Дьиҥнээхтии баар буола сылдьыбыттара дуо?
Былыыр-былыр Саха сиригэр төбөтүттэн атаҕар диэри бар түү, икки-үс саһаан (2-3 м) үрдүктээх, эбисийээнэҕэ майгынныыр дьиикэй дьон олоро сылдьыбыттар диэн номоххо, үһүйээҥҥэ кэпсэнэр. Кинилэри чучунаа диэн ааттыыллар.
Дьиибэтэ диэн, маннык харамайдар аан дойду араас муннуктарыгар бэйэлэрин суолларын хаалларбыттар: Тибеккэ – йети, Канадаҕа – бигфуд, Гималайга – кангми, Кытайга – йерен, тоҥустарга — мюлен… Нууччалар “снежный человек” диэн ааттыыллар. Бары майгыннаһаллар.
Кинилэр икки атахтаах үктэммэтэх түҥ тыаларыгар, үрдүк хайаларыгар ордууланаллар. Булчуттар сороҕор кинилэр хаалларбыт суолларын көрөллөр: киһи тилэҕиттэн икки төгүл улахан буолар үһү. Сүүсчэкэ сыллааҕыта маннык харамайдары сороҕор көрөллөрө үһү… Лох-Несс күөл “абааһытын” кытта тэҥҥэ ХХ үйэ таайыллыбатах таабырына буолбут харамайдар кимнээхтэрий?
Чучунаа диэн кимий?
Үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, чучунаа ордук хоту улуустарга – хайалаах сирдэргэ баар буолар эбит. Киһи кыайан тиийбэт сиригэр – хайа үрдүгэр хаспахха ордууланар. Кыыл диэҕи кыыл буолбатах, киһи диэҕи киһи буолбатах. Ол эрээри, ити омуктарга баар йети, бигфут курдук “аймахтарынааҕар” киһиэхэ ордук маарынныыр.
Чучунаа бэйэтэ түүтэ суох, тымныыттан харыстанаары, улахан кыылы, тайаҕы өлөрөн баран, тириитин сиикэйдии кэтэн кэбиһэр. Ол тирии хатарыгар кини тириитигэр ыбылы сыстан хаалар. Хамсанарга табыгастаах буоллун диэн, тоҥоноҕун, тобугун диэки быһаҕынан быһа сотон, хайаҕастары оҥорор. Улаатан истэҕин аайы, эбэтэр тириитэ эргэрдэҕинэ, саралаан ылара олус уустук эбит. Ол иһин ууга киирэн инчэтэн баран, быһаҕынан, эбэтэр этэ хааннырыар диэри кырыылаах тааһынан кыһыйан ылар үһү.
Бултууругар кыыллары тааһынан быраҕаттаан өлөрөр. Сороҕор үҥүүлээх, быһахтаах, ох саалаах диэн кэпсэнэр. Бу кини булчут эбэҥкини өлөрөн баран, былдьаабыт буолуон сөп.
Чучунаабыт икки саһаан үрдүктээх, буур тайаҕы сырсан ситэр быһый, эһэни кытта кыһыл илиитинэн хапсан кыайар күүстээх. Онон аччыктыыр диэни соччо билбэт. Булдун сиикэйдии тырыта тыытан сиир. Моһуоктаары гыннаҕына, иһиирэн сырылатар. Баттаҕа, бытыга наһаа уһаары гыннаҕына, бириитибэ курдук сытыы таас кырыытынан элийэн быһар. Сирэйэ киһиэхэ майгынныыр эрээри, салгын сиэн олус хараарбыт.
Олохтоох омуктар кини туһунан бэркэ билэллэр эрээри, “хайа иччитэ” диэн ааттыыллар, сибээстэһиэхтэрин, кэпсиэхтэрин да баҕарбаттар. Урут өлөрдөхтөрүнэ да, аньыырҕаан, кимиэхэ да кэпсээбэккэ харайан кэбиһэллэрэ үһү.
“Чучунаа уонна Суланньа”
Суруйааччы Николай Абыйчанин “Чучунаа уонна Суланньа” диэн бэртээхэй айымньыны суруйан хаалларбыта. Кини бу сэһэнин үһүйээннэргэ олоҕуран суруйбут буолуохтаах. Манна чучунаа эбээн кыыһын Суланньаны уоран ылан, ойох оҥосторун туһунан кэпсэнэр. Булчут уонна табаһыт, хоһуун кыыс Суланньа бастаан кинини өлөрө сатыыр, куотан да көрөр. Ол эрээри, кэнникинэн алтыһан, чугастыы билсэн истэҕин аайы, чучунааны аһынара күүһүрэр, кэлин өссө таптаһаллар… Бу чучунаабыт киһилии амарах, көнө майгылаах буолан биэрэр, арай, саҥарбат эрэ.
Кини ийэтин – эмиэ эбээн кыыһын чучунаа аҕата уоран ойох оҥостубут. Ол иһин киһилии майгылаах эбит. Ол эрээри кыратыгар ийэтэ өлөн, аҕатын кытта бултаан аһаан, кыыл курдук олорбуттар. Онон бу сэһэҥҥэ чучунаалар чугастыы биистэртэн кыргыттары, дьахталары уоран ойох оҥостор үгэстэрэ ырылхайдык кэпсэнэр.
Сэһэҥҥэ чучунаа биир булчуттуун доҕордоһоро эмиэ суруллар. Сэһэн булчут аатыттан кэпсэнэр. Бастаан хайдах көрсүбүттэрэ, чучунаа хайдах моһуоктаабыта, сыыйа чугасаһан барбыттара, онтон ыкса доҕордоспуттара сиһилии, бэрт судургутук, өйдөнүмтүө гына ойууланар. Доҕоро хайа үрдүгэр хаспахха кыстыырын, онно таас сандалы, олоппостор, күҥҥэ чаҕылыйа оонньуур сымыыт саҕа таастар баалларын туһунан кэпсиир.
Сэһэҥҥэ хоту дойдуга сүүсчэкэ сыллааҕыта олохтоох омуктар олохторун-дьаһахтарын укулаата бэрт кэрэхсэбиллээхтик кэпсэнэр. Киһини умсугутар, өйүн-санаатын күүрдэр, олус интэриэһинэй, ону тэҥэ аһыныгас буолууну, киһилии быһыыны иҥэрэр бэртээхэй айымньы. Оҕо сылдьан умсугуйан, түүннэри аахпыппын билиҥҥэ диэри өйдүүбүн. Билигин да хос ааҕыам этэ, ону былыргы илдьирийбит кинигэни булар уустук. Хата В. Федоров нууччалыы тылбаастаан, 1992 сыллаахха Дьокуускайдааҕы кинигэ издательствота “Чучуна и Суланя, или Повесть о «снежном» человеке” диэн кинигэни таһаарбыт эбит. Бу кинигэ электроннай көрүҥэ анал сайтарга атыыланар эбит.
Онон билигин “Бичик” кинигэ кыһата “Чучунаа уонна Суланньа” сэһэни хос бэчээттээн таһаарара буоллар, үгүс ааҕааччыга кэрэхсэтиэ, биһирэтиэ этэ.
Палеоазиат дуу, күрүөйэх чукча дуу?
И.С.Гурвич “Таинственный чучуна. История одного этнографического поиска” диэн кинигэтигэр чучунаа суолун хайбыта, чинчийбитэ. Учуонай Семен Николаев кинилэри “Сибиир саамай былыргы палеоазиата” диэн ааттыыр эбит. Ол эбэтэр неандерталецтан саҕалаан сайдыбакка, туора лабаа курдук туспа баран, ситэ киһитийбэккэ хаалбыт көрүҥ.
Урут киһи тиийбэт сирдэригэр бу көрүҥ бэрэстэбиитэллэрэ син бултаан-алтаан, тыыннаах ордон олорбуттар. Онтон киһи-аймах элбээн, булт да аҕыйаан, палеоазиаттар сылдьар-олорор сирдэрин былдьаппыттар, үгүстэрэ дьону кытта киирсиилэргэ өлбүттэр диэн сабаҕалааһын баар.
20-с сылларга этнограф А.Местников биир булчут кэпсээнин суруйбута баар. Булчут тайҕаҕа таба тириитин кэппит, бар түү киһи киниэхэ саба түспүтүн, саанан ытан өлөрбүтүн туһунан кэпсээбит. Бу харамай көрүҥэ ынырыга бэрдиттэн, булчут харайбакка эрэ, куоппут.
1929 сыл муус устар 26 күнүгэр “Автономная Якутия” хаһыакка “чучунаа” диэн ыстатыйа тахсыбыта. Ыстатыйаҕа өрөбөлүүссүйэ иннинэ хотугу оройуоннарга “дьиикэй норуот” олорор диэн үһүйээн туһунан суруллар. Дьааҥы, Эдьигээн оройуоннарыгар чучунааны көрбүт, ытыаласпыт дьон баара кэпсэнэр. Икки чучунааны саанан ытан өлөрбүттэрэ бэлиэтэнэр.
1933 сыллаахха “Будущая Сибирь” сурунаал 6-с №-гэр П.Драверт “Дикие люди мюлены и чучуна” диэн ыстатыйата бэчээттэммитэ. Кини Сибиир хотугулуу-илин өттүгэр мүлүөн уонна чучунаа диэн “дьиикэй дьон” баалларын туһунан суруйар. Ордук, Айаан, Дьугдьуур хайатын диэки олорор дьон кинилэртэн куттаналлар эбит. Табалары уораллар, дьоҥҥо саба түһэн өлөртүүллэрин иһин, булчуттар анаан тэринэн тахсан, бултаһаллар, кыргыһаллар эбит. Онон 1913 сыллаахха бүтэһик “мүлүөн” өлөрүлүннэ диэн буолбут. Арай 50-с сылларга Адыаччыга “чучунааны көрбүттэр” диэн кэпсээн тарҕана сылдьыбыта.
Русскай Устье сэлиэнньэтин олохтоохторо урут “сендушный” диэн (“сендуха” – туундара диэн тылтан) туундара иччитэ баар диэн итэҕэйллэр эбит. Бу баҕайы эмиэ дьахталлары уорар, эр дьону өлөртүүр идэлээх эбит. Русскай Устьеҕа уонна Аллайыахаҕа Чукоткаттан кэлэр “куһаҕан чукчалар” тустарынан кэпсииллэр. Чукчалар муораҕа бултуу сырыттахтарына, буурҕа түһэн, муустарын аһаҕас муораҕа илдьэн кэбиһэр. Оччоҕо кинилэр дойдуларыгар төннөр бырааптара суох – “муораҕа барбыт – өлөр” диэн итэҕэллээхтэр эбит. Ол иһин ойдом хаалбыт чукчалар тыыннаах хаалар туһуттан, атын биистэргэ саба түһэллэр, халыыллар, өлөртүүллэр, ойох көрдүүллэр, устунан дьиикэй олоххо үөрэнэн хаалаллар эбит.
И.Худяков “Краткое описание Верхоянского округа” кинигэтигэр Эдьигээҥҥэ, Чыыстайга аҕыйах ахсааннаах “хучана” (тоҥустуу “күрүөйэх”) диэн ааттанар дьиикэй дьон баалларын туһунан суруллар.
Түмүккэ
Кэнники кэмҥэ чучунааны көрбүт-истибит киһи суох. Бэстилиэнэй чучунаа бэйэтин кытары улуу кистэлэҥин илдьэ бардаҕа… Кини кыыллыйбыт киһи дуу, сүүһүнэн тыһыынча сылларга киһи таһымыгар тиийэ сайдыбакка хаалбыт харамай дуу? Билигин кэлэн, ким билиэй? Айылҕабыт төһөлөөх кистэлэҥи кистээн сылдьара буолуой? Ол эрээри, ким эрэ анаан үөрэттэҕинэ, чинчийдэҕинэ, тугу эмит ыйдаҥардыан сөбө эбитэ дуу… Дьиҥинэн, түҥ былыргы кэм буолбатах, дьон ахтыытын, үһүйээннэри суруйан да хаалларбыт буолуохтаахтар. Онон, баҕар, хаһан эмит чучунаа кистэлэҥэ арыллыаҕа…
Ангелина ВАСИЛЬЕВА