, наадыйар сууматын кыччатара баар суол. Ону тэҥэ, туора дьон “олус ыарахан сыанаҕа ылан эрэр эбиккин” диэн этэллэрин истэн, аккаастаннаҕына да көҥүлэ. Сорох чиэһинэйэ суох дьон бу ыспыраапканан туһана (төлөөбөтөх харчыларын көрдөөн) сатыахтара. Аны иккис кутталынан буолар, атыыласпыт киһи ипотекатын  сатаан төлөспөт түгэнигэр сатаан төлөөбөт буоллум диэн түһэрсибит сөбүлэһиититтэн (сделка) аккаастанан кэбиһэр. Оччоҕо баан биэрбит харчытын атыылаабыт киһиттэн ирдээн туруоҕа.
Өссө биир түгэни холобурдуохпун баҕарабын. Бастакы усунуоһа суох киһи  өлөр түгэнигэр “олоҕун страховкалаппыт” страховой хампаанньата “страховкаламмат түгэн” буолла диэн бааҥҥа төлөөбөппүн диир куттала баар. Оччоҕуна баан өлбүт киһи оҕолоругар ипотека  эһиэхэ көһөр буолла диир. Маннык түгэҥҥэ нэһилиэнньиктэр ипотека төлөөмөөрү, сделканы көтүрэбит диир эмиэ бырааптаахтар. Дьэ, оччоҕо оҕолоро дьиэни атыылаабыт киһиттэн бастакы усунуоспутун төннөр диэн хаайан туруохтара.
Маны сэргэ, дьиэҕин атыылыырыҥ туһунан ыһа-тоҕо кэпсээмэ. Этэргэ дылы, “үһүс кулгаах” истимиэн наада. Соҕуруу куораттарга манныктан аһары куттаналлар. Хайдаҕын да иһин, сэрэхтээх буолуохтааххыт, — диэн сүбэлээтэ тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Олег Семенович Пермяков.

Женни Стрюкова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0