Учуутал күнүн иитинэн Жатай бөһүөлэгин нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин үрдүкү категориялаах учуутала, “Планета успеха” киин салайааччыта, эспиэрдэри куйаар ситимигэр өрө таһаарар дьарыктаах, уустук даҕаны тиэмэни бэрт судургутук тиэрдэр дьоҕурдаах, олоххо көхтөөх көрүүлээх Диана Прокопьеваны кытта кэпсэттибит.
— Диана Михайловна, бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түһүөҥ буолаарай.
— Эбээн Бытантай улууһун Кустуур нэһилиэгэр алын кылааһы бүтэрбитим кэннэ, төрөппүттэрим киэҥ сиргэ, улахан оскуолаҕа тиийэн сайыннын диэн Дьааҥы улууһун Баатаҕай оскуолатыгар ыыппыттара. Ахсыс кылаастан учуутал буолуон баҕалаах 16 оҕону сүүмэрдээбиттэригэр хапсан, педагогическай кылааска киирбитим. Учуутал идэтин таларбын эрдэттэн билэрим, букатын кырабыттан учууталлаах оонньуурум. Оччолорго Кустуурга омук тылын үөрэппэттэрэ, онон сынньалаҥ аайы тиийэн, ыкса ыалларбыт оҕолоругар англия уруогун “үөрэтэрим”. Оскуоланы Баатаҕайга бүтэрбитим, салгыы Нерюнгрига ХИФУ филиалыгар нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учууталын идэтигэр туттарсан киирбитим.
Үөрэҕим бүтэһик сылыгар саха оскуолатыгар быраактыкаланыахпын баҕаран, Алдан улууһун Хатыыстыыр оскуолатыгар билэр дьонноох буолан онно барарга санаммытым, устунан үлэлии хаалбытым, кэргэн тахсыбытым. Кэргэним Александр Дмитриевич — география учуутала. Салгыы Эбээн Бытантай, Алдан улуустарыгар, билигин Жатай оскуолатыгар үлэлиибит.
“Миниистир” оонньууга
— Алдаҥҥа төһө даҕаны түөрт сыл үлэлээтэргин, суолу-ииһи хаалларбыккын, оннооҕор “Миниистир” ооонньууга кытта кыттыбыккын. Хайдах?
— Оччолорго улахан оҕобут алын кылааска үөрэнэр, бэйэтин көрүнэр. Онон үлэҕэ умса түспүтүм. Уопсайынан, бэйэм көхтөөх, барыга бары кыттан, холонон көрөр майгылаахпын. Көхтөөх учуутал диэн ыытан, Алдан улууһун аатын көмүскээн, муҥутуур кыайыылаах аатын сүгэн, Соҕурууҥҥу Саха сириттэн өрөспүүбүлүкэҕэ кыттан “Лучший игрок” номинацияны ылбытым.
Билигин “Саха сирин талааннара” куонкуруска кытта сылдьабын, 5 тыһыынча киһиттэн финалга хаалбыт 300 киһи кэккэтигэр киирдим. Фрилансер идэтин кытта сибээстээн, Арктика улуустарыгар аналлаах “Мобильное образование” диэн бырайыагы оҥоро сылдьабын. Арктика улуустарыттан үөс сиргэ кэлэн үөрэнэллэрэ уустуктардаах. Онон ыраахтан олорон куурустарга үөрэнэн, хамнастаналларыгар аналлаах бырайыак. Куонкурус болдьоҕун олус уһаттылар, дьон үлэтин быыһыгар кытталларыгар уустуктардаах эбит, муус устарга саҕаламмыта. Ол иһин элбэх киһи оонньууттан таҕыста.
Эдэр исписэлиис – тыа сиригэр
— Эдэр исписэлиис үлэтин тыа сириттэн саҕалыыра төһө туһалааҕый?
— Мин санаабар, икки өрүттээх. Эдэр учуутал хайдах оскуолаҕа түбэһэриттэн тутулуктаах. Таһаарыылаах үлэлээх, күүстээх мэтэдиичэскэй көмө оҥорор дириэктэри солбуйааччылардаах оскуолаҕа үлэлээтэҕинэ, бу исписэлиис хайдах баҕарар сайдыан, бэйэтин суолун булуон сөп. Кистэл буолбатах, олус хаалыылаах тыа оскуолалара эмиэ бааллар. Көхтөөх, хараҕа умайа сылдьар киһи тиийдэҕинэ “олорон”, олохторугар олохсуйан хаалбыт быһыыны-майгыны алдьаттарыахтарын баҕарбаттар, эдэр үлэһит идиэйэлэрин үөрэ-көтө ылымматтар.
Эдэр учуутал үлэһит быһыытынан сайдыыта оскуола кэлэктиибиттэн, дириэктэри солбуйааччылартан улахан тутулуктаах. Балачча элбэх эдэр учуутал үлэлии тиийэн баран тоҕо уһаабатый? Кинилэр оҕолору кытта уопсай тылы булбаттар буолбатах. Чахчы учууталлыан баҕалаах, учууталлыыр аналлаах киһи ханнык баҕарар оҕоҕо “подход” булар. Оттон ханнык баҕарар кэлэктиипкэ эдэр учуутал бэйэтин миэстэтин булара уустуктардаах. Маныаха кэлэктииптэн улахан тутулуктаах.
Биһиги Саккырыыр оскуолатыгар үлэлии тиийэрбитигэр, ол сыл букатын аҕыс эдэр учуутал кэлбитэ, кэргэнниилэр эмиэ бааллара, бары олус көхтөөх этибит. Ол иһин бииргэ тутуспутунан араас тэрээһиннэри ыытарбыт, эдэр учууталлар ассоциацияларын тэрийбитим. Эбээн Бытантай үс оскуолалаах. Онно үлэлиир эдэр учууталлары барыларын кытта билсэрбит. Улуус киинигэр олорорбут быһыытынан, биһиэхэ үгүстүк таарыйан ааһаллара. Таһаарыылаахтык үлэлээн, биэс сыл иһигэр үрдүкү категорияны толорбутум.
Учуутал тиийбэт
— Хоту, Арктика улуустарыгар учуутал ахсаана тиийбэт…
— Учуутал билигин ханна баҕарар тиийбэт, хоту эрэ буолбатах. Төттөрүтүн, хоту улуустарга барыан баҕалаах элбэх диэн көрөбүн. Тоҕо? Хоту хамнас үрдүк диэн санаалаахтар. Дьиҥэр, оннук буолбатах. Бырагырааманан үлэҕэ үксүгэр кыра хамнастаах сирдэргэ ыҥыраллар. Аҕыйах ахсааннаах оскуолаҕа хантан даҕаны ылан үрдүк хамнаһы төлүүр кыахтара суох. Хантараахтарын толору үлэлээбэт төрүөттэрэ ити буолуон сөп. Сыана үрдүк – хамнас кыра.
Аны кэргэним Хатыыстыырга дириэктэрдиирин саҕана учууталлары ыҥыра сатаабыппыт эрээри, кэлбэттэр этэ. Нуучча улууһа диэн толлоллоро дуу… Билигин Жатайга эмиэ учууталлар тиийбэттэр. Куораттан аҕыйах мүнүүтэлээх оскуолаҕа ити курдук балаһыанньа.
Аныгы кэм учуутала
— Эн санааҕар, аныгы учуутал хайдах буолуохтааҕый?
— Учуутал хаһан баҕарар үүнүөхтээх-сайдыахтаах, үөрэтэр биридимиэтинэн эрэ муҥурданыа суохтаах. Учуутал киһи элбэҕи билиэхтээх-көрүөхтээх, сатыахтаах, эргиччи сайдыахтаах. Оччоҕо эрэ оҕо болҕомтотун тардар кыахтаах. Умсугуйан үлэлиир учууталга оҕо сыһыана да чыҥха атын. Бэйэтэ сырдыкка таласпат учуутал хайдах даҕаны оҕону сайыннарар кыаҕа суох.
Аахпат оҕо
— Билиҥҥи оҕо аахпат дииллэрэ төһө оруннааҕый?
— Ааҕыы мөлтөөтө. Төрүөтэ биир — дьиэ кэргэҥҥэ ааҕыы култуурата намтаата. Мин кинигэҕэ интэриэһим Баатаҕайга көһөн тиийбитим кэннэ үөскээбитэ, үөрэнэрбэр олорбут убайым аах дьиэлэригэр букатын улахан бибилэтиэкэлээхтэр. Саҥаһым бэйэтэ учуутал, чопчу айымньы, кинигэ туох интэриэһинэйин кылгастык кэпсээн умсугутар дьоҕурдаах.
Уолбут кыратыттан бэйэтин көрүнэ, дьаһана улааппыта. Аах эҥин диэн улаханнык ыххайбат этим, син ааҕар. Кыргыттарбыт икки уонна түөрт саастаахтар. Иллэҥ кэммэр дьарыктанабын, үөрэтэбин. Оскуолаҕа уруок ыыппат, кыра кыыспын көрөн олорор кэммэр кими эрэ үөрэтиэхпин наада курдук этэ. Ол иһин улахан кыыспын үөрэппитим. Оччолорго икки аҥаардааҕа, сүһүөхтээн ааҕан барбыта. Олус эрдэлээбиккин диэбиттэрин иһин тохтотон кэбиспитим. Билигин түөрдэ, буукубаны барытын билэр, сүһүөхтээн ааҕар, үс тылынан өҥү-дьүһүнү, ахсааны билэр. Оҕолорбутун сахалыы иитэбит эрээри, уһуйааммыт нууччалыы.
Кумааҕы үлэтэ
— Диана Михайловна, арай, эйигин миниистир дуу, бэрэсидьиэн дуу оҥороллоро буоллар, бастакынан туох уларытыыны киллэриэҥ этэй?
— Кумааҕы үлэтин төһө кыалларынан аҕыйатыам этэ. Билигин учуутал үлэтин улахан аҥаарын кумааҕыны толорууга барыыр. Сороҕор оҕону кытта үлэлиир бириэмэ да кырыымчык. Учууталы сэкиритээр оҥоһуннулар диэн санаа үөскүүр. Бу оҕо төрөппүтэ ханна үлэлиирин дуу, үлэлээбэтин дуу, аны иһэр төрөппүттээх ыалга кылаас салайааччыта тус участковай оруолун толорор, хаһан, ханна, хас хонук арыгы испитин, оҕотун кытта тугу дьарыктаммытын-дьарыктамматаҕын, бу оҕо тугу аһаабыта-аһаабатаҕа барыта учуутал үрдүнэн барар. Кини чопчу оҕону иитиинэн, үөрэтиинэн дьарыктаныахтаах этэ. Аны суолтата суох тэрээһиннэри, аахсыйалары, аатыгар эрэ куонкурустары ыыттараллар, кытыннараллар. Ол оннугар оҕо дьоҕурдааҕыттан, талааннааҕыттан тутулуга суох барыларын хабар, сайыннарар инниттэн, оскуола иһинээҕи тэрээһиннэри элбэтэр ордук.
Ыраахтан олорон
— Дистанционнай үөрэҕи төһө биһирээтиҥ?
— Олох биһирээбэтим. Ааспыт үөрэх дьылыгар коронавирус дьаҥынан сибээстээн, Жатай оскуолата ыраахтан олорон биир даҕаны күн үлэлээбэтэҕэ. Уруоктары тымныы эрэ күннэргэ ыраахтан ыыппыппыт.
Төрөппүттэр, учуутал сорудах ыытта даҕаны күн кыһалҕата суох сытар курдук саныыллар. Сытар бириэмэ да суох, үс хос үлэ. Зуумунан оҕолорго тиийимтиэ, өйдөнүмтүө гына быһаарар инниттэн сорудахтары экраҥҥа көрдөрөн бэлэмнэнии үгүс бириэмэни эрэйэр. Онтон уруокпутун ыытабыт. Аны толорбут дьиэҕэ үлэлэрин куйаар ситиминэн, батсаабынан ыыппыттарын бэрэбиэркэлиибит. Аныгы оҕо буочара мөлтөх, сорохтор хаартыскаҕа мөлтөхтүк түһэрэн ыыталлар… Ол оннугар сүүһүнэн тэтэрээти тутан олорон бэрэбиэркэлээбит ордук. Дистанционнай үөрэҕи үчүгэйдик сайыннардахтарына, кэлин, баҕар, тупсуо. Билиҥҥитэ систиэмэ олохсуйа, ситэ сайда илик. Былырыын кэргэним куорат оскуолатыгар үлэлииригэр 600 үөрэнээччилээҕэ. Ити оҕолор үлэлэрин барытын бассаабынан бэрэбиэркэлиэх диэтэххэ, уустук үлэ буолбатах дуо? Түүннэри олорон бэрэбиэркэлиирэ.
БКЭ — олохсуйда
— Биир кэлим эксээмэни, сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни хайдах дии саныыгын?
— Киирбитэ ыраатта, номнуо олохсуйда. Үөрэнээччи билиитин бэрэбиэркэлиир, хонтуруоллуур көрүҥнэртэн биирдэстэрэ. Оскуоланы бүтэрэрбэр бэйэм нуучча тылын, литэрэтиирэтин ситиһиилээхтик туттарбытым. Эксээмэн диэн куттаммыппын, долгуйбуппун олох өйдөөбөппүн. Билигин төрөппүт оҕотун аһынан, төттөрүтүн бэйэтэ долгуйар буолан ону оҕотугар тиэрдэр, сорох учууталлар куттууллар быһыылаах. Дьиҥэр, сорудаҕа барыта үөрэх бырагырааматыттан бэриллэр.
Эбээн Бытантайга үлэлии тиийбит сылбар 11-с кылаастары үөрэппитим. Ол кылааска нуучча тылыгар мин ахсыс учуутал этим. Ол курдук элбэхтик уларыйбыттар. Институттан (ИРОиПК) уопуттаах мэтэдиис Варвара Аммосова тиийэн куурус ыыппыта. Кини мэтиэдикэтинэн бэлэмнээн, биир даҕаны иккитэ суох, оҕолор 60-70 бырыһыан хаачыстыбаҕа туттарбыттара.
Алдаҥҥа икки сыл литэрэтиирэни үөрэппитим, үс кыыс туттаран үһүөн филологическай үөрэххэ киирбиттэрэ.
Сүрүн үлэ уонна эбии дьарык
— Диана Михайловна, сүрүн үлэҥ таһынан эбии дьарыктааххын. Барытын хайдах дьүөрэлиигин?
— Үлэм таһынан дьарыгым элбэх. “Планета успеха” репетиторскай кииннээхпин. Улуустан көһөн кэлэн баран 2019 сыллаахха оҕолонон олорор кэммэр бэлэм биисинэһи атыылаһан ылбыппыт, билигин үс филиаллаахпыт.
Ону таһынан, дьиэҕэ олорор кэммэр интэриниэтинэн үлэ көрдөммүтүм. Биирдиилээн дьону, экспиэртэри, онлайн-оскуолалары, куурустары куйаар ситимигэр өрө таһаарабын (СММ). Билигин өйдөөтөхпүнэ, эбии дьарыкпыт кыаҕын оскуолаҕа үлэлээбэккэ олорор бириэмэбэр ылбыт эбиппит. СММ баһылыырга икки сыл курдук үөрэммитим. Инстаграмҥа тиэкиһи аҕыйах мүнүүтэнэн суруйан биэриэхпин сөп.
Эбии дохуоттаах олус үчүгэй эбит. Оскуолам хамнаһа үлэм таһынааҕы дьарыкпыттан киирэр харчыттан кыра. Ол иһин оскуолаттан уурайыахпын баҕарбытым эрээри, дьиэҕэ олорон үлэлээһин тыыммын-быарбын хаайар, оскуолаҕа күн ахсын үөрэ-көтө барабын, оҕолору хамнас туһугар эрэ үөрэппэппин. “Ханна барыахпытый, биһигини ким, ханнык үлэҕэ ылыаҕай, ол иһин үлэлиирбитигэр тиийэбит”, – диэн этии киһи өйүгэр баппат быһыы. Ити курдук санаалаах оскуолаҕа кэлбит учуутал оҕону хайдах үөрэтиэҕэй? Хамнас туһугар кыһалҕаттан үөрэтэр курдук буолар. Бу курдук толкуйдаах учуутал абырыырынааҕар, төттөрүтүн алдьатара үгүс буолуон сөп.
— Cиһилии кэпсээниҥ иһин махтал. Ситиһиилэри.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru