Нерюнгрига «Денисовскай» шахтаҕа хайа боруодата сиҥниитигэр баттаппыт 52 саастаах киһи өлбүт. Кини өлүгүн күнүс 11.30 ч. таһаарбыттар диэн шахта диспетчерскэй сулууспата биллэрдэ.
Санатан эттэххэ, сэтинньи 28 күнүгэр «Колмар» хампаанньалар бөлөхтөрө бас билэр «Денисовскай» шахтатын 230 миэтэрэ дириҥэр хоруобуйа сууллан, шахтер баттаппыт. Саахал тахсар кэмигэр шахтаҕа 55 киһи үлэлии сылдьыбыт. 34 киһи саахал тахсыбыт учаастагар бааллар үһү.
Нерюнгритааҕы байыаннай гарнизон быыһыыр сулууспатын 12-лии киһилээх биригээдэтэ үс сменанан үлэлээтэ.
Бүгүн, сэтинньи 29 күнүгэр, СӨ бырамыысыланнаска миниистирэ Максим Терещенко саахал тахсыбыт «Денисовскай» шахтатыгар тиийэн, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар Нерюнгриттан суһал отчуоттары оҥоруо.
«Денисовскай» шахтаҕа Нерюнгри борокуратуурата бэрэбиэркэ ыыта сылдьар.
Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru