«Демография» национальнай бырайыакка — 7,2 млрд солкуобайы

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр «Демография» национальнай бырайыак олоххо киирэригэр 7,2 млрд солкуобай көрүллүөҕэ. Мантан 4,9 млрд солкуобайа оҕоломмут ыаллары өйүүргэ барыаҕа диэн СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрдэ.

Кини кэпсииринэн, бу сылга «Демография» национальнай бырайыагынан 19 тыһыынчаттан тахса ыал оҕоломмутунан көмөнү туһаммыт. Олор истэригэр 10 тыһыынча ыал бастакы оҕоҕо биир кэмнээх көмөнү, 800-тэн тахса ыал иккис оҕоҕо эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын, 8,7 тыһыынчаттан тахса ыал үһүс оҕоҕо биир кэмнээх көмөнү ылбыт.

Маны таһынан, 82 дьахтар ЭКО процедураны ааспыт. 850 оҕоҕо судаарыстыбаннайа суох оҕо саадыгар эбии миэстэ көрүллэригэр үп көрүллүбүт. 221 саастаах киһини иитэр дьиэ кэргэҥҥэ олохтообуттар. Итиэннэ 17,3 тыһыынчаттан тахса аҕам саастаах киһи медкөрүүнү, диспансеризацияны ааспыт.

Өрөспүүбүлүкэ тохсунньу-кулун тутар ыйдарга РФ эрэгийиэннэригэр оҕо төрөөһүнүгэр сэттис миэстэҕэ, оттон Уһук Илиҥҥэ бастакы миэстэҕэ сылдьар.

Бу сылга «Демография» нацбырайыаганан тоҕус эбийиэк үлэҕэ киирэрэ күүтүллэр: Дьокуускайга, Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа, Уус Алдаҥҥа, Аммаҕа, Тааттаҕа, Намҥа оҕо сааттара уонна Бүлүү Сосновкатыгар 150 миэстэлээх социальнай суолталаах эбийиэк тутуллуохтара.

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата.

СИА хаартыската.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0