Дэриэтинньик айана

Ааптар:  Семен ЗАХАРОВ
23.05.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Таатта үрэх куулатыгар Сиэллээх нэһилиэгин Көрдүгэн алааһынааҕы Семен Сивцев сайылыгар олордохпутуна, окко көһүөх иннинэ, биир сарсыарда эмэҕирэн сууллара чугаһаабыт муус угуллубут умуһахтаах ампаарга кырдьаҕас оҕонньорун (хос аата Тоҕустаах) кытта атахтаһа сытан Баадар эмээхсин (Сивцев ийэтэ) күн тахсыыта туран ампаарыттан тахсан, үс мастаах үүт күрүө таһыгар, ыкса, чохчойон олордоҕуна, арҕаа арыы тыа саҕатынааҕы, былыргы үйэтээҕиттэн ыла үөскээбит, элбэх киһи уҥуохтаах тумул халдьаайы диэкиттэн, кирдээх ис бороҥсуйбут баккытынан, ырбаахытынан, хара хомуһуолун хаҥас санныгар бүк быраҕынан, өрдөөҕүтэ Чөркөөх балыыһатыгар (23 км ыраах) тыҥатынан уонна куртаҕынан ыараханнык ыалдьан өлбүт, уруккута хомуньуус, ревком чилиэнэ Бассов Д., уҥуох-тирии, куп-кубархай буолан аҥаар хараҕынан көрөн, күрүө тас өттүнэн, быар куустан баран, аргыый аҕайдык хааман иһэрин, эмээхсин көрө түһээт билэн, хаһыыра түспүт: “Һуу, күтүр өстөөх, кими сиэригин баран иһэҕиний?” – диэбитигэр дьигис да гынан хайыһан көрбөккө бара турбут.

Ол курдук, уһун Көрдүгэн алааһын суолунан, тыа ортотугар улахан дириҥ күөллээх сиһи туораан, Ардьаах сайылыгын ыалларын ортотунан, хас да алаастары, арыы тыалары туораталаан, Дьиэбэгэнэ сайылыгын ыалларыттан биир кырдьаҕас оҕонньор көрөн хаалбыт.

Баадар эмээхсин сарсыардааҥҥы чэйин иһэ олорон, дьоннорго, өрдөөҕүтэ өлбүт Бассов оҕонньор дэриэтинньик буолан, бу сарсыарда күн тахсыыта биһиги күрүөбүт тас өттүнэн кэлэн, Ардьаахтыыр суолунан ааһа турбутун сиһилии кэпсээбитэ. Эмээхсин төрөппүт уола былыргылыы, аныгылыы кыра үөрэхтээх Семен Сивцев ийэтин кэпсээнин истэн баран өрө тыыммыта уонна кылгастык тойон­нообута:
– Бассов Д. мин үөлээннээҕим этэ, ол киһи Чөркөөх балыыһатыгар уһуннук ыараханнык ыалдьан өлбүтэ хас да сыл буолла. Кэргэнэ, оҕолоро Чөркөөххө олороллор, ол иһин аҕаларын Таатта үрэҕин үрдүгэр турар таҥара дьиэтин илин өттүнээҕи элбэх киһи уҥуохтаах үрдүк тумулга үчүгэйдик көрөн-истэн уҥуох туппуттара.
Бассов оҕонньор, көр уруккута хомуньуус киһи, абааһыны, таҥараны олох итэҕэйбэт эрээри, дэриэтинньик буолан суос сатыы Чөркөөхтөн, Ойуун ууһунан, Сиэллээх, Дьиэбэгэнэ нэһилиэктэринэн Көрдөрүүлээх Амматыгар айаннаатаҕа, ол аата барыта аҕыс көстөн ордугу биир күн айаннаан хаан-уруу аймахтарыгар бардаҕа, уола Көрдөрүүлээх холкуос бэрэссэдээтэлэ, кэргэннээх, оҕолордоох, онтон да атын элбэх уруулардаах. Дэриэтинньик дьоҥҥо-сэргэҕэ көстө-көстө мээнэҕэ айаннаабат. Ол хаан урууларыгар туох эрэ куһаҕан буоларын биттэнэн, тиэтэйэн, ыксаан бардаҕа, чэ, сотору тугу эрэ истэрбит-билэрбит буолуо, – диэтэ.

Ити күн Көрдөрүүлээх Амматыттан ыҥыыр атынан Д.Е. айаннатан дьигиһитэн, сир ортолоон, Мэлдьэгэй дьаамыгар кэлэн эрдэҕинэ, (Амма-Таатта сиһин оройо) миинэн иһэр ата, туох­тан эрэ сиргэнэн, суолтан туора уонча миэтэрэни ыстанан, тыбыыра-тыбыыра суол диэки төбөтүн чөрөтөн өргөччү көрөн турдаҕына, суол диэки өйдөөн көрбүтэ, өрдөөҕүтэ өлбүт Бассов бокуонньук, кирдээх бороҥ ис таҥаһынан, хара хомуһуолун хаҥас санныгар быраҕынан, сатыы суол устун Көрдөрүүлээх Амматыгар баран иһэрин көрөн, олус диэн муодарҕаабыт. Уруккута хомуньуус бэрдэ, өссө ревком чилиэнэ, илэ дэриэтинньик буолар эбит дуу? Туох эрэ куһаҕаҥҥа айаннаатаҕа, – дии санаат, сүүрдүү быластаах кэлиинэн Дьиэбэгэнэ, Ардьаах, Көрдүгэн сайылыктарын ыалыгар чэйдии-чэйдии үс төгүл үлүннэрэн, кэпсээн-ипсээн, ыһан-тоҕон кээспитэ. Баадар эмээхсин күн тахсыыта көрбүтэ кырдьык буолан тахсыбыт.

Өр-өтөр буолбакка, дэриэ­тинньик айанын кэнниттэн Таатта ыалларыгар араас сурахтар иһиллэн барбыттар, ол курдук, ити күн Көрдөрүүлээх холкуоһа мунньахтыы олордохторуна, түөртүүр ынах саҕана, хон­­туораларын тас аана тыастаах баҕайытык хаахы­наан, биир кэм аһылла-сабылла турбут, мунньаҕы мэһэйдээбит. Аантан чугас ыскамыайкаҕа олорор дьоннор бэркиһээн, ха­­йыһан көрбүттэрэ, аанынан ким да киирбэт, тахсыбат эбит да, ол да үрдүнэн аан тыас­таахтык аһылла-сабылла турбутугар, эдэр дьоннор сырсан кэлэннэр, иһирдьэ-таһырдьа турбуттар, биир киһи таһыттан ааны баттаабытын эһэн кэбиспит. Дьэ ол кэнниттэн муодар­ҕаан көрөн турдахтарына, биир киһи саҥа аллайбыт: “Оҕолоор, ааммыт иччилэммит”, – дэһэн, абааһы көрөн тэйэн биэрбиттэр. Ону көрөн олорон, эр дьоннор кэлэн иһирдьэ-таһыр­дьа киирбиттэригэр-тахсыбыттарыгар, ааннара дьиибэлэммэт, дьиктилэммэт буолбут. Ол киэһэ дэриэбинэ ыаллара тирии бүрүөһүннээх хонтуора аана дьиктилэммитин бары истибиттэрэ, ол сонун Тааттаҕа тиийэ тарҕаммыт.

“Куһаҕан барыта содул­лаах” дииллэрэ кырдьык эбит, бокуонньук дууһата дэриэ­тинньиктээн Тааттаттан Аммаҕа тиийэ тиийбитин кэнниттэн, өр-өтөр буолбакка, эдэр Бассовтар (төрөппүт уола аах) дьоллоох олохторо айгыраан, сор суолланан барбыта. Оҕолоро араас оһоллорго түбэһэн үөскүүр-төрүүр үйэлэрэ өлөн-сүтэн муҥурдаммыта. Кинилэр аҕалара Көрдөрүүлээх холкуос бэрэссэдээтэлэ – Бассов Г.Д. “холкуос оттуур ходуһаларын дьоннор уоран оттууллар” диэн үҥсүүнү бэрэбиэркэлии таарыйа, отчуттары кэрийэ Амма өрүһүнэн кытылларын, оттонор күөллэр ходуһаларын көрө өрө барбыта. Ол сылдьан оскуола завхоһа П. сэбиэт оскуолаҕа көҥүллээбит сирин оттуу сылдьарын көрөн үҥсүү сыыһатын билбитэ. Күнүс тойоннорун көрсүспүттэр, аһылыкка биир иһит арыгыны уос-тиис үллэстибиттэр. Эбиэт кэниттэн бары үлэлэригэр тарҕаспыттар, оттон
Г. ходуһалары көрө-көрө дэриэбинэҕэ төннүбүт буолуохтаах.

Ити күнтэн ыла бэрэссэдээтэллэрэ сүтэн хаалбытын нэһилиэк, холкуос, оро­йуон силиэстийэлиир үлэһиттэрэ хонууну, ууну барытын чинчийэн көрдүү сатаабыттара да, булбатахтара. Икки сылы быһа силиэстийэ баран, түөрт киһини П. (оскуола сопхуоһа), С. (оскуола дириэктэрэ), Г., О. (нэһилиэк киһитэ) барыларын холкуос бэрэссэдээтэлин өлөрбүттэр диэн контрреволюцион­най буруйдарга сууттаан, уһун болдьохторго на­­каастабыл миэрэтин туттан хаайыыга ыыталаабыттарын, хас да сыл устата хаста да ааһынан буруйдара кыайан арыллыбатах – диэн түмүктээн барыларын утуу-субуу босхолообуттара.

Көрдөрүүлээх холкуоһун урукку бэрэссэдээтэлэ сүппүтэ уон иккис сылыгар, Чиибили күөл анны­нааҕы Амма өрүһүн, өссө да күөх оттоох халыҥ иирэтин быыһыгар куобахтыы сылдьан С., К. өрдөөҕүтэ өлбүт киһи өлүгэ тостубут суон талахха төбөтүнэн өндөччү сытарын булан тыллаан, силиэстийэ үлэһиттэрэ судебнай-мэдис­сиинискэй эспэртиисэни ыытаннар, булуллубут өлүк – Г.Д. буоларын, этигэр баас-үүт суоҕун быһаарбыттар.
Кэнники үҥсүү киирбитин иһин, өлүгү иккистээн хос­тоон таһааран суут-медэспэртиисэни ыытан сүһүрүү көрүҥэ көстүбэтэх. Нэһилиэк дьонноро маҥнайгы бэрэссэдээтэллэрин ытыктаан, Г.Д. өлүгүн Көрдүгэн күөлүн атын өттүгэр көмөн өйдөбүнньүктээбиттэрэ.

Түмүкпэр этиэм этэ, дэриэ­тинньик, сибиэн, кэ­­риим, чөчүөккэ уо.д.а. барылара бокуон­ньуктар тыын­наах дууһалара буоларын, аан маҥнай Индия, Тибиэт, Кытай үөрэхтээх бөлүһүөктэрэ бэрт өртөн үөрэтэн суруйбуттарын билигин үгүс омук учуонайдара лабораторнайдык устан билэллэр. Ити дууһалар олоххо көстөллөрүн, биллэллэрин киһи барыта билэр, оннооҕор тапталлаах атыҥ, ытыҥ тыыннаах дууһалара түүл-бит курдук биллэллэр. Онон тыыннаах дууһаттан куттанымаҥ, ол эрээри кинилэри тыытымаҥ, эккирэтимэҥ, куһаҕаны оҥорумаҥ.

1994 сыллаах “Эдэр саас” хаһыаттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0