Кини аатынан, талааныгар сүгүрүйэр эдэр ийэлэр кыыс оҕолорун Анегина диэн ааттыыллар. Кэскиллээх эдэр ырыаһыттар кини аатынан истипиэндьийэ тутан, үөрэллэр. Уһук Илиҥҥэ билигин соҕотох ССРС норуодунай артыыската, музыкальнай Арассыыйа “Легенда” бириэмийэтин лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах олохтооҕо, чахчы да номоххо киирбит айдарыылаах ырыаһыт Анегина Егоровна Ильина-Дмитриева — бүгүн биһиги ыалдьыппыт.
edersaas.ru
“Аҕам фроҥҥа барарыгар саҥа төрөөбүт оҕо хаалбыппын…”
— Анегина Егоровна, билигин үгүс дьон урукку тутулу – сэбиэскэйи кириитикэлиир, куһаҕаннык олорбуппут диир, сорох буоллар, төттөрүтүн, ааспыты ахтан тахсар… Оттон эн санааҥ хайдаҕый? Урукку олохтон тугу эмэ төттөрү аҕалыаххын баҕараҕын дуо?
— Биһиги бүгүн бэлиэ күҥҥэ кэпсэтэ олорор эбиппит, Ленин төрөөбүт күнүгэр… Оттон мин ааспыт үйэ, ааспыт кэм ыччата буоллаҕым – октябренок, пионер, хомсомуол, хомуньуус – барыта баара! Тыйаатырбар кэккэ сылларга маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэ сэкирэтээрэ этим. Репертуарыттан саҕалаан, араас боппуруостары барытын быһаарарбыт. Оччоттон баччаҕа диэри тыйаатырбытыгар үлэ, сайдыы күүскэ барбыта, барар… Ол, тыйаатыр аата да уларыйа турбутугар эмиэ көстөр. Биһиги кэлэктииппит – Суорун Омоллоон аатынан судаарыстыбаннай Опера уонна балет тыйаатырын айар куттаах, талааннаах артыыстара Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга таҕыстылар. Мин уруккуну тоҕо кириитикэлиэхпиний – олорбут олоҕум буоллаҕа! Сэрии сылларын оҕотобун. Аҕам фроҥҥа барарыгар, 1943 сыллаахха, саҥа төрөөбүт оҕо хаалбыппын. Анегина диэн аҕам бэйэтэ ааттаабыт – Анна уонна Егор Ильиннэр диэнтэн таһаарбыт. Мин иннибинэ биир кыыс оҕо төрөөн баран, төннүбүт этэ. Киниэхэ аҕам Фронталина диэн ааты биэрбит. Сэрии саҕаланыыта буоллаҕа. Үөрэхтээх, учуутал киһи, оҕолоругар итинник ааттары бэйэтэ толкуйдаабыт. Ийэм наар, “аҕабыт кэллэҕинэ…”, диэн санаатын бөҕөргөтүнээхтиир эбит, билигин санаатахха. Биһиги аҕаларбыт патриот буоланнар, сэриигэ кыайбыттара. 1946 сыллаахха фронтан, кыайыы көтөллөнөн, “Кыһыл Сулус” уордьаннаах, элбэх бойобуой мэтээллэрдээх тиийэн кэлбитигэр, аҕабын саҥа көрбүтүм… Сэрии кэнниттэн утуу-субуу төрөөбүт 6 быраатым ССРС араас куораттарыгар үрдүк үөрэҕи ылан, үлэлээн-хамсаан, билигин бары ыал аҕалара, эһээлэрэ, хос эһээлэрэ буолан олороллор.
Ити эн ыйыттыҥ дии — урукку олохтон тугу эмэ төттөрү аҕалыаххын баҕараҕын дуо, диэн… Урут доҕордоһуу күүстээх этэ. Дьон икки ардыгар. Омуктар икки ардыларыгар. Интернационализм – идеология этэ. Доҕордоһуу урукку курдук өрө тутуллуон баҕарабын. Билигин эйэлээх олох. Ол гынан баран, аан дойдуга туох буола турарын истэбит-билэбит. Ити барыта киһи ис туругар дьайар буоллаҕа. Оннук олоробут…
90-старга духуобунас сөргүтүллүбүтэ
— Оттон, этэргэ дылы, “лихие 90-е” диир кэммититтэн өйдөбүл хайдаҕый?
— Ити кэм биһиэхэ, хата, салалтабыт үчүгэй буолан, суулларыы буолбатах – сайдыы, култуура, духуобунас сөргүтүллэр кэмэ, олох күөстүү оргуйар кэмэ этэ дии саныыбын. Ити тэтими ыһыктыбатах киһи!
— Эн бэйэҥ тыйаатыргар сыһыаныҥ…
— Уопсайынан, “Искусство не терпит суеты”, — дииллэрэ сөп. Өскөтүн тыйаатырга, кэлэктиипкэ биир санааланыы суох буоллаҕына – туох да искусствота хоммот-өрөөбөт буоллаҕа! Биллэн турар, хайа баҕарар кэлэктиипкэ кыралаан киҥир-хаҥыр кэпсэтии ханна барыай, ол эрээри, мин эрэнэбин, улахан киирсии суох. Мин элбэх дириэктэргэ үлэлээтим. Бука бары, хас биирдиилэрэ, тыйаатырга бэриниилээх дьон. Барыларын ылынабын. Тоҕо диэтэххэ, тыйаатыр диэн — бэйэтэ ураты, ханна да суох дьикти куттаах-сүрдээх, кэрэ эйгэ. Тыйаатыры сөбүлээбэт, таптаабат буолуохха сатаммат.
Туох да кистэлэҥ суох!
— Эйигин бу соторутааҕыта, үбүлүөйдээх кэнсиэргэр ыллыыргын истибит дьон, куолаһыҥ кыратык даҕаны уларыйбатын үөрэ, сөҕө бэлиэтииллэр… Баһаалыста эт эрэ – опернай ырыаһыт дьылҕата туохтан тутулуктааҕый, уонна мэлдьи “формаҕа сылдьыытын” кистэлэҥэ туохханый?
— Итиннэ мин туох да “Эмиэрикэтин арыйбаппын” — үлэттэн барыта тутулуктаах. Эн төһө да талааннаах буол — барытын үлэ эрэ быһаарар. Мин 75 сааспын туоллум, кистээбэппин. 40-ча опернай партияны толордум. Биһиги классическай искусство дьонобут. Преемственность – утумнааһын баар. Тыйаатырым меццо-сопранолара — Нина Чигирева, Айталина Адамова, Анастасия Мухина, Людмила Кузьмина, Зинаида Колодезникова, Екатерина Корякина., эдэрдэр элбэхтэр. Бу үбүлүөйбэр миигин эҕэрдэлээн, “меццо-сопраноларым”, ким Дьокуускайга баар бука бары кэлэн, өрө көтөҕүллэн туран, мин репертуарбыттан Любаша, Ольга, Туйаарыма Куо…. онтон да атын ариялары ыллаабыттарыттан олус үөрдүм, долгуйдум. Биһиги чаҕылхай хорбут баар. Сопрано Анегина Дьяконова кытынна, оҕото ырыаһыт буолуон баҕаран, ийэтэ мин ааппын биэрбит… Үөрэнээччилэрим икки Мария — Мария Иванова-Михайлова – меццо-сопрано, Туйаарыма Куо ариятын толордо уонна Мария Иванова-Шапошникова, сопрано, кэнсиэргэ кытынна. Розина Каватинатын Анастасия Мухина ыллаата. Айталиналыын иккиэн Хабанераны толордубут. Олус үчүгэй. Мин билигин күн аайы ыллаабаппын. Туох даҕаны кистэлэҥ эмиэ суох – Айылҕабынан уонна үөрэппит педагогтарым оскуолаларынан ыллыырым буолуохтаах. Онон, бу сааһыран олорон көрдөхпүнэ, айар үлэм дьылҕатынан, дьоллоохпун дии саныыбын.
Дьиэ кэргэн
— Кэргэмминиин Петр Никифоровичтыын ыал буолбуппут 45 сылын томточчу туолла. Аны, быйыл иккиэн үбүлүөйдээх сылбыт. Кини бэс ыйын 4 күнүгэр 80 сааһын туолар. Петр Никифорович, өссө ааспыт үйэ 70-с сылларыттан, олоҥхону букатын сэҥээрбэт кэмнэриттэн, утумнаахтык үлэлээн кэллэҕэ. Нам улууһун олоҥхоһута Прокопий Ядрихинскай-Бэдьээлэ олоҥхотун тыыннааҕар суруйбут кини. Мэҥэттэн Николай Степанов-Ноорой “Күн Эрили” олоҥхотун таһаартарбыта. “Саха Боотурдара” серияҕа эппиэттиир эрэдээктэр, редколлегия чилиэнэ этэ. Чурапчыттан Константин Федоров – Көскөйө Көстөкүүн “Күн Тэгиэримэ” олоҥхотун суруйбута. Итинник, ааҕа туруохха сөп….
— Петр Никифорович үбүлүөйүгэр бэлэмнэнии хайдах баран иһэрий?
— Дойдутугар, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгэр бу соторутааҕыта Петр Никифорович Дмитриев-Туутук ааҕыылара буолла. Онно сиэнэ Петр Кулаковскай, кыыспыт Сардаана Петровна кыттыыны ылан кэллилэр. Бастыҥ ааҕааччыларга дьиэ кэргэн аатыттан анал бириистэри туттардылар. Манна Дьокуускайга, оҕо уһуйааннарыгар Туутук айымньыларынан бэстибээл-куонкурус бэрт көхтөөхтүк ыытыллыбыта. Мин дойдубар Үөһээ Бүлүү Намыгар эмиэ Петр Дмитриев-Туутук 80 сааһын көрсө, тэрээһин ыытар былааннаахтар. Биһиги, дьиэ кэргэнэ, кини оҕолорго айымньыларын барытын түмэр саҥа кинигэ бэлэмнии сылдьабыт. Кыыспыт, тыйаатыр худуоһунньуга Дария Дмитриева көмөтө-сүбэтэ үгүс. Кэргэммин — аҕабытын, эһэбитин, ыалдьан олорор киһини, бары бииргэ, көмөлөөн, санаатын көтөҕөбүт, онно оҕолор, сиэннэр, хос сиэннэр бары кытталлар.
— Ыра санааҥ, бүччүм баҕа санааҥ тугуй, Анегина Егоровна?
— Доруобуйа буоллаҕа! Хайа баҕарар киһиэхэ доруобуйа наада. Уонна мин бүгүн, түгэнинэн туһанан, айар куттаах биир идэлээхтэрбин, махталлаах көрөөччүлэрбин-истээччилэрбин, бар дьоммун бырааһынньыгынан – Өрөспүүбүлүкэбит күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин. Санааҕыт ыраас, чэгиэн буоллун!
Олоҕун олуктара
Ильина-Дмитриева Анегина Егоровна
1943 сыллаахха олунньу 3 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонун Дүллүкү сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.
1970 с. П.И.Чайковскай аатынан Москватааҕы консерватория вокальнай факультетын, аспирантуратын бүтэрбитэ.
1967 с. Прагаҕа (Чехословакия) вокалистар норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарын лауреата, 1968 с. камернай ырыаһыттар куонкурустарын лауреата (Киев к.). 1971 с. – Мюнхеҥҥа (ФРГ) вокалистар норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарын лауреата.
70-с сылларга ССРС Большой тыйаатырыгар стажировкалана сылдьан, 3 испэктээкилигэр кыттыбыта, Н.А.Римскэй-Корсаков “Царская невеста” оператыгар Любаша, Дж. Пуччини “Чио-чио-сан” оператыгар Сузуки партияларын толорбута, Кремллээҕи Сийиэстэр дыбарыастарыгар ыллаабыта.
М.И.Глинка аатынан РФ, П.А.Ойуунускай аатынан, А.Е.Кулаковскай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата,
СӨ бочуоттаах олохтооҕо.
СӨ Духуобунаһын академиятын академига.
1994 сылтан СӨ Муусука Үрдүкү оскуолатын Учуонай сэбиэтин бочуоттаах чилиэнэ, профессор.
Сэмсэ тыл
Прокопий НЕУСТРОЕВ, Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын кылаабынай режиссера, СӨ үтүөлээх артыыһа:
— Анегина Ильина – саха музыкальнай, опернай искусствотын сайдыытыгар биир саамай бөдөҥ кылааты киллэрбит чаҕылхай талааннаах киһибит. Мин кинилиин 50-ча сыл бииргэ үлэлээбиппинэн киэн туттабын. Солист быһыытынан хас да операҕа бииргэ ыллаабыппын дьолбунан ааҕабын. Анегина Егоровна сахалыы да, нууччалыы да, омуктуу да партиялары толорууга билиҥҥи да, кэлэр да көлүөнэлэргэ холобур туттар улуу ырыаһыппыт буолар. Опернай эрэ ырыаһыт буолбатах, ону тэҥэ концертнай репертуара муҥура суох баай уонна киэҥ.
Татьяна МАРКОВА, edersaas.ru