Дьиҥнээх булчут

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Булчут күнүнэн Уус Алдантан Полина-Победа хоһоонунан эҕэрдэтин ыытта. Ааҕыҥ, сэргээҥ.

ДЬИҤНЭЭХ БУЛЧУТ

Булчут сиэмэх буолбатах
Дьиэ кэргэнин хааччыйар,
Тулуур, дьулуур, мындыр өй
Мээнэ киһи буолбатах.

Киһи эрэ барыта,
Тыаны эрэ кэрийбит
Булчут дэнэр кыаҕа суох —
Дьоҕур наада ураты.

Тоҥуу хаарга хас суолу
Кинигэлии ааҕары
Сатыаҥ суоҕа отойун —
Үрдүк үөрэх да кыайбат.

Дьиҥнээх булчут ойуурга
Бэйэтэ биир учуонай,
Сиэри-туому тутуһан
Айылҕалыын алтыһар.

Булчут дьоннор баар буолан
Туораатаҕа өбүгэм
Уоттаах сэрии сут кэмин,
Тирээн кэлбит иэдээни.

Убаастыыбын ол иһин,
Сыаналыыбын булчуту
Өлөр-тиллэр диэн тугун
Билэр кини этинэн.

«Булчут сиэмэх» өйдөбүл
Отой сыыһа өйдөбүл,
Дьиҥнээх булчут олоххо
Дьоруой тэҥэ суолтата.

Полина-Победа,
Уус-Алдан

Уруһуй: pinterest.ru ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0