Бу кэпсээни миэхэ сайын оттуу сылдьан аҕам кэпсээбитэ. Ханна, хаһан буолбутун, ааттарын-суолларын барытын чуолкайдык ааттаабыта эрээри, оччолорго ахсыс эрэ кылааска үөрэнэр дууса, өйбөр тутан хаалбатахпын. Бука, биһигиттэн чугас соҕус буолан ааспыт дьыала буолуон сөп. Дьиҥинэн, олус омуннаах уонна күүркэтиилээх курдук, сымыйа да буолан хаалыан сөпкө дылы. Ол эрээри, “аҕам хаһан да сымыйаны, албыны кэпсээн-сэһэн оҥосто сылдьыбат этэ” диэн санаанан эрэ салайтаран, ол истибиппин тиэрдээри гынабын.
Таарыйа, аҕам ол кэпсээбититтэн өйдөөтөхпүнэ, эдэр дьахтар, ийэ өлөн баран анараа дойдуга тиийдэҕинэ урут өлбүт аймахтара, билэр дьоно көрсөн баран: “Оҕолоргун тусаһаҕа хаалларан кэлбиккин…” – диэн сирэй-харах анньаллара үһү. Оттон аҕа киһи өллөҕүнэ анараа: “Оҕолоргун куобах суорҕаҥҥа быраҕан, хаалларан кэллиҥ”, — диэн кириэтииллэр эбит. Онтон өйдөөтөххө, “анараа дойду олохтоохторо” эр киһини – тусаһаҕа, дьахтары – куобах суорҕаҥҥа холууллар курдук.
Бу быһылаан сэрии бүттэҕин утаатыгар буолбут. Биир ыаллар, кырдьаҕас эмээхсин уонна кини кыыһа, икки оҕото, сэриигэ баран туох да сураҕа-садьыга суох сүтэн хаалбыт киһилэрин күүппүттэр. Чугас эргиннээҕи ыалларга уоттаах сэрии алдьархайыттан мүччү тутттарбыт саллааттар син төннүтэлээн эрэр кэмнэрэ эбит. Эдэр дьахтар кинилэр алаастарыттан чугас олохтоох уруккута ойуун, улахан ичээн аатырар оҕонньору эрин туоһулаһан адьас тулутарыттан аһарбыт. Аҕыйахтыы хоно-хоно тиийэн: “Эрим тыыннаах дуу, өлбүт дуу? Көрүүлэнэн көр эрэ. Эбэтэр хаартыта ууран сэрэбиэйдээн көр. Өлбүт да эбит буоллаҕына, муҥ саатар, түүлбүтүгэр кэлэн кэпсэтэн-ипсэтэн бардын”, — диэн ынньаҕалаппыт. Ол курдук, тохтообокко аалан олус сылаппыта дуу, туох эрэ атын төрүөт баара дуу, биир сарсыарда били ойуун оҕонньордоро бэйэтинэн түөһүллэн киирэн кэлбит. “Эчи, соргут-муҥҥут да бэрт… Киһигит кэлэ сылдьыах буолла. Урут сөбүлүүр аһын-үөлүн барытын бэлэмнээҥ, ол гынан баран билигин ханна баарын, тугу гынарын букатын ыйыталаһымаҥ, аттыгар чугаһаамаҥ. Таарыйаргыт адьас сатаммат! Иэдээн буолуо,” – диэн сэрэппит.
Ол кэнниттэн ыаллар долгуйуу бөҕө буолбуттар. Тыа кэнэн дьоно эрэйдээхтэр: “Ол аата тыыннаах эбит буоллаҕа”, — дии санаабыттар. Төһө эмэ кырыымчык кэм да буолбутун иһин, ысталлаах-амтаннаах ас мунньунар аакка барбыттар. Болдьоммут кэмҥэ, күһүн бастакы сыарҕа хаара түспүтүн кэннэ, арай, киэһэ аҕалара көтөн түспүт. Ону көрөн баран саҕаламмыт үөрүүнү-көтүүнү киһи тылынан хайдах ойуулуой! Балаҕан иһэ биирдэ өрө оргуйа түспүт. Дьиэлээхтэр үөрүү-көтүү бөҕө буолбуттар эрээри, били ойууннарын тылын өйдөөн аҕаларыгар ыкса чугаһаабатахтар. Кырдьык, аны туох эрэ улахан сыстыганнаах ыарыылааҕа эҥин буолуо…
Киэһэ малааһын аһа тоҕо тардыллыбыт. Кырдьаҕас эмээхсин күтүөтэ туттара-хаптара атынын, быһыытын-тутуутун бэркэ атыҥыраабыт. Эдэр дьахтар эрэ уларыйбытын эмиэ тута бэлиэтии көрбүт эрээри, хас эмэ сылы быһа аанньа аһаабакка-утуйбакка, ууга-уокка, сибиниэс ардахха сылдьыбыт киһи ыалдьан, аһааҕыран маннык буоллаҕа диэн судургутук толкуйдаабыт. Ол курдук, остуолга атах тэпсэн кэпсэтэ олордохторуна, арай, кыра уоллара остуол аннынан өйдөппөккө хааман тиийэн аҕатын гимнастеркатын тэллэҕиттэн тутан хастыы тардыбыт. Онно көрө түспүттэрэ, аҕаларын түөһэ барыта курдары тоҕута-хайыта ытыллан, тэлэкэлэнэн туох да бүттэлээх хаалбатах эбит. Барыта аһайа сылдьара үһү. Маннык ынырык баастаах киһи хайдах да тыыннаах сылдьар кыаҕа суоҕа тута өйдөнө түспүт. Дьиэлээхтэр ону көрөөт сарыласпытынан ыстаҥалаһан турбуттар. Дьиэ иһэ тигээйи уйатын тоҕо тарпыт курдук өрө оргуйа, кыынньа түспүт. Уопсайынан, бары да аҕалара буолбакка, илэ дэриэтинньик кэлэн турарын өйдөөбүттэр. Эмээхсин: “Тукаларыа-ам, куота охсуҥ, мин бүөлүөм!” – диэн баран тута ыстанан тиийэн дэриэтинньик дьонугар барар суолун күөйэ илиитин сараппытынан турунан кэбиспит. Дэриэтиньик кыра уолга бара сатаан уунаҥнааһын-сарбаҥнааһын бөҕө буола хаалбыт…
Дьахтар икки уолун кытта балаҕантан ыстаҥалаһан тахсан алаас уҥуоругар барыйан көстөр, түүннэри-күннэри толору дьонноох холкуос бырабылыанньатын уопсай дьиэтин диэки сырсан эрдэхтэринэ, дьиэлэрин иһигэр хапсыһыы-тиниктэһии тыаһа, хаһыы-ыһыы бөҕө буола хаалбыт.
Балай эмэ сүүрбүттэрин кэннэ, кэннилэригэр хаалбыт балаҕаннарын диэкиттэн кыһыл-күөх өҥнөөх холлоҕос саҕа уот тахсан, кинилэр суолларын тиҥсирийэр-хайар быһыынан кэннилэриттэн сырсыбыт. Ол курдук балай эмэ батыспахтаан баран, холкуос уопсайын тиэргэнигэр киирбиттэрин кэннэ сүтэн-уостан хаалбыт.
Бука, ол түүнүгэр буолуо, холкуостаахтар “тиистэригэр диэри сэбилэнэн”, сүгэ-сүлүгэс бөҕө буолан били балаҕаҥҥа тиийэн көрбүттэрэ, эмээхсин эрэйдээх өлөн сытаахтыыра үһү. Оччотооҕу саха ыала эрэйдээх туох баайдаах буолаахтыай, балаҕан туох баар малын-салын дуома барыта: остуола-олоппоһо, иһитэ-хомуоһа барыта күөдэл-таһаан буола ыһыллыбыт…
Кыргыһыы хонуутугар охтон баран хараллыбакка хаалбыт саллаат эрэйдээх ойоҕо олус көрдөһөрүн, көрүөн баҕарарын быһа гыммакка, аһынан кэлэ сылдьыбыта дуу, анараа дойдуга соҕотоҕун олус чуҥкуйан кими эрэ “доҕор гынан” илдьэ бараары гыммыта дуу. Ол эрээри, чугас, күндү дьонун ити курдук абааһы буолан тиийэн аймаабыта дьикти уонна өйдөммөт.
«ВКонтакте» сайт «Иччилээх, абааһылаах кэпсээннэр» бөлөҕүттэн.