Ырыаһыт, аранжировщик (көннөрү тылынан, ырыаны оҥорооччу) Петр Петров — Бүөккэ Бөтүрүөбү билбэт киһи суоҕа буолуо. 90- сыллар саҥаларыгар ураты суоллаах-иистээх Бүөккэ Бөтүрүөп ордук «Дэриэбинэ» диэн ырыатынан саха эстрадатыгар биллэн барбыта.
Ульяна Захарова, «Cаха сирэ» хаһыат, edersaas.ru— Бүөккэ, билигин эстрадаҕа үгүс ырыаһыттары “плюсовканан” ыллыыллар. Манна эн санааҥ?
— 90-с сылларга плюсовка муодата кэлэ сылдьыбыта. Били, биир дьээбэлээх киһи «Киэһэ кулуупка магнитофон истэ кэлээриҥ» диэбиттээх. Ону санаан ардыгар күлээччибин. Оттон тус бэйэм 90-с сыллар бүтүүлэригэр, Бүлүү улууһугар стадиоҥҥа кэнсиэргэ аан бастакыбын (уонна бүтэһикпин) плюсовканан ыллаабытым. Киһи хах курдук тахсан, айаҕын эрэ хамсатарын саҕа куһаҕан суох эбит. Ол кэннэ сиргэ силлээбитим. Ол кэриэтин күөмэйим олорбут да буоллаҕына, бэйэм куоласпынан ыллыаҕым дии санаабытым. Биллэн турар, плюсовканан ыллыыр дьон билигин да бааллар.
— Эн ырыаларгар таптал туһунан үгүстүк баар. Ол эрээри тус олоҕуҥ туһунан үгүс киһи билбэт. Кэргэннээххин, оҕолооххун дуо?
— Тус олохпор тугум да суох буолан иһиллибэт буоллаҕа дии. Кэргэним суох, хаһан даҕаны кэргэннэмэтэҕим. Кыыс оҕолоохпун. Онтум номнуо ыал буолан эһээ буолбутум.
— Ити туһунан аһаҕастык кэпсиэҥ дуо? Оҕоҥ ийэтин кытта тоҕо олоххун холбооботоххунуй? Уопсайынан тапталга итэҕэйэҕиҥ дуо?
— Устудьуоннуу сылдьан билсибит кыыспар оҕолоохпун. Олох уустук. Ааспытын кэннэ тугу этиэмий. Саас туох барыта чаҕылыҥныы тыллар, онтон күһүн кэлэн сэбирдэҕинэн көмүллэрин курдук, иэйиибит үйэтэ суоҕуттан эбитэ дуу… Оҕобун кытта билсэр этим. Ийэтин кытта үөрэххэ туттарса кэлбитигэр көрсүбүппүт. Таптал баарыгар итэҕэйэбин. Бастакы тапталым оскуола кэнниттэн кэлбитэ. Онно анаан «Бастакы тапталтан хомойон» ырыабын суруйбутум. Киһи-киһи араас буолар. Ким эрэ саҥа тапталы түргэнник булар, ким эрэ ону үйэтин тухары сүрэҕэр сөҥөрөн илдьэ сылдьар…
— Арҕаа омуктары үтүктэн кыыстыҥы уолаттар элбээтилэр, оннооҕор атын «ориентациелаах» эр дьон баар дииллэр.
— Ыччат сайдыыга дьулуһан омуктары үтүктэ сылдьан үчүгэйи, куһаҕаны барытын сүһэн ылар идэлэммит. Эдэр ырыаһыттар аранжировка оҥотторо кэлээччилэр. Хайалара күөҕүн дуу, кыһылын дуу араарбаппын. Букатын кыһаммаппын. Эстрадаҕа оннук уолаттар баар да буоллахтарына, билбэппин. Аттыларыгар чүмэчи туппатаҕым.
— Бүөккэ, эстрада эйгэтигэр номнуо бэйэҥ суолгун-иискин булбут киһигин. Ыччаты уһуйар, ырыаҕа сыһыарар киһи диэн ааттыахха сөп дуо?
— Тырахтарыыстыы сылдьан ырыа эйгэтигэр сыстан, ырыаһыт буолбут киһибин. Билиҥи ыччат барыта планшеттааҕын курдук, оччолорго тыа уолаттара бары кэриэтэ гитаралааҕа, онно сатаан оонньуур этибит. Онон тырахтарыыс эйгэтиттэн сыыйа ырыаҕа көспүт киһи кими үөрэтиэмий? Арай 90-с сыллар ортолоругар «Максима» бөлөх кыргыттарын кытта үлэлээбитим. Ону даҕаны «Хаарчаана» диэн клип устан баран, кыргыттар ырыаларын дьон сэргээн, фонограмма, аранжировка оҥорорго көмөлөспүтүм. Билигин Варя Максима бэйэтэ туспа суоллаах, айар үлэлээх ырыаһыт.
— Урут улуустарынан гастроллуу куруук айанныыр буоларыҥ. Сольнай кэнсиэр туруоран, дискэ таһаартаран, айар үлэҥ оргуйан олорор этэ. Билигин эн тускунан туох да иһиллибэт курдук.
— Үлэм сүнньэ студия буолар. Сарсыарда алта чаастан түүн хойукка диэри көмпүүтэр иннигэр олорон үлэлиир киһибин. Урукку кэмнэргэ аһары гастроллаан кэбиспиппин быһыылаах. Сылдьыбатах улууһум уонна нэһилиэгим суоҕун тэҥэ. Арай Тиксиигэ уонна Уус Майаҕа сылдьа иликпин. Улуустарга гастроллуу сылдьан ыалга хонон тыа дьонун түбүгүрдэрбин сөбүлээбэппин. Ардыгар куоракка маҕаһыыҥҥа сырыттахха, биир эмит киһи кэлэн дорооболоһор уонна: «Өйдүүгүн дуо, биһиэхэ хоммутуҥ» дииллэр. Сылдьыбыт сирим элбэх буолан киһи барыларын өйдөөн хаалбатахпын. Маннык түгэҥҥэ олус кыбыстааччыбын, суобаһым оонньоон ылааччы. Барахсаттарыҥ, ырыаһыты былдьаһа-былдьаһа хонноро сатааччылар. Баардарынан-суохтарынан барытынан күндүлүүллэр. Хата, түгэнинэн туһанан гастроллуу сылдьан хоммут ыалларбар барыларыгар “Саха сирин” нөҥүө махталбын тиэрдэбин! Оттон “эн туспунан туох да иһиллибэт” диэҥҥэ хоруйум маннык — ардыгар ыйы ыйдаан олбуорбуттан да тахсыбакка олорооччубун. Атын дьон курдук уулуссаҕа, киэҥ сирдэргэ, ол-бу түүҥҥү кулууптарга сылдьыбаппын. Арай бу соторутааҕыта Уус Алдаҥҥа ыһыахха баран кэллибит.
— Эйигин дьон ордук «Дэриэбинэ» ырыаҕынан билэллэр. Бэйэҕин тыа сиригэр төһө чугаспын дэнэҕиҥ?
— Урут, ийэлээх аҕам тыыннаахтарына, сайын аайы дойдубар тахсар буоларым. Кырдьаҕастар суох буолуохтарыттан хам-түм сылдьабын. Саас, күһүн саха эр киһитин үгэһинэн доҕотторбун кытта кустуубун. Сиргэ-уокка сылдьан сиэри-туому тутуһабын. Хас биирдии саха киһитэ тыа сириттэн силистээх-мутуктаах. Бары дэриэбинэ оҕолоро буоллахпыт.
— Олоххо тутуһар санааҥ.
— Олоххо тутуһар санаам туһунан «Курус ырыаҕа» барыта баар. Олох салгыы баран иһэр. Эрэнэбин, саҥа үүнэр күнү кытта туох эрэ үчүгэй бу олоххо буоларыгар. Ырыа дууһа иэйиитэ, санаа ситимэ буолар. Этиллэр санаам барыта ырыаларбар баар. Бэйиэттэр хоһоонноругар матыып айабын. Ол курдук Наталья Харлампьева, Саргылана Гольдерова, Иван Мигалкин, Геннадий Бечеряков тылларыгар ырыалардаахпын.
— Тугу бырастыы гыммаккыный?
—Албыны. Чугас киһим дии саныы сылдьыбытыҥ албыннаабыт буоллаҕына, ону бырастыы гыммаппын. Уопсайынан, дьон ньылаҥныырын, албыннаһарын олох сөбүлээбэппин. Ньылаҥнас киһи албын буолар.
— Олорбут олоххун эргиллэн көрдөххүнэ, кэмсилгэн санаалар кууһаллар дуо?
— Суох, кэмсиммэппин. Бу олоххо туох барыта бэйэтэ ыйаахтаах, аналлаах кэлэр. Туох буолар барыта үчүгэйгэ дии саныыбын.
Ульяна Захарова, «Cаха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
ОЛОҔУН КЭРЧИКТЭРЭ:
1983 сыллаахха Уус Алдан Бороҕон орто оскуолатын бүтэрбитэ.
1984-1986 сылларга аармыйаҕа сулууспалаабыта.
1988 сыллаахха СГУ нуучча тылын факультетыгар бэлэмнэнии кууруһугар үөрэммитэ. Ити сыл «Дуораан» диэн ырыа бөлөҕүн тэрийсибитэ.
1995 сыллаахха «Дэриэбинэ» клип устан, бастакы альбома күн сирин көрбүтэ.
1998 сыллаахтан «Дуораан-рекордс» студия дириэктэрэ.
СЭМСЭ ТЫЛ.
Яна Байгожаева, суруйааччы, бэйиэт:
– Бүөккэ Бөтүрүөп 90-с сыллар биир чаҕылхай ыччаттара буолар. Ким да көмөтө, өйөбүлэ суох айар үлэтин суолун тэлиммит киһи. Кини айбыт ырыаларын билигин даҕаны дьон салгыбакка истэр, ыллыыр. Тоҕо диэтэр, кини оччотооҕу уустук кэмҥэ ыччат өйүн-санаатын, үтүөҕэ талаһыытын, ханнык да түгэҥҥэ бэйэ бодотун сүтэрбэккэ, киһи-киһинэн хаалыахтааҕын аһаҕастык ыллыыр этэ.[vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=jJRExB5utrA» title=»Бүөккэ Бөтүрүөп «Орто саас« кэнсиэрин көрүҥ:»]